“Чүүйэ“ хаһаайыстыбаҕа племенной үлэ туругун билистилэр

Тохсунньу 17 күнүгэр Дьокуускайтан «Сахаагроплем» СБТ салайааччыта Алексей Жирков, селекционнай-племенной үлэ отделын начаалынньыга Ньургун Мордовской, Племенной үлэ уонна сиэмэлээһин отделын зоотехнига Татьяна Протопопова уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иннокентий Семенов Ходоро нэһилиэгэр «Чүүйэ» МУТ комплексыгар үлэни-хамнаһы билистилэр.

Пиэрмэҕэ кыстык туругун, ынахтар төрүөхтэрин, аһылык хааччыллыытын билистилэр, үлэһиттэри кытта кэпсэттилэр.

Быйылгы дьылга «Чүүйэ» комплексыгар 256 сүөһү кыстаан турар, итинтэн ынаҕа ‒ 131. Сычевскай боруодалаах 47, симментал 84, кыһыл истиэп боруода 125 ынах баар. Билиҥҥи туругунан 21 сычевскай, 4 кыһыл истиэп, 4 симментал ынахтар төрөөбүттэр.

Салайааччылар кэпсэтии түмүгэр үүтү биэрэр ынахтар аһылыктарын элбэтэр наадатын ыйдылар. Хаһаайыстыба племенной репродуктор статуһун ылыахтаах. Олунньуга «Сахаагроплем» бэтэринээрдэрин илдьэ кэлэн УЗИ, ректальнай чинчийии оҥорорго, сиэмэлээһин боппуруоһун үөрэтэргэ сүбэлэстилэр.

Иван Лукин.