Биһиги аҕабыт Спиридон Васильевич Шишигин төрөөбүт нэһилиэгин дьиҥнээх партиота этэ. Сэрии саҕаланнаҕын сыл Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн, Табаҕа оскуолатыгар учууталынан ананан тахсыаҕыттан «дьонум-сэргэм, нэһилиэгим туһа» диэн Орто Дойдуттан барыар дылы ис сүрэҕиттэн кыһаллан, бары күүһүн-кыаҕын биэрэн үлэлээбитэ, үөрэнээччилэрин, дьонун-сэргэтин махталын ылбыта, бэйэтин туһунан үтүө өйдөбүлү хаалларбыта.
Сэриигэ тылланан, доброволеһынан 1942 с. бэс ыйын 26 күнүгэр Табаҕа оскуолатын директорыныын А.И. Сосинныын бииргэ барбыттара. Икки сыл сэриилэһэн, ыараханнык бааһыран, 1944 с. сайыныгар дойдутугар эргиллибитэ.
1944-1945 үөрэх дьылыгар учууталлаабыта, кэлин үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, директорынан үлэлээбитэ.
Сэрииттэн ыараханнык бааһыран, улахан контузияны ылан кэлбит эдэр киһи эмиэ бэйэтин курдук тулаайах кыыһы «Табаҕа» холкуос бырабылыанньатын чилиэнин, биригэдьиирин төрүт Тараҕай олохтооҕун Зоя Николаевна Аргунованы 1944 с. ахсынньы ыйга кэргэн ылбыта, сыбаайбалаабыттара.
Бэйэтэ суруйарынан, 1944 с. ахсынньы 5 күнүгэр партияҕа киирбит, 1948 с. Мэҥэ-Хаҥалас БСК (б) П райкомун пленумун чилиэнинэн быыбардаммыт. Бу сылларга политическай үлэни салайсыбыта. «Табаҕа» колхоз үлэтигэр быһаччы көмөлөһөрө, пропагандистаабыта. Сэрии тулаайахтарыгар ураты амарах сыһыаннааҕын үөрэнээччилэрэ махтана ахталлар. 1945 с. Табаҕаҕа Кыайыы ыһыаҕын тэрийсибитэ, сэргэлэри туруортаабыттара (олортон биир Кыайыы сэргэтэ Ем. Ярославскай аатынан музейга экспонат буолан көрдөрүүгэ турар). Бэйэтэ ол ыһыахха атах оонньууларыгар кыттан, бириистэргэ тиксибитэ, дакылаат оҥорбута.
1949 с. кыра колхозтары бөдөҥсүтэр үлэ ыытыллыбыта. Бэйэтэ ахтарынан, 1948-1950 сс. «Табаҕа» колхоз маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтин секретарынан талыллан үлэлээбит. Онон «Табаҕа» уонна «Стахановец» колхозтар холбоһууларын салайан ыытыспыт, кэлин «Табаҕа» уонна Калинин аатынан колхозтар холбоһон Булганин аатынан бөдөҥсүйбүт колхоз буолууларыгар эмиэ улахан тэрийэр, өйдөтөр үлэҕэ актыыбынайдык кыттыбыта. Бөдөҥсүтүү кэлин дөксө күүскэ ыытыллыбыта: «Булганиннар» «Чапаевтары» кытта холбоһон Өлөчөйгө кииннээх «Коммунизм» колхоз буолбуттара. 1963 с. бу колхоз К.К. Байкалов аатын ылыммыта. Бу манна барытыгар С.В. Шишигин Табаҕа биир ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, бас-көс киһитин быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьыбыта, Табаҕа бөһүөлэгэ колхоз-совхоз киинэ буолара табыгастааҕын турууласпыта, үгүс тыл эппитэ, сүүрбүтэ-көппүтэ. 1965 с. Моорук сельсоветын председателинэн талыллыбыта уонна 8 сылтан ордук кэмҥэ бу 3000 тахса киһилээх Бүтэйдээх, Табаҕа, Өлөчөй, Суола, Абалаах курдук нэһилиэнньэлээх пууннардаах бөдөҥ нэһилиэги дьоһуннук салайбыта, П.Н. Попов, Н.А. Сивцев, М.П. Захаров, Д.П. Сыроватскай курдук бөдөҥ хаһаайыстыбаннай салайааччылары, совхоз директордарын кытта биир тылы булан, бэркэ тапсан үлэлээбитэ, совхоз үлэтигэр бары өттүнэн үтүө сабыдыаллаах көмөнү оҥорбута.
Кини салайар кэмигэр Моорук нэһилиэгэ республика биир бастыҥ үлэлээх нэһилиэгэр кубулуйбута, социалистическай куоталаһыыларга хаста да бастаталыы сылдьыбыта. Спиридон Васильевич бэрт тэрээһиннээх, кэпсэтиилээх салайааччы буолан, тутуунан күүскэ дьарыктаммыта, нэһилиэгин бөһүөлэктэригэр саҥа оскуолалары, детсадтары, хонтуоралары туттартаабыта. Совхоз иһинэн социалистическай куоталаһыылары тэрийсиигэ, бөһүөлэктэри тупсарыыга, суол-иис оҥоруутугар быһаччы кыттара, салайсара. Совхоз бастыҥ үлэһиттэрэ нэһилиэк советын депутаттарынан талыллан үгүс өрүттээх үлэни бэйэлэрин олорор сирдэринэн ыыталлара, бэрээдэк тупсубута. Производство бастыҥнарын, үлэ ветераннарын салайан хаста да соҕуруу дойдунан сылдьан кэлбитэ. Биир сырыытыгар дойду транспортка министригэр, Саха сириттэн ССРС Верховнай Советыгар депутат Б.П. Бещевкэ сылдьан, автобус аҕалан турардаах. Арааһа, бу Саха сиригэр бастакы маннык түбэлтэ буолуохтаах.
Биһиги аҕабыт, билиҥҥи өйдөбүлүнэн, государственник этэ. Хос эһэтэ Уол Табаҕа күөлүн хордорон, нэһилиэгэр өлгөм оттоох киэҥ ходуһа сирин оҥорторбут. Тараҕайга балачча уһуннук кинээстээбит Иван Шишигин – Сысыыгын кинээс туһунан киэн тутта кэпсиирэ, нэһилиэгэр совет председателинэн талыллан үлэлиириттэн улаханнык астынара, киэн туттара, үгүс саҥаны, үчүгэйи олохтообута.
Бөдөҥсүйбүт «Коммунизм» колхоз К.К. Байкалов аатын ылыаҕыттан историк, краевед быһыытынан Спиридон Васильевич кини аатын үйэтитэргэ улахан үлэни ыыппыта, Монголия оччотооҕу баһылыгын Ю. Цеденбалы кытта суруйсубута, Байкалов Монголияҕа барон Унгерны утары сэриилэспитин туһунан матырыйааллары ылбыта. (Бу матырыйааллар копиялара Бүтэйдээх, Суола, Табаҕа музейдарыгар бааллар), Байкалов уола Лев Карлович СГУ медицинскэй факультетыгар доценнаабыта. Кини аҕатын туһунан сүрдээх сыаналаах уонна сэдэх экспонаттары С.В. Шишигин тэрийбит Табаҕа оскуолатын музейыгар биэрбитэ. Ону аҕабыт ырааҕы, киэҥи толкуйдуур киһи буолан Ярославскай аатынан музейга туттарбыта. Онон кини үтүөтүнэн Байкаловка ЯЦИК 1923 с. генерал Пепеляевы үлтүрүтүүгэ үтүөлэрин иһин наҕараадалаабыт үрүҥ көмүс знага, бебут-саабылата, кумааһынньыга биһиги музейбытыгар көрдөрүүгэ тураллар.
Аҕабыт тэрийсиитинэн К.К. Байкалов 80 сааһын 1966 с. Бүтэйдээҕинэн, Суоланан, Табаҕанан, Майанан киэҥник бэлиэтээбиттэрэ, албан аатырбыт кыһыл командирдар уолаттара Л.К. Байкалов, Н.И. Строд ыалдьыттаабыттара. Лев Карловиһы колхоз бочуоттаах чилиэнэ оҥорбуттара.
Аҕабыт Спиридон Васильевич Уол Табаҕа дьиҥнээх патриота этэ. Онон Табаҕа бөдөҥсүйбүт, республикаҕа биир бастыҥ совхоз кини уһаайбата буолбутуттан олус үөрэрэрэ, астынара, күүһэ кыайарынан кэскиллээх улахан боппуруостары көтөҕө, быһаарса сатаабыта. Биир өйдөөх-санаалаах дьоно, М.Е. Васильев, Т.С. Попов, үөрэппит уолаттара, сиэн быраата Т.С. Петров, А.В. Бурнашев, М.П. Егоров, И.Д. Бурнашов, М.М. Скрябин, И.А. Санников, В.А. Марков уо.д.а. Байкалов совхозка, Табаҕа сайдарыгар күүскэ үлэлээбиттэрэ. Кинилэр ааттара өрүү да махталынан ааттана туруо.
Билигин кини тэрийбит нэһилиэкпит музейа аҕабыт аатын сүгэр. Кини аатынан үөрэнээччилэргэ стипендия баар. Аҕабыт төрүттээбит «Шишигиннэр учууталлар династияларыгар» холбоон 523 сыл үлэлээбит 35 киһи: кэргэнэ, оҕолоро,сиэннэрэ, кийииттэрэ, күтүөттэрэ киирэр.
Аҕабыт олоҕо салҕанар…
Е. Шишигин, РФ, СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ,
Россия музейдарын Союһун Президиумун Бочуоттаах чилиэнэ,
Духуобунас Академиятын Бочуоттаах Академига,
Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта улуустарын, Амма, Бүтэйдээх,
Тараҕай нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина,
СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ, Саха музейын үрүннүүр научнай үлэһитэ, историческай наука кандидата, доцент