Кулун тутар 15-17 күннэригэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара буолар. Бу дойдубут инники сайдыытыгар улахан суолталаах хампаанньаҕа бэлэмнэнии чэрчитинэн бүгүн, олунньу 26 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйата уонна биһиги улууспут Илин эҥэр улуустар быыбардыыр хамыыһыйаларын чилиэннэригэр анаан сэминээр тэрийэн ыыттылар.
Сэминээргэ 5 улуустан (Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас) 197 киһи кыттыыны ылла. Сүбэ мунньахха быыбардыыр учаастактар чилиэннэрин үөрэттилэр, быыбары тэрийии үлэтин ымпыгын-чымпыгын быһаардылар.
Мунньаҕы СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын сэкирэтээрэ Алла Самойлова салайан ыытта. Кинини кытта хамыыһыйа чилиэнэ, биир дойдулаахпыт юрист идэлээх Нарыйа Иванова, «ЛДПР» баартыйа чилиэнэ Евгений Рябченко быйылгы быыбар уратыларын, быыбар сокуонугар киирбит уларыйыылар тустарынан сырдаттылар.
Быйыл «ИнформУИК» саҥа бырайыак үлэтин саҕалаата. Хамыыһыйа чилиэннэрэ быыбардааччыларга дьиэлэригэр тиийэн буолаары турар быыбар туһунан сырдатыы үлэтин ыыталлар. Иһитиннэрэр-сырдатар үлэ номнуо саҕаланан, бу күннэргэ үгэннээн бара турар.
Быыбардыыр хамыыһыйалар үлэһиттэригэр улахан эппиэтинэстээх үлэ саҕаланна.
Елизавета Неустроева.