Ходоро нэһилиэгэр уопсастыбаннай түмсүүлэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Бүгүн кэпсиир түмсүүм ‒ «Күбэйэ» дьахталлар түмсүүлэрэ.
35‒60 диэри саастаахтар киирэллэр. Түмсүү салайааччытынан үһүс сылын В.В.Скрбин аатынан орто оскуола начаалынай кылааһын учуутала Елена Реворьевна Захарова таһаарыылаахтык үлэлиир. Нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, аахсыйаларга көхтөөхтүк кытталлар. Сыллата Булчут күнүгэр, ыһыахха о.д.а. тэрээһиннэргэ успуонсардыыллар.
Түмсүү биир уратытынан ытык кырдьаҕастарга көмөлөһөр, кинилэргэ үөрүүнү бэлэхтиир сыаллаах үлэлииллэр-хамсыыллар. Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэригэр 31 аҕам саастаахтарга сибэкки бэлэхтээн үөрдүбүттэрэ.
«Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн ааттаах анал эпэрээссийэни тэрийэн, нэһилиэнньэттэн отон хөмуйан, бэйэлэрэ отонноон 23 аҕам саастаах кырдьаҕаска бэлэх ууннулар. Ытык кырдьаҕастар үөрүүлэрэ муҥура суох. Кырдьаҕастар: «Кыстыыр отоммут кэллэ, өйбүтүгэр да киирбэтэх, санаабытыгар да санаабатах өттүттэн, соһуччу отоннонон үөрүүбүт муҥура суох. Өрүү да саныы, ахта тураарыҥ дуу, дойдубут дьоно-сэргэтэ», ‒ диэн махталларын, баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Киһиэхэ кыра да наада диэн мээнэҕэ эппэттэр, онон «Күбэйэлэргэ» өссө да таһаарыылаах үлэни, өрүү кырдьаҕастаргытын сылаас сыһыаҥҥытынан араҥаччылыы туруҥ диэн махталбытын тиэрдэбит.
Евдокия Исакова.