Бэйэ сүөһүтүн-аһын ииттэн, доруобай аһылыгынан хааччынар кэммит кэллэ

 

«Интеллигенция билигин тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сурунааллары уонна кинигэлэри сурутуохтаах, олортон ылбыт билиилэрин күүһэ уонна кыаҕа тиийэринэн тарҕатыахтаах.

Көс дьоннору кытта ыаллаһан олорор күммүт кэллэҕинэ, үс уокурук сахаларын тыыннаах буолууларын суос-соҕотох уонна эрэллээх төрүтүнэн бурдук, уопсайынан, сир оҥоһуута буолуоҕа.

Мин саныырбынан, тыа хаһаайыстыбаннай алын тииптээх оскуолалар наадалар, онно, муҥ саатар, тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салааларыгар билиини биэриэххэ».

Өксөкүлээх Өлөксөй.

Бу курдук саха норуотун улуу бөлүһүөгэ Алексей Кулаковскай 100 сыл анараа өттүгэр эппит кэс тыллара күн бүгүн олохпут сүрүн суолталаах тыын боппуруоһунан буоллулар.

Кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах араас элбэх бырагыраамалар үлэлииллэр, тыа сиригэр олорор дьон кэтэх хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар өрөспүүбүлүкэ, улуус өттүлэриттэн көмө, өйөбүл баар.

 

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын иккис сыла. Бу чэрчитинэн, Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын, Майатааҕы “Алаас ыала” түмсүү уонна “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук көҕүлээһиннэринэн “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр аналлаах дьоро күн үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ.

Дьоро күн “буруйдаахтарынан” Майа сэлиэнньэтэ туруктаах буоларыгар кылааттарын киллэрсэн нэһилиэнньэни сибиэһэй аһынан хааччыйар, үрүҥ аһы үрүлүтэр, эмис эти дэлэтэр  сүөһү, сылгы иитэр үлэһит дьон, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэттэр, Майатааҕы “Алаас ыала” түмсүү, эт-үүт кэмбинээтин бэтэрээннэрэ, урбаанньыт Афанасий Борисов кэлэктиибэ, о.д.а. буоллулар. Кинилэр аҕалбыт астарынан, оҥоһуктарынан быыстапка туруоруллубут.

Үтүө-мааны бэтэрээннэри, билигин үлэлии сылдьар үлэһиттэри түсчүт Зиновий Игнатьев арчылаата-алгыстаата.

Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыга Алексей Неустроев, олохтоох дьаһалта тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Марианна Федотова, улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы “Алаас ыала” хамсааһын салайааччыта Евдокия Решетникова эҕэрдэлээтилэр.

Баһылык Алексей Иннокентьевич:

-Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ саха дьонугар саамай чугас, өбүгэттэн кэлбит, эппитигэр-хааммытыгар баар дьарыкпыт буолар. Саха тылын сүмэтэ, саха дьонун үтүө үгэһэ барыта манна баар: от-мас, хотон, бааһына үлэлэригэр, сүөһү-сылгы иитиитигэр. Кэнчээри ыччаппытын бу эйгэҕэ сыһыаран, бу үлэни таптыырга, сөптөөхтүк туһанарга иитэргэ дьулуһуохтаахпыт.

Кистэл буолбатах, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир, сүөһү-ас иитиитинэн ылсан дьарыктанар дьон аҕыйахтар. Ол эрээри, нэһилиэктэргэ биирдиилээн ыччаттар ылсан иһэллэрэ, баара үөрдэр, эрэли саҕар. Бэйэ сүөһүтүн-аһын иитэн, доруобай аһылыгынан хааччынар кэммит кэлбитин дьоммут-сэргэбит өйдөөн эрэр. Биһиги бу салааҕа күн бүгүн үлэлии сылдьар дьоммут — эһиги холобургутунан ыччаппытын иитэбит. Эһиэхэ олохтоох дьаһалта, дьокутааттар уонна тус бэйэм ааппыттан махталбытын биллэрэбит. Чэгиэн буолуҥ, эһиги үлэлиир, айар-тутар эйгэҕит хаһан да уостан-сүтэн хаалбатын, норуот быһыытынан чэчирии-сайда туруоҕуҥ, — диэн эттэ.

Майа сэлиэнньэтигэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын “Сэлиэнньэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин” бэлиэнэн эт кэмбинээтин бэтэрээннэрэ Наталия Колосова, Алексей Яковлев, Татьяна Саввина уонна урбаанньыт А.А.Борисов тэрилтэтин суоппара Иван Лыткин, “Майа – дойдум барахсан” бэлиэнэн учуутал идэлээх, оҕуруоччут, кэтэх хаһаайыстыбалаах Мичийэ Аргунова, эт кэмбинээтин бэтэрээннэрэ Елизавета Чечебутова, Мария Дудкина, баһылык Махтал суругунан урбаанньыт “А.А.Борисов” тэрилтэтин суоппара Николай Федоров, семенной инспекция агрономнара Елена Сергеева, Мария Кычкина, кэтэх хаһаайыстыбалаах Анатолий Санников наҕараадаланнылар.

Улууска, сэлиэнньэҕэ тыа хаһаайыстыбата элбэх хайысханан киэҥник сайдарын туһугар Майатааҕы “Алаас ыала” түмсүү 2017 с. тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлиир. Бастакы салайааччынан Розалия Терентьева талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбит. 2023 сылтан Клавдия  Тихонова тутан үлэлии сылдьар. Түмсүү сэлиэнньэ ыытар үлэлэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Алаас ыаллара “Быйаҥнаах тэлгэһэ”, “Идэһэ” атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларын тэрийэн, өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан исписэлиистэри ыҥыран оҕуруотчуттарга аналлаах сэминээрдэри ыытан кэллилэр. Бу туһунан салайааччы Клавдия Владимировна сырдатта.

Эт кэмбинээтигэр дириэктэринэн үлэлээбит Михаил Попов, билигин үлэлии сылдьар урбаанньыт Афанасий Борисов, уопсайа 30-тан тахса сыл бэтэринээринэн үлэлээбит Марианна Афанасьева, Майа баһылыгынан 12 сыл үлэлээбит Тимофей Нестеров, эт-үүт кэмбинээтигэр өр сыл технологынан үлэлээбит, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Раиса Петрова, улуус Ытык ыалын аҕата, үлэлээбит сирдэригэр салайааччынан сылдьыбыт, кэтэх хаһаайыстыбалаах Семен Никаноров, 1974 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар үлэлээбит, билигин агрономунан үлэлиир Елена Сергеева, о.д.а. ахтан-санаан аастылар, ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр.

Дьоро күн кыттыылаахтара И.М.Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэлэмнээбит викториналарыгар оонньоотулар, Марианна Федотова тэрийиитинэн сэппэрээтэр хомуйуутугар бириэмэҕэ куоталастылар. Манна кэтэх хаһаайыстыбалаах Егор Трифонов судьуйалаата. Бастакы миэстэни Тиэлигиттэн кэлбит ыалдьыт Людмила Петрова ылла. Үөрүүлээх тэрээһин ыытыллыытыгар  урбаанньыт “А.А.Борисов” тэрилтэтэ уонна “Алаас ыала” түмсүү успуонсардаатылар. Оонньуу кыайыылаахтара бары дипломунан, бирииһинэн бэлиэтэннилэр.

 

Түмүккэ Евдокия Решетникова эдэр саастарыттан күн бүгүнүгэр диэри ынах сүөһүлэрин тутан олорор дьоһун-мааны бэтэрээн дьоммутун эҕэрдэлээтэ, сэбиэскэй кэмҥэ бу салааҕа тахсыылаахтык үлэлээн ааспыт дьону аҕынна. Салгыы кини: “Инникитин аһатан-сиэтэн олорор хайысхабыт хайдах буолуоҕай диэн санаалар үөскүүллэр. Маныаха билигин олохпут сайдан, усулуобуйа, кыах, инникини, кэскиллээҕи толкуйдуур ыччаттар бааллар. Биир үтүө холобурунан ыччаты көҕүлээн Михаил Масаха бу дьыалаҕа ылсан саҕалаабыта буолар. Кини блогер буолан, үлэтин хаамыытын сиһилии сырдатан, социальнай ситимҥэ  таһааран иһэрин бары сэргии көрөбүт. Билиҥҥи ыччат “Сыраҕытын биэрэн туран иитэн кэлбит сүөһүгүтүн эһэн кэбиспэккэ, төрүт дьарыкпытын салгыы сайыннарарга үүнэр көлүөнэ ыччаккытыгар нэһилиэстибэ быһыытынан анаан хааллараргыт наада”  диэн бэрт этии көтөхпүтэ. Оччоҕо ыччат ханна да олорор буоллаҕына, бу сайдыылаах үйэҕэ суолу-ииһи толкуйдаан, дьонноруттан хаалбыт баайдарын-дуолларын салгыы харыстыыр ньыманы тобулуо этилэр. Онон инникигэ эрэллээх буолуоҕуҥ, үөрэ-көтө сылдьыаҕыҥ, үлэҕэ-хамнаска билбит баай уопуппутун эдэр ыччакка тиэрдэ сылдьыаҕыҥ,” —  диэн  баҕа санаатын эттэ.

“Кыталык” норуодунай ансаамбыл иһинэн үлэлиир аҕам саастаахтар бальнай, Мария Кычкина эдэрдии эрчимнээх үҥкүүлэрин бөлөхтөрө, хомусчут Мария Иванова, ырыаһыт Линда Захарова, о.д.а. ырыанан-үҥкүүнэн эҕэрдэлээтилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын үрдүк эппиэтинэстээх үлэтин-хамнаһын өрө тутар, өйдөрүн-санааларын, сатабылларын ууран бэриниилээхтик үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьон дьоро күннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээн сэбиэтин Президиумун чилиэнэ Маргарита Максимова иилээн-саҕалаан бэрт сэргэхтик итиэннэ үрдүк таһымнаахтык ыытта.

Дьоро күн ыҥырыылаах ыалдьыттара дуоһуйа санааларын үллэстэн, тэрийээччилэргэ ис сүрэхтэриттэн махтанан тарҕастылар.

 

Марелла Баишева.