Бэтэрээннэргэ “Бастакы хаар нуурал сылааһа” иһирэх тыыннаах сынньалаҥы бэлэхтээтилэр

Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата, Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинэ уонна Лидия Павлова салайааччылаах “Кыталык” кафе үлэһиттэрэ аҕам саастаах ытык дьоммутугар анаммыт дэкээдэ чэрчитинэн “Бастакы хаар нуурал сылааһа” иһирэх тыыннаах, итии чэйдээх, сылаас бэрэскилээх, минньигэс астаах сынньалаҥ дьоро киэһэтин бэлэхтээтилэр.

Майя Ноева салайааччылаах “Кыталык” иһинэн үлэлиир балетнай устуудьуйа оҕолоро “Хаар үҥкүүтүнэн” арыйдылар. Манна сандалы остуол тула истиҥ сэһэргэһии, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, Галина Эверстова туруоруутунан бириистээх остуол оонньуулара ыытылыннылар.

“Ытык-мааны бэтэрээннэрбит, аҕам саастаах дьоммут! Майабыт сэлиэнньэтэ чэчирии сайдарын туһугар үйэҕит тухары үлэлээбит-хамсаабыт, сааһырдыбыт диэн олорон хаалбакка, билигин да уопсай дьыалаҕа инники күөҥҥэ буоларгытыгар, ыччат дьоҥҥо сүбэ-ама буола сылдьаргытыгар махтанабыт, киэн туттабыт, сүүс сааскытыгар диэри үөрүү аргыстаах сүһүөххүтүгэр сылдьаргытыгар баҕарабыт”, —  диэн баһылык Алексей Неустроев, дьаһалта уонна дьокутааттар ааттарыттан кылаабынай исписэлиис Виктория Федорова эҕэрдэлээтэ итиэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан Заредина Сосинаҕа Эҕэрдэ суругу уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыла» анал бэлиэни туттарда.

Дьоро күнүнэн аҕам саастаахтары Майа сэлиэнньэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Захарова эҕэрдэлээтэ уонна “Биһиги Майабыт күннэтэ үүнэр-сайдар. Сэлиэнньэбитигэр сэрии сылын оҕолоро 135, тыыл бэтэрээннэрэ 14, үлэ бэтэрээннэрэ 1000-тан тахса киһи бааллар. Кинилэр оҥорбут олохторугар биһиги дьоллоохтук олорон кэллибит. Тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро сут-кураан, уот-сэрии сылларыгар айгыраппыт доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ үчүгэйдик олороллоругар баҕарабыт. Үүнэр көлүөнэ ыччаппыт сайдыы өттүнэн биллэ үчүгэйдэр, өбүгэлэрин  устуоруйатын үөрэтэ сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Сэриигэ сүппүт-өлбүт дьоммутун көрдүүллэр, үөрэтэллэр, хасыһан булаллар. Оскуолабыт оҕолоро олус наадалаах, научнай үлэни ыыталларыгар биһиги махтанабыт”,- диэтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Сардаана Осипова ырыанан, Анна Охлопкова көрдөөх кэпсээнинэн, толорооччулар Линда Захарова, Светлана Никитина, Степан Копырин ырыанан, Мария Иванова хомуска оонньоон, Степан Осипов байааҥҥа доҕуһуоллаан эҕэрдэлээтилэр.

Розалия Терентьева салайааччылаах үҥкүү бөлөҕө “Ыксатыма, кырдьар саас”, “ОБТ” үҥкүү бөлөҕө “Кырдьыбат вальс” көрөөччү кутун туппут үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр.

Бастыҥ бүлүүдэ куонкуруһугар Анна Павлова салайааччылаах “Райпо бэтэрээннэрэ” түмсүү түөрт көрүҥ астарынан кыттан бастакы миэстэни ылан сүрүн бирииһи тутан үөрдэ-көттө.

Көхтөөх уһун үйэлэнии үтүө холобура буолар бэтэрээн дьоммут кинилэргэ анаммыт тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин эҕэрдэлэрин этэн-тыынан, ыллаан-туойан, хоһоон ааҕан, тэлээрэ үҥкүүлээн, үөрэн-көтөн, тэрийээччилэргэ махтанан тарҕастылар.

 

Марелла Баишева.