Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас сиригэр-уотугар ойуур баһаарын буруота билиннэ. Олохтоохтор «бу ханна баһаар буоллаҕай» диэн бэйэ-бэйэлэриттэн дьаархана ыйыталаһаллар.
— Бу буруо, тыал хайысхатынан көрдөххө, Алдан, Нерюнгри эҥэр баһаардартан кэлэрэ буолуо диэн сабаҕалыахха сөп, — диэн биһиэхэ Мэҥэ Хаҥаластааҕы дьуһуурунай диспиэтчэр биир кэлим сулууспатын салайааччы Афанасий Максимов иһитиннэрдэ.
Бу күҥҥэ Алдан, Нерюнгри, Амма, Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо, о.д.а. улуустарга барыта 136 ойуур баһаарын утары үлэ барар.
Биһиги улууспутугар от ыйын 12 күнүнээҕи туругунан баһаар суох. Бу сайын уопсайа 9,3 га иэннээх сиргэ 6 баһаар тура сырытта диэн Афанасий Павлович кэпсээтэ. Хаатылыма, Дойду, Доллу, 3-с Мэлдьэхси, Ороссолуода нэһилиэктэрин сиригэр-уотугар буолбут баһаардар төрүөттэрэ – бары этиҥтэн, чаҕылҕантан диэн быһаарыллыбыт. Ойуур баһаардарын барытын «Авиалесоохрана» уонна «Якутлесресурс» тэрилтэ Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын үлэһиттэрэ суукка иһинэн умулларбыттара.
От ыйын 7 күнүгэр Чыамайыкы нэһилиэгиттэн 9 килэмиэтирдээх сиргэ эмиэ чаҕылҕантан уот тура сырытта. Тута «Авиалесоохрана» тэрилтэ 5 үлэһитэ уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 20 киһи хомулла охсон, суукка иһинэн гектар аҥаара иэннээх сиргэ тарҕаммыт баһаары умуллардылар.
Сиргэ-уокка сылдьан баһаартан сэрэхтээх буолуоҕуҥ, күөх суугун тыабытын харыстыаҕыҥ!