Сыр элбэх битэмииннээҕин, эт-хаан үлэтигэр чэпчэкитин уонна иҥэмтиэлээх тотоойу аһылык буоларын билбэт киһи суоҕа буолуо. Онуоха эбии, билигин бэйэ оҥорон таһаарар аһын-үөлүн аһыыр дьон доруобуйалара чэгиэн туруктаах буоларын хас биирдиибит өйдүүр буолла.
Хара нэһилиэгин олохтооҕо Павел Егорович Филиппов дьиэ кэргэнинэн “Туйгун” агрокластерга дьиэ-уот туттан, быраата Егор Константиновичтыын “Филиппов Е.К.” аатыгар пиэрмэр хаһаайыстыба тэринэн тыа сиригэр сонун үлэ көрүҥүн саҕалаабыттар.
Филипповтар дьиэ кэргэн хас да сыл инниттэн олохтоохтук тэринэн сыр оҥоруутунан быйыл бэс ыйын 20 күнүттэн саҕалаан биир да күн өрөөбөккө үлэлээн-хамсаан кэллилэр. Олохтоох бородууксуйа атыыга хамаҕатык барар. Майа, Аллараа Бэстээх, Амма улууһун, Дьокуускай куорат маҕаһыыннарын кытта сайыҥҥы кэмҥэ сайаапканан үлэлиир. Кэргэнэ Алена Васильевна Филиппова технологынан үлэлиир. Кини Липецкэйгэ баран үөрэммит. Ыам ыйыгар Омскайтан сыр оҥоруутугар Максим Петров диэн маастар кэлэн ый курдук үөрэппит, тэриллэрин хомуйан туруорсан, таҥан биэрэн көмөлөспүт. Филипповтары кытта Хара нэһилиэгин Михаил Федоров, Николай Гаврильев бааһынай хаһаайыстыбалара дуогабардаһан үлэлэһэллэр. Кинилэр 40-ча ынах үүтүн, күҥҥэ муҥутаан 300-кэ л үүтү ыан сарсыарда, киэһэ аҕалан туттараллар. Павел Егорович үүт туттарааччыларыгар үрүҥ аска бары өттүнэн табыгастаах буоллун диэн 12 л пластик биэдэрэлэри ылан биэрбит. Сыр сыаҕын үлэһиттэрэ туттарыллар үүтү тутатына сыатын, белогун, плотноһын, кислотноһын анал тэриллэринэн бэрэбиэркэлээн, ыйааһыннарга мээрэйдээн туталлар, барыта таабылга суруллан отчуоттанар. Сыртан ордор үүтү 64-72 кыраадыска диэри сылытан, о.э. пастеризациялаан, арыы оҥороллор. Павел, Алена Филипповтар сыр оҥорор хаһаайыстыбаларыгар бэйэлэрин таһынан Богдан Филиппов уонна Саргылана Брызгалова үлэлииллэр.
Манна барыта алта көрүҥ сыры оҥороллор. Кавказтан төрүттээх «Сулугуни”, Италияттан төрүттээх “Качотта” диэн кытаанах аҥардаах, уһуннук ситэр уонна уһун кэмҥэ харайыллар сырдар буолаллар. Итилэри сэргэ, кавказскай “Осетинскай”, кипрскай сымнаҕас “Халлуми”, швейцарскай “Беллер Кнолле”, “Рикотта” иэдьэгэйтэн сымнаҕас сырдар оҥоһуллаллар. Биэрэстээх, укроптаах, мята оттоох сырдар бааллар. Оҥоһуллубут бородууксуйа тоҥорор камераҕа хараллан турар. Сиппит сырдары вакуумнаан атыыга таһаараллар. Сымнаҕас сыр 2 нэдиэлэ устата, кытаанах сырдар онтон уһун кэмҥэ хараллаллар.
Филипповтар үлэлэрин күнэ сарсыарда 7 чаастан саҕаланар уонна киэһэ 23 аҥар чааска бүтэр. Дьиэ кэргэн икки уол оҕолоохтор.
Павел Филиппов киэҥ хабааннаах үлэлээх. 2014 сылтан дьиэ кэргэнинэн тигээйини, кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 70-ча сылгыны иитэллэр. Павел Егорович Амма Болугуругар 100 сүөһү турар хотонун тута сылдьар. Тыа сирин ыччатыгар бастыҥ холобур буолар эдэр киһи былаана киэҥ.
Марелла Баишева.