“Сатыы хаамар киһи” (“Человек идущий”) фоновай хаамыыны көҕүлүүр бырайыакка Майабыт тэрилтэлэрэ, биирдиилээн көхтөөх дьоно кыттан дуоһуйууну ыллылар. Бу орто уонна аҕам саастаах дьону хамсаныыга, хаамыыга көҕүлүүр сыаллаах бырайыагы “Успуорт – олох нуормата” федеральнай бырайыак иитинэн Арассыыйа успуордун министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Доруобуйа лигата” үтүө санааланыы пуондата ыытар.
Манна тэрилтэлэринэн, муниципалитеттарынан, устудьуоннар, дьиэ кэргэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорооччулар, араас холбоһуктар, онтон да атыттар бөлөхтөрүнэн кыттыахтарын сөп этэ. 2019 сылтан ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы фоновай хаамыы күрэхтэһиитигэр быйылгы сылга 80 эрэгийиэнтэн 83 тыһыынча кыттааччы, 3 тыһыынча хамаанда, 771 нэһилиэнньэлээх пууннар кытыннылар.
Сэтинньи 28 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ Бүтүн Араассыыйатааҕы “Сатыы хаамар киһи” бырайыак түмүктүүр тэрээһинэ бэрт сэргэх буолла. Быйыл Майаҕа Чөл олох сыла биллэриллэн, онно туһаайыллар араас тэрээһиннэр быыстала суох ыытыллаллар. Ол чэрчитинэн, бу күрэхтэһиигэ Майа сэлиэнньэтигэр кылгас кэм иһигэр 6 хамаанда хомулла охсон, 114 киһи кыттыыны ыллылар. Алтынньы ортотуттан саҕалаан сэтинньи ортотугар диэри “Новострой” түөлбэ “ЗОЖ”, “Ураһалаах” түөлбэ “Ходоки”, Киин балыыһа, Сбербанк, “Чөл Майа” холбоһуктаах итиэннэ нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун управлениетын “Майинские шагистики” хамаандалара күннэтэ хаамтылар. Маны сэлэспэҕэ “Человек идущий” сыһыарыынан киирэн хонтуруолланаҕын. Аҕам саастаах дьоҥҥо сыһыарыыны Майатааҕы Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуола волонтер кыргыттара холбоон биэрбиттэрэ. Түгэнинэн туһанан, оҕолорбутугар махтанабыт.
Сонун сүүрээн үөрүүлээхтик түмүктэммитинэн олохтоох баһылык 1-кы солбуйааччыта Дмитрий Игнатьев, улуустааҕы кииннэммит социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччы Иван Шестаков, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Иннокентий Павлов эҕэрдэлээтилэр уонна наҕараадалары туттардылар.
Хаамыы күрэхтэһиитин, чөл олоҕу көҕүлээччи, “MAYA RUN” түмсүү салайааччыта, киин балыыһа хамаандатын хамандыыра Александра Мохначевская Майа дьаһалтатын баһылыгын Махтал суругунан наҕараадаланна. Хамаандаларыгар бастаабыт Аграфена Акимова (Киин балыыһа), Полина Осипова (“Новострой” түөлбэ), Ариадна Филиппова (“Чөл Майа”), Мавра Романова (“Ураһалаах” түөлбэ), Иннокентий Нестеров (Сбербанк), Ирина Стручкова (“Майинские шагистики”) уонна 2-с, 3-с миэстэлэри ылбыт хаамааччылар дипломнарынан бэлиэтэннилэр. Хамаандаларга Киин балыыһа (хамандыыр Александра Мохначевская) 1-кы, “Новострой” түөлбэ (хамандыыр Марианна Яковлева) 2-с, “Чөл Майа” (хамандыыр Жанна Тумусова) 3-с миэстэлэр буоллулар.
Маны таһынан, анал ааттар туттарылыннылар: “Саамай аҕа саастаах хаамааччы” – Евдокия Борисова (79 саастаах, киин балыыһа), “Күн бастыҥ көрдөрүүтэ” – Павел Семенов (39912 хаамыы, киин балыыһа), “Күрэхтэһэр баҕалаах” – Анна Афанасьева (“Новострой” түөлбэ), “Саамай көхтөөх хаамааччы” – Сардаана Алексеева (“Новострой” түөлбэ), “Кыайыыга дьулуурдаах” – София Попова (“Чөл Майа”), “Мэлдьи хамсааһыны оҥорор” – Васианна Птицына (“Чөл Майа”), “Чэгиэн өй-санаа” – Екатерина Мосоркина (“Чөл Майа”) , “Хаамарга ананан төрөөбүт” – Елена Сергеева (“Ураһалаах” түөлбэ), “Бастыҥ хаамааччы”, хамандыыр Евдокия Григорьева), “Сыаллаахтык хаамар” – Анна Филиппова (Сбербанк, хамандыыр Вероника Матаннанова), “Бастыҥ холобур” – Ольга Дмитриева (Сбербанк, хамандыыр Вероника Матаннанова), “Бэйэтигэр арыйыы оҥордо” – Татьяна Нестерова, (“Майинские шагистики”, хамандыыр Эльвира Оконешникова). Хаамыыга ситиһиилээхтик кыттыбыттарга тэрийээччилэр бириистэри кытта Тимир Пинегин аатынан “Парус” успуорт киинин бассыайыныгар сылдьарга абонемент толуонун үөрүүлээтик туттардылар.
“Человек идущий” күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан Ариадна Филиппова ааттанан (921000 хаамыы) куубагынан наҕараадаланна.
Сонун тэрээһин кыттыылаахтарын нарын-кэрэ ырыатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Осипова эҕэрдэлээтэ. Тэрээһини Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин дириэктэрэ Екатерина Ефремова иилээн ыытта.
Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сатыы хаамар киһи” (“Человек идущий”) бырайыакка майалар көхтөөхтүк кыттан, хаамыы доруобуйаҕа туһалааҕын, хаамар киһи чэгиэн буоларын бэлиэтээтилэр. Кинилэр инникитин маннык тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар баҕалаах тарҕастылар.
Марелла Баишева.