Дэлэй оҕуруот астаах буоларга сүбэлиир

Билигин оҕуруот олордор буору бэлэмнээһин үлэтин кэмэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр олорор Матрена, Юрий Павловтар буору оҥорор калифорнийскай кыһыл чиэрбэлэри ииппиттэрэ 24-с сыллара. Үүнээйи олордор кэм чугаһаабытынан Матрена Николаевна уопутуттан үллэстэригэр көрдөстүм. Кини буору кытта үлэлиир киһи үчүгэй үүнээйилээх, дэлэй оҕуруот астаах буолар диэтэ. Чиэрбэни сөпкө туһанар хаһаайыстыбалар үүнээйи үрдүк % ылыахтарын сөбүн билэн Матрена Николаевна айылҕаны кытта үлэлиир учуонайдардыын ыкса ситимнээхтик үлэлиир.

Чиэрбэлэринэн көбүтүллүбүт органическай буор биогумус үүнээйигэ туһата муҥура суох. Маны бэлэмнээһин үлэтиттэн холобурдаан билиһиннэрдэххэ, ынах 1 кг ноһуомугар 1 кг араас кээмэйдээх чиэрбэни уктаххына ый кэриҥинэн биогумус  оҥорон таһаарар. Сүөһү уонна сылгы ноһуомун тэҥ нуормата чиэрбэҕэ саамай табыгастаах субстрат буолар.  Кини сөбүлүүр усулуобуйатын тэрийдэххэ, о.э. сииктээх, сылаас сиргэ туттахха ууһуур-тэнийэр. Чиэрбэ буору көбүтэр, байытар, оҥорон таһаарбыт буора көннөрү компостан хас да төгүл күүстээх уоҕурдуу буолар, ол иһин суурайан туттарга сүбэлиир, атын үүнээйигэ туһалаах иҥэмтэлээх биэсэстибэлэрэ эмиэ элбэх буолар. Сүөһү ноһуомун аҥардастыы тутуннахха үүнээйи ыарыыта элбиир. Ол биричиинэтинэн дьиэ сүөһүтүн буорту буолан эрэр ас, үүнээйи тобохторунан, хортуоппуй хаҕынан, хаппыыста сэбирдэҕинэн аһатыы буолар. Учуонайдар кэтээн көрүүлэринэн патогеннай микробтар сүөһү куртаҕар буспакка ноһуому кытта бааһынаҕа киирэллэр. Онон үүнээйини төттөрүтүн буортулуохха сөп. Органическай төрүттээх тобох улахан бырыһыана дьиэттэн-уоттан тахсар. Дьиҥэр, бу барыта сиргэ төттөрү төннөн сир кунуһун байытыахтаах. Сир  биһиги быстыбат баайбыт буолар, маны сөптөөхтүк бэлэмнээн туһаҕа таһаара, сирбитин байыта туруохтаахпыт. 

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ анал биотехнологияны – вермикултуураны биирдиилээн дьон биһирээн тутталлар. Бу ардах чиэрбэлэрин көмөлөрүнэн уоҕурдуу оҥоруу ньымата.

Бу туһунан Матрена Николаевна наадыйааччыларга хото сүбэлиир. Кини калифорнийскай ардах чиэрбэтин хаһаайыстыбатыгар сылы эргиччи туттар. Бэйэтин тэлгэһэтиттэн тахсар бородууксуйа ыраас,  докумуоннаах. Тыалынан, буурҕанан, үүнээйинэн араас вирус кэлэ турар. Онон бу калифорнийскай ардах чиэрбэтэ оҥорор буорун бэйэтин бааһынаҕа, оҕуруокка туттар наадатын тоһоҕолоон этэр. Дойдубут өлгөм астаах буоллун, киһи-сүөһү туһаннын диэн айылҕа биэрбит харамайын туһанарга сүбэлиир. 

Сиэмэ тахсыытын бэрэбиэркэлиир кэм кэлбитинэн буору бэлэмнииргэ сылаас тэпилииссэлээхтэргэ анаан биогумус, о.э. калифорнийскай чиэрбэ оҥорбут буоругар торфа булкуллубут симиэһэ атыыга баарын этэр. Манна үүнээйититтэн көрөн кумах, эпиилкэ, о.д.а. эбиэххэ сөп. Биогумус битэмиининэн толору баай, хара буортан 10 төгүл күүстээх уоҕурдуу буолар. Манна от сиэмэтэ, паразит суох буолар. Торфа, эргэ эпиилкэ, кумах, таас эмиэ ыраастар. Хара буору (перегнойу) салгыннаах сиргэ таһырдьа хото туттуохха сөп, сиигирдэҕинэ иитиллэн оннун булар. Кырыс сири биогумуһу кытта 1х1 туттар наада, оччоҕо үүнээйи кырса тэҥник сииги ылар, сайдар. Аҥардас хара буорга силис кыайан сыстыбакка сииги көрдөөн адаарыччы үүнэр, курааҥҥа түргэнник хатар. Гумус ситэн истэҕин аайы паразиттар сүтэллэр диир. 

Уһун сылларга калифорнийскай чиэрбэни иитэн үүнүүлээх буору оҥорон улууһун нэһилиэктэригэр тарҕатан кэлбит оҕуруотчут Матрена Павлова ыллыктаах сүбэтигэр махтаныаҕыҥ.

Марелла Баишева.