Майаҕа балаҕан ыйын 27 күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн сэлиэнньэ олохтоохторо, уопсастыбаннаһа өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр. Бу күҥҥэ анаан Майа дьаһалтатын көҕүлээһининэн “Бэлиэ күн – күндүтэ” диэн СӨ былааҕа ойуулаах Майаҕа бастакы саамай улахан бырааһынньыктааҕы туорду оҥоруу аахсыйата ыытылынна. Манна сэлиэнньэ биллэр торт астааччылара Алисия Яковлева, Сардаана Петрова, Сардаана Захарова, Татьяна Михайлова, Татьяна Винокурова итиэннэ олохтоохтор көхтөөхтүк түмсэн 2,5х1,5 миэтэрэ иэннээх Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕа ойуулаах улахан торду оҥордулар. Бу күн тыйаатыр былаһаакката үөрбүт-көппүт дьонунан, оҕо-уруу саҥатынан туолла.
Автономияны төрүттээбит, дойдубут чэчирии сайдарыгар тирэх буолбут чулуу дьоммут Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, о.д.а. сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр түстээбит сыаннастарын чөл хаалларан 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Сахабыт өрөспүүбүлүкэтэ суверенитет ылынан социальнай-экэнэмиичэскэй бигэ туруктаах, тус бырааптаах судаарыстыба буолан улуу Арассыыйаны кытта бииргэ иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх суолу тутуһан иһэрин бүгүҥҥү олохпут туоһулуур. Өбүгэттэн кэлбит үтүө үгэстэрбитин өрө тутан аан дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ хаамсан саҥаны айабыт-тутабыт, олохпут уйгута тупсарыгар хас биирдиибит кылааппытын киллэрэбит, үүнэбит-сайдабыт.
Бэлиэ күҥҥэ Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников бар-дьонун эҕэрдэлээтэ: “Күндү-мааны Майабыт олохтоохторо, кэнчээри ыччаппыт, туруу үлэһит дьоммут, аҕам саастаах бэтэрээннэрбит, ыалдьыттар! Бүгүҥҥү ураты дириҥ суолталаах күнүнэн – Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүнэн Майа олохтоох дьаһалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күн биһиги сахабыт дьонугар-сэргэтигэр улахан суолталаах күн буолар. 1990 с. Сахабыт өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтэ туспа субъект быһыытынан суверенитет ылыммыта өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар олук буолбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бөдөҥ судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэригэр, ол иһигэр биһиги Майабытыгар Владимир Петрович Ларионовка, Филипп Гаврильевич Охлопковка, Иван Гаврильевич Тимофеевка аналлаах улахан миитиннэр буоллулар. Бу күн улахан суолталаах тэрээһининэн ааспыт быыбар түмүгүнэн Айсен Сергеевич Николаев иккис болдьоҕор талыллан Ил Дархан дуоһунаһыгар киирэр инаугурациятын күнэ буолар. Онон биһиги Ил Дархаммытын дохсун ытыспыт тыаһынан эҕэрдэлээн кэбиһиэҕиҥ. Бүгүҥҥү суолталаах күҥҥэ биһиги түмсэр, сомоҕолоһор күммүт. Онон Майабыт сэлиэнньэтин хас биирдии ыала кыттыһан илиитин сылааһын иҥэрбит минньигэс тордунан бэлиэтиэхпит. Манна кэнчээри ыччаппыт бу күн суолтатын бэйэлэригэр иҥэринэн, дойдуларыгар туһа киһитэ буолан тахсаннар сайдыы суолугар бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит”. Майатааҕы Н.Н. Васильева аатынан норуодунай хор толоруутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыатын дьоро күн кыттыылаахтара сүһүөхтэригэр туран тэҥҥэ ылластылар.
1992-1993 с.с. Майа олохтоох дьаһалтатыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ Раиса Егоровна Шишигина: “Күндү ыҥырыылаах ыалдьыттары, эдэр ыччаты уонна бар-дьоммун Суверенитет күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу 1990 с. ылыллыбыт Суверенитет кэмигэр 1992-1993 с.с. туспа сэбиэттээх, ол иһигэр биригээдэлэрдээх, хамыыһыйалардаах үлэлээбиппит. Онно бары бииргэ үлэлээммит Майабыт сайдыытыгар үлэ үчүгэйдик барбыта. Баҕарабын барыгытыгар үлэҕитигэр-үөрэххитигэр улахан ситиһиилэри, уһун дьоллоох олоҕу, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны”, диэн эҕэрдэлээн туран баҕа санаатын тиэртэ.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Осипова, Н.Н.Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хор, “Кыталык” ОЫЭК иитиллээччилэрэ, “Добун дохсун” эр дьон уус-уран ааҕыы бөлөҕө, “Сардаана” ырыа ансаамбыла, “Дьиэрэй” фольклор бөлөҕө, оскуолалартан үөрэнээччилэр айар бөлөхтөрө ырыаларынан-үҥкүүлэринэн, хомуска оонньоон, барабаан тыаһынан доҕуһуоллаан, чабырҕахтаан субурутан киэргэттилэр. Манна төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ: В.П. Ларионов аатынан оскуолаттан Мария Федорова, Ф.Г. Охллопков аатынан оскуолаттан Татьяна Маркова, И.Г. Тимофеев аатынан лиссиэйтэн Елена Максимова дьаһайан-салайан бары кылаастары кытыннаран көрөөччүлэр уонна тэрийээччилэр махталларын ыллылар. Олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Иннокентьевич ааспыт сылларга баһылыгынан үлэлээбит Раиса Егоровна Шишигинаҕа (1992-1993), Михаил Михайлович Васильевка (1993-1994), Валерий Васильевич Филипповка (1999-2000), Тимофей Семенович Нестеровка (2005-2017 сс.) минньигэс тортары бэлэх туттарда, ол кэннэ барыларын минньигэс тордунан күндүлээтилэр. Тыйаатыр кэлэктиибэ өрөгөйдөөх күнү үрдүк таһымҥа ыытта. Үөрүүлээх күн кыттыылаахтара, ыалдьыттара дуоһуйа сынньанан, бырааһынньыктааҕы торду тото-хана амсайан, үөрэн-көтөн, тэрийээччилэргэ, асчыттарга махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.