Сэтинньи 22 күнүгэр Арасссыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар анаммыт “Оҕо саас, дьиэ кэргэн уйгулаах олоҕун уруйдаан туойабыт” дэбиистээх улуустааҕы аҕам саастаах дьон 11-с төгүлүн ыытыллар “Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү түмүктүүр бэстибээлэ Чыамайыкы нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинигэр ыытылынна. Манна 1-кы Наахара, 2-с Наахара уонна Холгума нэһилиэктэрин көхтөөх бэтэрээннэрэ уруйдаһан-айхаллаһан көрүстүлэр. Ыалдьыттары нэһилиэк Далбар хотуттара маҥан дэйбииринэн арчылаан-ыраастаан, алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.
Уус уран көрүү бэстибээлин үөрүүлээх аһыллыытыгар Чыамайыкы нэһилиэгин баһылыга Александр Захаров, улуус бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова эҕэрдэлээтилэр.
Александр Петрович “Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү түмүктүүр бэстибээлэ Чыамайыкы нэһилиэгэр ыытылларынан ыалдьыттары, олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Кини:
- Биһиги аҕам саастаах дьоммут ыччакка сирдьит, бэйэҕит үлэҕитинэн-хамнаскытынан холобур буоларгытыттан үөрэбит. Биһиги – эдэр көлүөнэ дьон эһиги ыйар суолгутунан сылдьыахтаахпыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ мустан уопут атастаһан, бэйэ-бэйэҕитин кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн, дьоҕургутун көрдөрүөххүт. Маннык тэрээһиннэр тэриллэн ыытыллаллара туһалаах, онон, өссө сайдан иһэргитигэр баҕарабын. Евдокия Решетникова бэтэрээннэр сэбиэттэригэр талыллан үлэлээн эрэр. Бу сайын куоракка буолбут “Тыа сирэ – омук дьылҕата” пуорумҥа билсиспиппит. Биһиги аҕам саастаах дьоммутун кытта болҕомтобутун өссө күүһүрдэн, үлэни-хамнаһы тэҥҥэ ыытар соруктаахпыт диэн этэбин. Биһиэхэ урут эмиэ үлэлии сылдьыбыт Анна Архипова бэтэрээн сүбэтин салайааччынан үлэлээн эрэр. Улууспутугар ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттан, саҥаны киллэрэр, сайыннарар сыаллаахпыт. Уран-уус быыстапка биһиги баайбыт буолар, ону сайыннарар маннык тэрээһиннэртэн үөрэнэн, баран-кэлэн билсиэҕиҥ диэн нэһилиэгим олохтоохторун ыҥырабын, ‒ диэтэ.
Евдокия Решетникова:
- Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэбитигэр аҕам саастаах дьоҥҥо улахан болҕомто ууруллар. “Көхтөөх уһун үйэлэнии” тус сыаллаах бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн, бэстибээл сэтинньи 14 күнүттэн саҕаланан улууспут бары нэһилиэктэрин хабан алта бөлөҕүнэн ыытыллан, бүгүн түмүктүүр күнэ. Бэстибээл элбэх киһини түмтэ. Бүгүн манна сүүсчэкэ киһи кэллэ. Бу көлүөнэни ситимниир дьон буолаҕыт. Аҕам саастаах дьоммут өбүгэттэн сүүһүнэн сыллары уҥуордаан кэлбит төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьан ыччаты уһуйар, үүнэр көлүөнэҕэ чөл тиэрдэр, иҥэрэн хаалларар ытык иэстээхпит. Эһиги олоххо ылбыт уопуккутун, эдэр сааска үлэлии сылдьан кыайан арыйбатах дьоҕурдаргытын, сатабылларгытын олоххо киллэрэн күн бүгүн айа-тута, ыччакка тиэрдэ, көҕүлүү сылдьаҕыт. Дьиэҕэ олорон хааллахха киһи өйө-санаата, ыыра кыараан, олоххо тардыһыыта мөлтүүр. Онтон дьон-сэргэ ортотугар таптыыр дьарыгын сайыннара сылдьар киһи үйэтин уһатар. Маннык түмсүүттэн күүс-сэниэ ылан, сэргэхсийэн, олохпутун уһатарга кыһаллыахтаахпыт. Оччоҕо нэһилиэкпитигэр, уопсастыбаҕа, дьиэ кэргэммитигэр, чугас дьоммутугар туһалаах дьон буолуохтаахпыт. Ол буолар биһиги бүгүҥҥү сыалбыт-сорукпут, – диэтэ.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн бэстибээл саҕаланыаҕыттан үлэлээн кэлбит ССРС култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, “Сулустаах эстэпиэтэ” бырайыак ааптара Мария Скрябинаны бу күн култуура управлениетын методиһа, СӨ култууратын туйгуна Эмма Павлова солбуйда. Чилиэннэринэн улуус бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова, өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин сэбиэтин Президиумун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Маргарита Максимова, улуустааҕы култуура управлениетын исписэлииһэ Спиридон Григорьев үлэлэстилэр.
Чыамайыкы нэһилиэгин талба талааннаах бэтэрээннэрэ иллэҥ кэмнэригэр илиинэн оҥорбут кэрэ оҥоһуктарын быыстапкатын көрбүт эрэ кэрэхсээтэ, сылдьыбыт эрэ сыаналаата. Манна уопсайа 10 бэтэрээн үлэтэ туруоруллубут. Кинилэр истэригэр норуот иискэ маастара, Дархан уус Екатерина Соловьева сахалыы таҥас кэмпилиэгинэн, көрүөхтэн кэрэ оҕуруонан симэхтэрэ, суумкалара бааллар. Ону сэргэ Любовь Семенова мозаиканан, Ариадна Иванова валяниенан үлэлэрэ, Анастасия Федорова харчынан коллекцията (нумизматика), Пелагея Никитина Нам туойуттан уонна замшаттан оҥорбут кыыс оҕо, дьахтар симэхтэрэ, Варвара Васильева туостан иһиттэрэ, Галина Захарова сахалыы таҥастара, хаппардара, о.д.а. оҥоһуктар бааллар. Надежда Васильева эмтээх, ыраастанарга аналлаах оту-маһы хатарбыт, туой иһиттэри оҥорбут. Урутаан эттэххэ, олохтоохтор Надежда Николаевна бу нобуордарын ытыктабыллаах дьүүллүүр сүбэҕэ уонна “Эркээйи” хаһыат кэрэспэдьиэнигэр бэлэх уунан, соһуччу үөрүүнү оҥордулар.
Ыаллыы нэһилиэктэр илиилэригэр талааннаах бэтэрээннэрин быыстапкаларын слайданан көрдөрөн сырдаттылар.
Хочоттон норуот маастардара Анастасия Васильева, Октябрина Платонова, сэрии сылын оҕолоро Елизавета Осипова, Мария Григорьева, ону сэргэ, Лариса Колесова, Светлана Корнилова, Татьяна Ефремова, Оксана Лонгинова, Любовь Попова иистэрэ, кыл сэлээппэлэрэ, сиэлинэн, туостан сиэдэрэй оҥоһуктара, саахымат тигиилэрэ, о.д.а. ньыманан оҥоһуллубут оҥоһуктар көрдөрүлүннүлэр. Маны култуура киинин дириэктэрэ Николай Куприянов көрдөрөн билиһиннэрдэ.
Тиэлигилэр быыстапкаларын култуура киинин дириэктэрэ Давид Трофимов сырдатта. Наталья Пахомова, Парасковья Игнатьева кылынан, хоруоҥканан сахалыы киэргэллэри, кыбытыктаах олбохтору, Марианна Осипова, Мария Потапова кыбытыктаах олбохтору, Оксана Алексеева, Саргылаана Кириллина оҕуруонан киэргэллэри, Татьяна Кириллина Саҥа дьыллааҕы оонньуурдары оҥорбуттар. Анастасия Яковлева туойунан сахалыы таҥастаах куукулалары, Маргарита Денисова быысапканан паннолара, кылынан бэргэһэтэ, кура, Татьяна Александрова, Раиса Местникова туоһунан, кылынан оҥоһуктара, Галина Плотникова оҕолорго анаан баайыы таҥастара, Наталья Денисова оҕолорго сыанаҕа кэтиллэр таҥастара, фанеранан араас кэрэ оҥоһуктара, Георгий Устинов муостан муусука инструменнара, Анна Попова хаартыскалара, быысапкалаах көбүөрдэрэ көрөөччү болҕомтотун тартылар.
Бу кэннэ ыаллыы нэһилиэктэр 7-лии ирдэнэр нүөмэрдэринэн эҕэрдэ кэнсиэрдэрин тилэри олорон көрүү буолла. Ытык саастаах дьоммут-сэргэбит сэргэхсийэн, ытыс тыаһа хабыллан олордо, көрдөөх нүөмэрдэртэн күлэн-үөрэн, эттиин-хаанныын чэбдигирдибит. Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ санаатын үллэһиннэ.
“Бүгүн нэһилиэктэр бэлэмнэрэ култуура исписэлиистэрин күүстээх үлэлэрин түмүгэр үчүгэй. Култуура салалтатын, тэрийэр хамыыһыйа аатыттан барыгытыгар махталбытын биллэрэбит. Олохпут хаачыстыбата тупсан, билиҥҥи аҕам саастаах дьон бары эдэр көрүҥнээххит, эдэрдии эрчимнээххит. Бу тэтимҥитин ыһыктымаҥ, маннык тэрээһиннэр салҕанан бара турдуннар, чэгиэн буолуҥ”, – диэтэ Эмма Павлова. Өр сыл улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин ситиһиилээхтик салайбыт Маргарита Михайловна бэтэрээннэри бэстибээл түмүктэнэр чааһа тиийэн кэлбитинэн эҕэрдэлээн туран, кинилэри түмэн, бэлэмнээн аҕалбыт салайааччыларга махтанна. «Манна кыайтарыылаах диэн суох”, ‒ диэтэ уонна дипломнарынан бэлиэтэммиттэри ааттаата.
Чыамайыкыттан норуот ырыата “Моотуона”, “Звездалар” сценка, “Иэйии” дьахталлар ырыа ансаамбыла, Анна Архипова уус-уран ааҕыыта дипломант аатын уонна Геннадий Филиппов ырыата лауреат үрдүк аатын ыллылар.
Тиэлигиттэн дьахталлар “Иэйии” ырыа ансаамбыллара “Дьиэ кэргэн” ырыанан, “Дьиибэ-дьээбэ хомпулар” сценка, “Айар кут” литературнай түмсүү “Дьиэ кэргэн” уус-уран ааҕыыта, “Алып” фольклор бөлөҕө норуот ырыатынан дипломант буоллулар, Иннокентий Кириллин “Мин дойдум – Тиэлиги” ырыата лауреат үрдүк аатын ылла.
Быраматтан Матрена Чупрова фольклор дьүһүйүүтэ, дьахталлар ырыа ансаамбыла “Сайылык” ырыанан, “Чороонноох үҥкүү” уонна Николай Федоров “Хатыҥчааным барахсан” ырыанан, Альбина Захарова “Барыта оҕолор иһин” уус уран ааҕыытынан лауреат үрдүк аатын сүктүлэр.
Хочоттон “Алаадьы күнэ” сценканан, “Былааттаах үҥкүү” дипломант буоллулар, Надежда Слепцова “Дьүөгэлэриэм” солота, фольклор бөлөҕүн толоруутугар норуот ырыаларынан попурри, “Хоһоон хонуута” литературнай түмсүү «Сирдээҕи дьол түстэнэр” ааҕыылара, Николай Куприянов “Ырыам уонна сибэкки” ырыанан лауреат үрдүк аатын ыллылар.
Олохтоохтору кылгастык сырдаттахха, улууспут саамай түгэҕэр сытар ыраах Чыамайыкы нэһилиэгэ сирэ-уота кыараҕас да буоллар, өлгөм үүнүүлээх өҥ сиринэн биллэр. Манна олохтоох дьон сүөһү-ас иитиитинэн дьарыктаналлар, ону сэргэ, “Чүүйэ” МУТ субан сүөһүтэ сайынын мэччийэр. Нэһилиэккэ биэрэпис түмүгүнэн 438, билигин 300-тэн тахса киһи олорор. 50 сааһыттан үөһээ саастаах дьон 100-тэн тахсалар. Соҕотох тыыл бэтэрээнэ Дария Гаврильевна Семенова, алта сэрии сылын оҕолоро бааллар. Баһылык Александр Захаров үлэлээбитэ төрдүс сыла. Нэһилиэккэ быйыл Түөлбэ сыла биллэриллэн дьону-сэргэни түмэн, элбэх тэрээһин ыытыллыбыт. Олортон биирдэстэринэн көмүс күһүн дьоро күнүгэр “Тамма”, “Аартык”, “Ньыкыы”, “Чолбон” түөлбэлэрэ “Күһүҥҥү хартыынаны тилиннэр” диэн нэһилиэктэригэр ыытыллыбыт куонкуруска кыттыбыт хартыыналара куйаар ситиминэн өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕаммыта буолар. Манна В.И.Кононов аатынан “Тамма” култуура киинин исписэлиистэрин көҕүлээһининэн биллиилээх худуоһунньуктар хартыыналарын персонажтарын үүт-үкчү үтүктэн, таҥнан, туттан-хаптан, хаартыскаҕа түспүттэрэ куйаар ситимин нөҥүө көрбүт дьон кэрэхсэбиллэрин ылбыттара, күөх экрааҥҥа, араадьыйаҕа тахсыбыттара. Бу тиэмэлэрин “Звездалар” сценка оҥорон бүгүҥҥү бэстибээлгэ туруорбуттарын дьон-сэргэ биһирии көрөн үөрдэ-көттө. Билигин нэһилиэккэ түөлбэлэринэн кэнсиэрдэр ыытылла тураллар. Нэһилиэк аҕалара, эр дьон түмсүүтэ оскуола оҕолорун булка-алка, муҥхаҕа уһуйаллар. Бу күн ыкса алтыһан, нэһилиэк дьоно барытыгар олус көхтөөхтөрүн биллибит-көрдүбүт.
Чыамайыкылар бу бэстибээлгэ бэлэмнэниилэрэ бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлин талыыттан саҕаламмыт. Хомсомуол саҕаттан тэрийээччи, саҕалааччы, дьону түмээччи Анна Ивановна Архипова талыллан үлэлии сылдьар. Кинини кытта култуура исписэлиистэрэ Дарьянна Максимова, Ольга Захарова аҕам саастаахтары түмэн бэрт кэнсиэри тэрийбиттэр. Бибилэтиэкэр Саргылана Романова быыстапканы туруорбут.
Дьоро күнүнэн ыалдьытымсах Чыамайыкылар бэстибээл кыттыылаахтарын уоттаах-күөстээх минньигэс туордунан күндүлээтилэр. Бэтэрээн дьон истиҥ көрсүһүүттэн астынан, тэрийээччилэргэ, олохтоохторго махтанан тарҕастылар.
Марелла Баишева.