Мин быйыл Билии күнүн бырааһынньыгар Майатааҕы лиссиэйгэ ыалдьыттаатым. Учуутал уонна уһуйааччы сылынан кылааһынньыкпыт, физика учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Петр Афанасьевич Никитин көҕүлээһининэн, тохсус төгүлүн кылааспыт ‒ 1979 с. Бүтэйдээх орто оскуолатын бүтэрбиттэр ааттарыттан үрдүк көрдөрүүлээх үөрэнээччигэ анал истипиэндьийэни туттардыбыт.
Быйыл истипиэндьийэ хаһаайынынан Чыамайыкыттан сылдьан Юлия Романова ааттанар чиэстэннэ. Кини СӨ политехническэй олимпиадатын кыайыылааҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада призера, «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ дипломана.
Петр Афанасьевичка ситиһиилэрин иһин сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт. Үөрэнээччигэ, учууталларга түбүктээх үлэлэрэ түмүктээх буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Марина Яковлева. Бэдьимэ