Барылас ытык сиригэр

Алтынньы 1 күнүгэр – Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэригэр Майатааҕы “Сырдык Айыы сыдьаайа” түмсүү дьоно салайааччыбыт Анна Климентова итиэннэ арчыһыт Лидия Андреева-Ил Иитэ көҕүлээһиннэринэн Хорообут нэһилиэгин “Барылас” кэрэ-бэлиэ айылҕалаах, дохсун долгун барылас тыаһа доҕуһуоллаах сиригэр аат ааттаан тиийэн көмүс күһүнү атаардыбыт.  Айылҕабыт анаан биэрэн бу күн биир да былыта суох күп-күөх, ып-ыраас халлаан турда, күммүт уота сайыҥҥылыы чаҕылыйан сылааһынан угуттаата. Түүҥҥү хаһыҥнар хаарыйаннар тыабыт барахсан кыһыл көмүс дуйунан бүрүммүт, хаарыс солко былаатын бааммыт. Аны ый аҥарын курдугунан Бокуруопка үктэнэн, кыһыҥҥы хонуктарбыт ааҕыллыбытынан барыахтара.

Бу күн арчыланан, алгыс ылан, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн эппитин-хааммытын уһугуннарар хамсаныылары оҥордубут, хаамтыбыт, сыттыбыт-турдубут. Эмтэнии биир көрүҥүнэн уунан ыраастаныы буоларынан сүүрүктээх, курдат көстөр ып-ыраас, таастардаах дьэҥкир ууга туран илиибитин, сирэйбитин сиигиттибит, оҕо сааспытын санаан таастары хомуйан пирамидалары оҥордубут, хонууттан, тыаттан эмтээх оттору-мастары хомуйдубут.  “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн”  диэн этиллэринии, бэйэбит оҕуруоппут астарынан тэлгэммит сандалыбыт тула олорон турукпутун сайыннарар өй оонньууларын оонньоон, таабырын таайсан, ырыа ыллаан астына-дуоһуйа сынньанныбыт. Кэлэн иһэн олохтоох дьонтон сибиэһэй собо атыылаһан дьиэбитигэр кэһиилээх кэллибит.

Улуу Суоруммут ыйын маннык сэргэхтик күүлэйдээн атаардыбыт, Хотой Айыыбыт ыйыгар саҥа күүс-уох ылан үктэннибит. Манна биһигини тиэйэн, арыаллаан сылдьыбыт Тихон Андреевка, Мария Сивцеваҕа уонна Иван Тимофеевка умнуллубат сырыыны бэлэхтээбиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Марелла Баишева.