Чөл олохтоох дьиэ кэргэн үүнэр көлүөнэ ыччатыгар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиир

Наталья Пахомова,

Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын исписэлииһэ:

 

– 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, улууспутугар салгыы Тыа хаһаайыстыбатын, Майаҕа Чөл олох сылларын  биллэриллибиттэрин биһирии иһиттим.

Бу барыта биир ситимнээх. Дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо болҕомто күүһүрүө, үлэ-хамнас барыта онно туһаайыллан ыытыллыа. Чөл олох – бу чэгиэн эт-хаан, доруобуйа. Чөл олохтоох дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолар, үүнэр көлүөнэ ыччатыгар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиир.

Саха сиригэр сахалыы халандаарынан Айыыһыт сыла. Бу үүнүү-чэлгийии, тэнийии, сайдыы бэлиэтэ буоларынан үүнэр сыл или-эйэни, ситиһиини, уйгуну-быйаҥы, дьолу-соргуну түстүүр.

Үүнэр сыл  барыбытыгар үтүөнү эрэ аҕаллын, сэрии диэн суох буоллун, дьиэ кэргэттэр, оҕо-уруу, дьон-сэргэ  дьоллоох буоллуннар.