“Дэгэт Аартык” искибиэр дьону-сэргэни астыннарда

Хотун Төҥүлү сылтан сыл мас, тимир уустарын кэрэ оҥоһуктарынан киэркэйэр.

Төҥүлү бөһүөлэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр урбаанньыт Иван Борисов көҕүлээһининэн балаҕан ыйын 10-14 күннэригэр тимир уустарыгар анаан “Тимир уус-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурус тэриллэн ыытылынна. Тимир уустарын күрэхтэһиитин “ПИК” ХЭУо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Төҥүлү нэһилиэгин дьаһалталара, “Эйгэ” култуура киинэ тэрийдилэр. Тэрээһин норуот маастардара Устин Борисов, Елисей Баишев, Леонид Говоров өйөбүллэринэн, көмөлөрүнэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Манна Дьокуускай Мархатыттан, Сунтаар, Ньурба улуустарыттан уонна улуус нэһилиэктэриттэн барыта 20 уус күөн көрүстэ.

Төҥүлү Эбэ олохтоох уустара былыргыттан илдьэ кэлбит тимир уустарын дьарыгын сөргүтэр. Бастакы күн тимири кытардан, таптайан оҥорууга тимири баһылаабыт маастардар Николай Михайлов, Егор Петров, Алексей Апросимов, Леонид Говоров маастар-кылаас ыыттылар. Иккис күн Төҥүлү тимир оҥоһуктар маастардара олохтоох таас руданы оһоххо уһааран саха болгуо тимирин хостооһунун көрдөрдүлэр. Кинилэр 4 кг үрдүк хаачыстыбалаах ыраас тимири уһааран ылан Иван Борисовка бэлэх ууннулар. Дьэ, ол кэнниттэн күрэхтэһии кыттыылаахтара бэйэлэрин оҥоһуктарын уһаарыыга түһүннүлэр.

«Халыма” федеральнай тыраассаҕа “Уют”, “Нал” кафелар, кондитерскай сыах, бөһүөлэк киинигэр маҕаһыыннар, ырыынактар, аптека үлэлииллэр. Бастакынан тутуллубут “Уют” кафе тула сылаас туалетыттан саҕалаан араас тутуу сыллата эбиллэн оҥоһуллар өҥө элбээн иһэр. Баанньык, таҥас сууйар аптамаат, шиномонтаж, бэкээринэ, ыалдьыт хонон-өрөөн ааһар дьиэтэ, дьоҕус хампаанньаҕа анаан дьоро күнү бэлиэтиир дьиэ тутуллан үлэлииллэр.

Урбаан эйгэтигэр 2001 сылтан олохтоохтук ылсан үлэлиир улуус бочуоттаах мэссэнээтэ, бэпэчиитэлэ, СӨ Бэрэсидьиэнин “Урбаан сайдыытыгар уһулуччу үтүөлэрин иһин”, “Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин” бэлиэлэр хаһаайыннара, улуус, Төҥүлү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Иван Иванович Борисов  сылтан сыл саҥаны олоххо киллэрэн Төҥүлү сиэдэрэй тутууларынан, оҥоһуктарынан тупсар-киэркэйэр. Кини “Мас тойуга” өрөспүүбүлүкэтээҕи мас уустарын күрэһин тэрийэн үс төгүл ыыппыта. Ааспыт сылга саҥа бырайыагын олоххо киллэрэн тимир уустарыгар бастакы куонкуруһун тэрийбитэ. Ити сыл дьон олорон сынньаналларыгар анаан бииртэн биир кэрэ оҥоһуулаах, үйэлээх тимир  ыскамыайкалар турбуттара.

И.И.Борисов айар-тутар дьону сатаан түмэр, тулатыгар кэрэни бэлэхтиир ураты дьоҕурдаах,  мындыр киһи. Айылҕаттан айдарыылаах мас, тимир уустарын көҕүлээн, мунньан, көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктары  элбэх айанньыт тохтоон ааһар сирдэригэр туруорбута олус кэрэхсэбиллээх уонна махталлаах. Манна олохтоохтор, ыалдьыттар анаан көрө, сынньана кэлэн, сөҕөн-махтайан, мэлдьи итии, сибиэһэй, минньигэс астаах “Уют”, “Нал” кафеларыгар олоро түһэн, астына сэһэргэһэн барар сирдэринэн буоллулар. Уустарыгар кини үчүгэй, толору усулуобуйаны тэрийэр. Үрдүттэн хоно сытан баанньыктаналлар, бэлэм тардыллыбыт остуолларга олорон итии, минньигэс ас арааһын аһыыллар, биллиилээх ырыаһыттар кыттыылаах билсиһии киэһэтэ, оонньуу-көр ыытыллар.

Тимир уустара маастар кылаастартан ылбыт сүбэлэрин, бэйэлэрин сатабылларын холбоон, тимири эллээн лыҥкыначчы ыллаттылар, бииртэн биир хатыламмат кэрэ оҥоһуктар кэккэлэрин хаҥаттылар.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Айылгы”  балаҕаҥҥа эстрада ырыаһыттара Сардана Осипова, Николай Васильев-Айтамыл кыттыылаах билсии киэһэтэ тэриллэн ыытылынна. Д.Ф.Ходулов аатынан Майатааҕы норуот айымньытын дьиэтин маассабай тэрээһиннэргэ режиссера Галина Эверстова иилээн-саҕалаан, оонньуу оонньотон, тэрээһин кыттыылаахтарыгар умнуллубат күнү бэлэхтээтэ.

Иккис күн тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын Сиэйэ Уола алгыстаан арыйда, Любовь Баишева иилээн ыытта, Терентий Егоров, Мичиллэй ыллаан-туойан киэргэттилэр. Үһүс күн тимир уустарын куонкуруһун кыттыылаахтарын “Доруобуйа” түмсүү Далбар Хотуттара ырыаҕа ылланар көмүс мөһүүрэ долгуннаах көөчүктүүр балыктаах Төҥүлү Эбэ соботун Гаврил Семенович Петров буһарбыт миининэн күндүлээтилэр. Түмүктүүр төрдүс күҥҥэ тимир уустарын тэрээһинин кыттыылаахтара бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэн, уопуттарын атастаһан, кэрэттэн кэрэтик чочуллубут оҥоһуктары айан-тутан таһааран, чугас эргин суох үчүгэй бэлиэ сири оҥордулар. Ол гынан, куонкурус аата куонкурус буолан, кыайыылаахтар быһаарыллан, сыаналаах бирииһинэн итиэннэ харчынан бириэмийэлэннилэр.

Оһоххо тимири уһаарыыга Елисей Баишев, Леонид Прокопьевич уонна Леонид Леонидович Говоровтар, Василий Макаров, Павел Слепцов уонна ыалдьыттар Намтан Василий Герасимов, Уус Алдантан Айталаана Пухова үлэлэстилэр. Тимир уустарын күрэхтэһиитигэр кэрэ аҥардар кыттан бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр.

Сүрүн судьуйанан Саха сирин норуотун маастара, РФ тимир уустарын сойууһун чилиэнэ, Саха сиригэр баар Арассыыйа тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Бурцев, чилиэннэринэн олохтоох худуоһунньук Наум Киренскай, ХИФУ «Учебно-творческая лаборатория прогрессивных технологий дизайна и декоративно-прикладного искусства” салаатын маастара  Анна Капустина үлэлэстилэр.

Ньыгыл тимири кытардан, таптайан ыскамыайка оҥоруутугар Алексей Апросимов Кылаан кыайыылаах үрдүк аатын ылла, 200000 солкуобайынан бэлиэтэннэ. Иккис миэстэни Николай Михайлов ылан 180000, үһүс миэстэни Устин Борисов ылан 150000 солкуобай харчынан итиэннэ сыаналаах бириистэринэн бириэмийэлэннилэр. Куйаар ситимин “Сатабыллаахтар” түмсүүтэ анал бирииһин уонна 90000 солкуобайы уу харчыны Сунтаартан Егор Петровка туттардылар. Миэстэлэспэтэхтэргэ хас биирдиилэригэр биэс уоннуу тыһыынча солкуобай харчы туттарылынна.

 

Сибэкки иһитигэр Егор Петров бастакы, Константин  Холмогоров иккис, Аркадий Сивцев үһүс миэстэлэри ыллылар. Сибэкки иһитигэр бастаабыкка 150000, иккискэ 130000, үһүскэ 100000, миэстэлэспэтэх кыттааччыларга хас биирдиилэригэр отуттуу тыһыынча солкуобай харчы туттарылынна.

Николай Михайлов үс чаас иһигэр көҥүл тиэмэҕэ көхө оҥорон блиц-турнир кыайыылааҕынан буолла.  Николай Костромин киирэр ааҥҥа ыйанар чуораанчыктаах дэйбиири оҥорон иккис миэстэ, Егор Петров олбуор аанын  тутааҕын оҥорон үһүс миэстэ буоллулар.

Күһүҥҥү ылааҥы күннэри баттаһа быйылгы тэрээһин түмүгэр нэһилиэк көстүүтүн киэргэтэн “Уют” аһыыр сир аттыгар “Дэгэт Аартык” диэн биир дьоһун искибиэр арыллан дьону-сэргэни үөртэ, астыннарда.

Кыттыылаахтар бары харчынан, сыаналаах бириистэринэн бириэмийэлэнэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрүү өрөгөйүн билэн тарҕастылар.

Марелла Баишева.