РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ медицина уонна фармация орто анал үөрэхтээх исписэлиистэрин ортолоругар быйылгы сылга идэлэринэн бастыҥнары быһаарар куонкурустарын түмүгэ таҕыста. Онно уон сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах исписэлиистэр ортолоругар уопсайа аҕыс номинациянан бастыҥнары быһаардылар. «Идэҕэ бэриниилээх буолуу иһин» анал номинацияҕа бастакы миэстэни Саха сириттэн биһиги биир дойдулаахпыт, 1-кы Наахара нэһилиэгиттэн төрүттээх, билигин Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа кылаабынай медицинскэй быраата Алквиад Иванов ылары ситистэ. Кини РФ доруобуйа харыстабылыгар үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылыгар туйгуна, Саха сирин фармациятын туйгуна, бочуоттаах дуонар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2023 сыллаахха олохтообут «Үлэ киһитэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреата.
Бу үрдүк наҕараадатын Алквиад Иванов соторутааҕыта, ахсынньы 2 күнүгэр, Москва куоракка «Национальное здравоохранение» 2-с национальнай кэнгириэһин кэмигэр РФ Доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко илиититтэн тутта. Ити бэлиэ түгэн бу куонкурус таһыма, суолтата үрдүгүн туоһулуур. Биир дойдулаахпыт Арассыыйатааҕы көрүүгэ кыайыыта Саха сирин доруобуйа харыстабылын салаатыгар орто анал медицина үлэһиттэрин ортолоругар аан бастакынан ситиһиллибитин киэн тутта бэлиэтиибит.
Алквиад Иванов туһунан бэрт кылгастык билиһиннэрдэххэ, 1963 сыллаахха 2-с Наахара нэһилиэгэр 9 оҕолоох Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон Күн сирин көрбүт. Ийэтэ Татьяна Заболоцкая оройуоҥҥа бастыҥ үлэтинэн киэҥник биллибит ыанньыксыт, аҕата Иван Иванов ‒Чөрөөк өр сыл тырахтарыыһынан үлэлээбит, аатырбыт сүүрүк, тустуук, мас тардыһааччы эбиттэр. Алквиад Тиэлиги аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн 1980 сыллаахха орто оскуоланы Тыыллымаҕа бүтэрбит. Оскуола кэннэ производствоҕа тахсан дойдутугар балтараа сыл ыанньыксытынан үлэлээн баран, икки сыл ытык иэһин толорон Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр Хабаровскай кыраайга сулууспалаабыт. Ол кэннэ Благовещенскайга Тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн бэтэринээр бырааһын идэтин ылан төрөөбүт дойдутугар төннөн идэтинэн «Наахара» сопхуоска сопхуоска үлэлээбит.
1992 сыллаахха сопхуостар ыһыллыбыттарын кэннэ Дьокуускайга көһөн киирэн өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһаҕа травматология отделениетыгар медбыраатынын үлэҕэ киирбит. Биир сыл үлэлээбитин кэннэ тыыппалаах үлэһити таба көрөннөр балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Васильев уонна отделение сэбиэдиссэйэ Василий Божедонов 50 куойкалаах ожоговай отделение аһыллыбытыгар ыстаарсай медбыраатын дуоһунаһын киниэхэ сүктэрбиттэр. Үлэтигэр олус бэриниилээх, кэлэктиипкэ улахан аптарытыаттаах, салайар, тэрийэр дэгиттэр дьоҕурдаах исписэлииһи 2000 сыллаахха балыыһа кылаабынай медбыраатынан анаабыттар. Ити кэмтэн күн бүгүҥҥэ диэри бу улахан эппиэттээх үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлиир.
‒ 2002 сыллаахха мин дьолбор СГУ-гар медицинскэй институкка сиэстэрэ үрдүк үөрэҕэр факультет аһыллан биэс сыл кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн менеджер идэтин ылбытым. Салгыы интернатураҕа Новосибирскайга мединститукка үөрэммитим, ‒ диэн кэпсиир Алквиад Иванович.
Кини бэйэтин идэтин таһынан аныгы үйэ ирдэбилинэн билиитин-көрүүтүн хаҥатар сыаллаах улахан болҕомтотун үөрэххэ уурбутун ордук чорботон бэлиэтиэххэ сөп. Икки үрдүк үөрэҕи ылан баран салгыы РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Хабаровскайдааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы салаатын кэтэхтэн үөрэнэн үһүс үрдүк үөрэҕин бүтэрбит. Үөрэххэ талаһыыта итинэн эрэ муҥурдамматах. 2018 с. Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжка фармация салаатыгар киирэн үөрэммит. Онон Алквиад Иванович медик, салайааччы быһыытынан оутттан тахса сыл таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарыгар, биллэн турар, билиигэ-көрүүгэ тардыһан идэтин үрдэтиммитэ итиэннэ атын идэлэри баһылаабыта бөҕө тирэх, күүс-көмө буолбута саарбаҕа суох. «Үөрэх баар ‒ бараммат баай» диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Арассыыйаҕа идэтинэн бастыҥынан билиниллибит исписэлиис бэйэтин настаабынньыктарынан биир тэрилтэҕэ 32 сыл устата эн-мин дэһэн үлэлээн кэлбит кылаабынай бырааһын Николай Николаевич Васильевы, отделение сэбиэдиссэйин Василий Васильевич Божедоновы, Галина Николаевна Никулинаны истиҥ махтал тылларынан ахтар. Бэйэтэ настаабынньык быһыытынан эдэр исписэлиистэр идэлэрин толору баһылыылларыгар, үрдэтинэллэригэр ураты болҕомтотун уурар. Ону таһынан балыыһаҕа судаарыстыбаннай практиканы ааһар ХИФУ медицинскэй институтун, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж устудьуоннарыгар улахан күүс-көмө буолан үлэ ымпыктарыгар-чымпыктарыгар такайар, иитэр-үөрэтэр. Үлэлээбит сылларын устатыгар кини салалтатынан 300-тэн тахса исписэлиис ааһан билигин өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Ханнык баҕарар балыыһа үлэтэ-хамнаһа орто уонна алын сүһүөх персоналтан улахан тутулуктаах. Кини салалтатынан Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа медицина 572 орто уонна 224 алын персонала үлэлиир. Ити балыыһа үлэһиттэрин уопсай ахсааныттан 56,7 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Биир идэлээхтэрэ Алквиад Ивановиһи идэтигэр олус бэриниилээҕин, үрдүк эппиэтинэстээҕин, бэйэтигэр уонна кэллиэгэлэригэр кытаанах ирдэбиллээҕин, үлэһиттэригэр сиэрдээх сыһыаннааҕын үрдүктүк сыаналыыллар.
Уопуттаах исписэлиис эмчит киһи күүстээх уонна аһыныгас санаалаах, дириҥ билиилээх, киэҥ толкуйдаах, бэйэтигэр эрэллээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаах буолуохтааҕын бэлиэтиир. Инники былааныгар үлэлиир тэрилтэтэ салгыы сайдарыгар үлэлиир, научнай үлэтин ситэрэр баҕа санаалаах. Кини төрөөбүт улууһун кытары ыкса сибээһи тутуһар. Кыаҕа тиийэринэн ыччаттар медицинскэй идэлэри баһылыылларыгар күүс-көмө буолан, сүбэ-ама биэрэн махталы үгүстүк ылан кэллэ. Сүрүн үлэтин таһынан уопсастыбаннай үлэттэн эмиэ туора турбат. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн быраастары аттестациялыыр хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээринэн ананан үлэлиир. Ону сэргэ 2000 сыллаахха медицинскэй сиэстэрэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациялара тэриллиэҕиттэн онно чилиэнинэн талыллан биир идэлээхтэрин үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ, өйөөһүҥҥэ, бастыҥ уопуту тарҕатыыга кыттыһар.
Биир дойдулаахпыт Алквиад Иванов дойду үрдүнэн идэтигэр бастыҥынан билиниини быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Настаабынньык, Саха сиригэр Үлэ сылларыгар ылбыта ураты бэлиэ түгэнинэн буолар. Кини үтүө үлэһит төрөппүттэрин удьуорун салҕаан талан ылбыт идэтигэр бэриниилээҕинэн, өр сыллаах дьаныардаах үлэтинэн төрөөбүт нэһилиэгин, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин киэҥник ааттаппытынан истиҥник эҕэрдэлиибит! Инникитин да үлэҕэ-хамнаска туруоруммут соруктара олоххо киирэн иһэллэригэр эрэнэбит.
Алена Докторова.