Олунньу 15 күнүгэр Бэдьимэ нэһилиэгэр бырабыыталыстыба отчуотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирин солбуйааччы Никита Павлов салайар бөлөҕө туруода.
Кыттыыны ыллылар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов уонна управлениелар салайааччылара. Бэдьимэ олохтоохторун кытта көрсүһүүнү баһылык Петр Андросов салайан ыытта.
В.В.Ноев аатынан култуура киинигэр 59 олохтоох кэлэн бөлөх салайааччыта Никита Павлов оҥорбут дакылаатын иһиттилэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар улахан тиэхиньикэ ыларга ханнык көмө баарын, үүт иэһэ хаһан төлөнөрүн, сылгы иитиитигэр саҥа сокуону, үлэ бэтэрээннэригэр туох көмө баарын ыйыттылар.
Олохтоохтор бэйэлэрин этиилэригэр саҥа оскуола тутуутун, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы айан суола оҥоһуллара наадатын, эдэр ыччат нэһилиэккэ олохсуйан үлэлииригэр усулуобуйа уонна бырагыраама наадатын, ыччат ахсааныгар киирэр сааһы улаатыннарары, оттуур сир суоҕун бэлиэтээн эттилэр.
Иван ЛУКИН.