Билсиҥ: йоганы үөрэтэр Варвара Соловьева

Йога ‒ түҥ былыргыттан силистээх дьарык. Билиҥҥи тэтимнээх, уйулҕа хамсааһыннаах ,киһи отуора түһэ -тахса турар кэмигэр олус туһалаах , көмөлөөх үөрэх.
Майаҕа йога дьарыга кэҥээн иһэр.
«Кыталык «уопсастыбаннай кииҥҥэ «Бадаайы «түөлбэ олохтооҕо Людмила Зайкова хаһыс да сылын утумнаахтык үөрэтэр. Оттон «Дьол түһүлгэтигэр «балаҕан ыйыттан Индияҕа баран анал үөрэххэ уһуйуллубут Варя Соловьева дьарык ыытар. Варя ис иһиттэн бэрт номоҕон кыыс, кинини бэйэтин көрдөххүнэ, куолаһын иһиттэххинэ да уоскулаҥ кэлэр, истиҥ иһирэх тыын илгийэр.

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах кыыһый Варя?

Варя Чүүйэттэн төрүттээх, 2010 сыллаахха Майатааҕы гимназияны бүтэрбит.Оскуоланы бүтэрэн баран Хабаровскайдааҕы экономика уонна быраап государственнай академия тын бутэрэн экэнэмиис идэтин ылбыт.Үлэтин статистика федеральнай судаарыстыбаннай сулууспатын Саха сиринээҕи салаатыгар саҕалаабыт,кэнники Санкт-Петербурга көһөн энергетика тэрилтэтигэр үлэлээбит. Ол үлэлии сылдьан ис -иһиттэн таттаран йога учууталын идэтигэр үөрэнэргэ санаммыт. Йоганан уруккаттан интэриэһиргиир эбит.Санкт-Петербурга үлэлии сылдьан куруук йоганан дьарыктаммыт. Билэр дьүегэтэ Индияҕа баран кэлбитин кэнниттэн киниттэн ыйыталаһан, үөрэтэр оскуоланы кытта кэпсэтэн баран анаан Индияҕа йога учууталын кууруһугар икки ый үөрэнэ барбыт.Ааспыт сыл ахсынньы ый саҕаланыаҕыттан йога маастардарыгар «Альянс йоги «аккредитованнай йога оскуолатыгар үөрэнэн саҕалаабыт. Үөрэнэр кэмигэр традиционнай йогаҕа ,медитацияҕа, мантра ыллыырга, тыынар практикалары оҥорорго, аюрведаҕа, йога философиятыгар уонна да атын уруоктарга сарсыарда эрдэттэн киэһэҥҥэ диэри араас дьарыкка умсугуйан сылдьыбыт.Үөрэнэн кэлэн баран Санкт-Петербурга дьону йогаҕа дьарыктаан саҕалаабыт. Оттон дойдутугар эргиллэн кэлиэҕиттэн
«Дьол түһүлгэтэ » уопсастыбаннай кииҥҥэ йога5а дьарык ыытар.
Поликлиника үлэһиттэрин нэдиэлэҕэ иккитэ бэйэлэрин саалаларыгар дьарыктыыр.
Йога билиҥҥи аҕыйахтык хамсанар, күнү күннүктээн компьютерга олорор, хаан эргиирэ кэһиллиилээх, сүрэ мөлтөөбүт, чаакырата аанньа умайбат, ыгылла сылдьар ис күүрүүлээх дьоҥҥо абыраллаах дьарык. Ол иһин дьарыкка биһирээн сылдьааччы ахсаана сыыйа эбиллэр.
Күндү дьоммут- сэргэбит , эккитин -сииҥҥитин эрдэттэн көрүнэ сылдьыҥ, чэгиэн, кэрэ, ситиһиилээх буолуҥ!

Дьарыкка суруйтарар нүөмэргит: 89669201557, инстаграм: vaefoh.

Евдокия Решетникова