Бэдьимэлэр тупсарыныыга мас олортулар

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Бэдьимэҕэ Кыайыы 80 сылын көрсө уонна Дьиэ кэргэн сылыгар анаан, ыһыахтыыр сирбитигэр көҕөрдүү үлэтин чэрчитинэн мас олордуута көхтөөхтүк ааста.

Нэһилиэк аҕам саастаахтара, тэрилтэ үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Үлэ кэнниттэн итии миин, үүттээх чэй хото тардылынна.

2025 с. нэһилиэккэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан кулууп ис-тас өртүн өрөмүөнүгэр диэн биир санааҕа кэлэн көҕүлүүр үлэ саҕаланна. Төрөөбүт дойдубут сайдарын, тупсарын туһугар көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар барҕа махтал буоллун. Өрүү да бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Марина Яковлева. Бэдьимэ