Бүгүн киэһэ сир-сир аайы, бары кэтэһэр бырааһынньыкпыт чугаһаан иһэрин туоһулаан, дьэрэкээн оонньуурдарынан симэммит Саҥа дьыллааҕы харыйалар уоттара умайда.
Сыллата үгэс быһыытынан ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл саҕаламмытынан, Майа сэлиэнньэтигэр алыптаах түгэн үүммүтүнэн күндү кырачаан оҕолорбутун баһылык Алексей Неустроев эҕэрдэлээтэ. 🎊🎉 Бу кэрэ түгэни көрөөрү мустубут оҕолорбут Чысхаан оҕонньору, кини сиэн кыыһын Хаарчаананы уонна доҕотторун — куобахчааннары, саһылчааннары, о.д.а.айылҕа кыылларын үөрэн-көтөн көрүстүлэр, үтүө баҕа санааларын түмэн: «Биир, икки, үс! Харыйабыт уота, сандаар!» диэн этээттэрин кытары, сүүнэ улахан күөх харыйа араас өҥнөөх уоттарынан күлүмүрдүү дьиримнээтэ!