Саха биллиилээх прозаига, суруналыыс, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруйааччы Семен Осипович Никифоров атырдьах ыйын 27 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Бу үбүлүөйдээх күннэр чэрчилэринэн дойдутун сиригэр Тыыллымаҕа суруйааччы бюһун үөрүүлээх-быһыыга арыйалларын, кинигэ бэчээттэнэн тахсан эрэрин, о.д.а. араас тэрээһиннэр буолалларын туһунан суруйааччы улахан кыыһа Лидия Семеновна кэпсээтэ.
Семен Осипович эдэриттэн олох оргуйар үөһүгэр үлэлээн-хамсаан, комсомольскай-партийнай оскуоланы барбыт, 13 сыл устатыгар Кэбээйи, Саккырыыр, Мэҥэ Хаҥалас, Амма оройуоннарын хаһыаттарыгар редактордаан элбэх очеркалары, ыстатыйалары суруйан хас үлэлээн ааспыт сиригэр-уотугар араас кыһалҕаны туоратыспыт, сайыннарсыбыт, олоххо уопутун байыппыт.
Суруйааччы 1961 сылтан саҕалаан “Кэпсээннэр” (1961), “Соргучаан үрэҕэр” (1965), “Дойдум дьоно” (1969), “Туркулаах кистэлэҥнэрэ” (1971), “Олох суолугар” (1973), “Өлөрү кыайбыттар” (1975), “Быйаҥнаах кытылга” (1977), “Саллаат доҕотторум” (1980) кэпсээннэрин, сэһэннэрин кинигэтэ бэчээттэммиттэрэ. Айар үлэтин хоһоон суруйуутуттан саҕалаабыт, ол хоһоонноро туспа кинигэнэн тахса илик эбит. Оҕо сылдьан “Бэлэм буол” хаһыакка “Кыһыл байыас буолуоҕум” диэн хоһооно бэчээттэнэн үөрбүттээх эбит. 1983 с. тахсыбыт Семен Никифоров “Саллаат дьылҕата” кинигэтигэр Н.Габышев киирии ыстатыйатыгар, биһиги көлүөнэ суруйааччылар бары 1936-37 сыллардааҕы “Бэлэм буолга” бэчээттэммиппит. Горнайтан Семен, Софрон Даниловтар, П.Тулааһынап, Бүлүүттэн Петр Тобуруокап, Кэбээйиттэн Тима Сметанин, Семен Никифоров хоһоонноро. Бары биир уйаттан тахсыбыт эбиппит, — диэн этэр. Онон туора туран хаалбакка биир эрээккэ киирсэн, үлэлээн, айан-суруйан суруйааччы аатын ылбыт, 1965 с. ССРС суруйааччылар сойууһугар киирбит.
Софрон Данилов сүбэтин ылынан сэрии тиэмэтигэр “Госпитальга сытан” бастакы кэпсээнин 1948 с. “Хотугу сулуска” бэчээттэтэр. Софрон Даниловтыын 1942 с. Өлүөхүмэҕэ Токо диэн сиргэ бииргэ үлэлииллэр, онтон ылата доҕордуулар. 1943 сыллаахха Токо военкоматыттан сэриигэ аттаммыт. Семен Никифоров 50 сааһын туолар үбүлүөйүгэр “Омурҕан” диэн ахтыытыгар доҕорун туһунан «эр дьон бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ иэйиилэрин аһаҕастык этээччилэрэ суох, ол эрэн мин биир күндү киһибинэн – силлиэни-хахсааты, хаардаах хаһыҥы сарын-сарынтан даҕайсан бииргэ туоратыспыт, эдэр эрдэхпиттэн үчүгэйдик санаспыт киһим, саха биллиилээх суруйааччыта, бөдөҥ журналиһа Семен Никифоров буолар диэн Софрон Данилов доҕорун туһунан истиҥник ахтар.
Семен Осипович кэргэнинээн Варвара Павловналыын (1927с.төрөөбүт) Арҕаа Хаҥаласка 2-ис Тыыллыма нэһилиэгэр, биир алааска, иккиэн атырдьах ыйыгар төрөөбүттэр. Варвара Павловна кэргэнин туһунан суруйан хаалларбыт биир ахтыытыттан “Биһиги ыал буоларбытыгар Семен Осипович хайыы-үйэҕэ элбэх эрэйи көрбүт, олох күндүтүн билбит киһи этэ. Ол курдук үгүс сыллар усталарыгар биир синиэлинэн саптыбыт, биир хочулуоктан аһаабыт хаарыаннаах табаарыстара сэрии кырыктаах кыргыһыыларыгар охтубуттарын, иккитэ тааҥката уотунан күүдэпчилэнэ турдаҕына кыл мүччү ойон тахсыталаабытын, оттон атын доҕотторо онно уот-төлөн буолбуттарын долгуйа, харааста сэһэргиирэ. Семен Осипович олоҕун тиһэх сылларыгар олус ымсыыран-баҕаран туран үлэлээбитэ. кини дьулуһар дьулуһуута, ыра санаата биир эрэ этэ – бар дьоммор, ааҕааччыларбар боччумнааҕы, үчүгэйи хааллардарбын диэн”.
Семен кыра оҕо эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй майгылаах, чэбэр оҕо эбит. Ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата Осип уолун бэйэтиттэн араарбакка, соҕотоҕун ииппит, улаатыннарбыт. Кэлин аҕата уолун кытта Кэбээйигэ көһөн үлэлиир кэмигэр 48 сааһыгар өлөн, онно көмүллүбүт, хаалбыт.
Доҕотторо Семен Осиповиһы ытыктаан, убаастаан “Сэрииһит Сэмэн” диэн мээнэҕэ эппэттэрин туһунан үгүс ахтыылар туоһулууллар. Кини сатаан доҕордоһор, дьоннуун иирсибэт, көнө майгылааҕын этэллэр.
Семен Никифоров айар үлэтигэр суруйар тиэмэтэ киэҥ. Кини үлэһит тыа сирин, хоту дойду дьонун олоҕун, кыһалҕатын, дьон араас сигилитин-майгытын уустаан-ураннаан ойуулаан суруйар. Тыа сирин тиэмэтигэр икки айымньытынан “Быйаҥнаах кытылга”, “Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ” Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ кини суох буолтун кэннэ 1983 с. анаммыт. С.Никифоров быһылааннаах жанрга “Туркулаах кистэлэҥнэрэ” диэн сэһэни хотугу оройуоҥҥа үгүс сыл үлэлээбитин түмүгэр суруйбута. Бу сэһэҥҥэ Ньукулаас диэн биэс уончатын ааспыт булчут киһи колхуоһун сорудаҕынан иитиэх саһылларга уонча тайаҕы бултуу тайҕаҕа барар, онуоха үүтээнигэр кини билбэт киһитэ кэлэн булчут аатыран Ньукулааһы кэтиир-маныыр… Ити курдук хара бастакыттан умсугутуулаахтык хайысхаланан бара турар. Бу сэһэн ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылбыт, нууччалыы тылбаастаммыт.
Семен Осипович 1970 с. “Хотугу сулуска” Н.Заболоцкай кэнниттэн проза салаатыгар литературнай редакторынан үлэлээбит. «Саҥа тахсан эрэр эдэр суруйааччылары Даланы, Н.Лугинову, В.Иванову, Э.Соколову, Ф.Захаровы, М.Попову хайгыырын, кэпсиирин үгүстүк истибитим, ону кытта редактор идэлээх буолан тахсарбар аҕа табаарыһым сабыдыала улахан’, — диэн Н.Е.Винокуров-Урсун ахтан аһарбыт. Ол курдук саха норуодунай суруйааччыта А.В.Кривошапкин суруйааччы буола үүнэрбэр саха талааннаах кэпсээнньитэ Семен Осипович оруола улахан, кини наставнигым этэ, эбээн литературата сайдарыгар улахан үтүөлээх, кини дьиҥнээх патриот, “Сэмэн баара буоллар” диэн суохтуур этим. Оннооҕор былаас уларыйарыгар РСФСР Верховнай Сэбиэтин тааҥканан ытыалыыр түгэннэригэр, хайдах курдук тааҥкаҕа умайа сыһа-сыһа аҕа табаарыһым Ийэ дойдутун көмүскээбитин, баара буоллар миигин өйдүөх, өйүө этэ диэн санаабытым, — диэн олус истиҥ ахтыыны 2001 с оҥорбут.
Семен Осипович сэриини илэ хараҕынан көрбүтүн, ол ыар алдьархайын ааспыт киһи быһыытынан ылыннарыылаахтык суруйар. Уонна ааптар тумүгэр “сорох эдэрдэр олоҕу олох билбэккэ сылдьан “тарбахтан эмэн” суруйаллара итэҕэтимтиэтэ суох тахсар, онон норуот олоҕор тахсар событиеларга эккинэн-хааҥҥынан, өйгүнэн-сүрэххинэн кыттыахтааххын, туораттан ээл-дээл одуулаһа туруо суохтааххын, оччоҕо эрэ айан суруйбутуҥ бар дьон сүрэҕэр тиийиэ, ылыннарыылаах буолуо” – диэн этэр.
Өлө-тиллэ бойобуой доҕотторунаан “Т-34” танкаҕа сулууспалаабытын туһунан “Саллаат дьылҕата” сэһэнигэр ойуулуур. Бу суруйуута автобиографическай, ол туһунан “Берлин анныгар” ахтыытыгар “Эдэр коммунист”, 1979 с., балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр суруйбут. Онно кинилэр араас омук уолаттара биир экипажка түбэһэн, интернациональнай хамаанда буолалларын үөһээ командование генерал-полковнига Богданов көрө-истэ, билэ сылдьан кэлэн эҕэрдэлээн, биир-биир ханнык омук буолалларын, дойдуларын сураспытын суруйар.
Бу “Саллаат дьылҕата” сэһэнигэр Семен Осипович тааҥкаҕа иккитэ умайа сыспытын, нэһиилэ быыһаммытын, доҕотторо уокка умайан өлбүттэрин, Берлини ылыыга уулуссалар быһа охсуһар сирдэригэр икки илиитигэр флажоктаах регулировщик кыргыттар тустарынан кэпсиир эпизоду киһи долгуйа ааҕар. Бу туһунан Софрон Данилов маннык тылларынан этэр: “Бу нарын кыргыттар чуумпу героизмнара ньиргиэрдээх кыргыһыыга сүүһүнэн өстөөҕү сууһарбыт бухатыыр саллаат героизмыттан итэҕэһэ суох. Ити строкалар биһиги литературабытыгар советскай дьоннор хорсун быһыыларын туһунан суруллубут бастыҥ строкалар ахсааннарыгар киирсиэхтэрин сөп” диэн.
Суруйааччы, суруналыыс, патриот Семен Осипович Никифоров алдьархайдаах уот сэрии туһунан, хорсун, хоодуот, патриот дьон олоҕун туһунан айымньылара ааҕылла турдун, олорбут олоҕо — үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэхсэнэ турдун.
Халгаева Н.В.