Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорор сыаллаах билигин олус наадалаах маскировочнай сиэккэни оҥорон ыытыыга Мэҥэ нэһилиэгин олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар.
Илиилэрин сылааһынан угуттаан уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ (дириэктэр Любовь Кычкина), «Арчы» түмсүү (Надежда Рожина) иилээн-саҕалаан ийэлэр күүс-көмө буоллулар. Ис сүрэхтэн тахсар алгыһынан арчылаатылар, уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕа санааларын эттилэр.
Надежда Федоровна бииргэ төрөөбүт балтын Николаева Светлана Федоровна төрөппүт кыыһа Алена Лебедкина дьиэ кэргэнинээн Хабаровскайга олорбуттара үһүс сыла эбит. Алена Васильевна байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар көмө буолар, волонтердуур. Госпитальга сытар уолаттарга бары өттүнэн өйөбүл буолар. Ону таһынан байыаннай дьайыыларга баран иһэр оҕолору көрсөн атаарсар, аһатар. Кэлэн иһэр уолаттары көрсөн үксүлэрин дьиэтигэр хоннорон, ийэлии сыһыаннаһан дойдуларыгар ыытар.
Бу күннэргэ Лоомтукаттан сылдьар оҕону аҕалан дьонугар туттарда. Кыыспыт улууһугар хаһыс да кэлиитэ. Кини кэллэҕинэ үөрэ-көтө көрсөр, сүбэ-ама буолан көмөлөһөр дьонугар улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка, Дьокуускай куоракка олорор юрист Майя Галактионовнаҕа, Хара нэһилиэгин баһылыгар Дария Назароваҕа, «Хоту» ТХПК дириэктэригэр Иван Ильич Максимовка, өрүү көмөлөһөр улууһун олохтоохторугар махталын тиэрдэр.
Бу күннэргэ Князеволконскайга «Полк для выздоравливающих» саллааттарга Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан көмө сахалыы астары ‒ үтэһэлээх эти, кымыһы туттаран уолаттар үөрүүлэрэ улахан. Алена Васильевна курдук үтүө санаалаах өрөспүүбүлүкэ тас өртүгэр олорор биир дойдулаахтарбыт ис сүрэхтэн баҕаран туран көмөлөһөллөрө уолаттарбытыгар улахан өйөбүл буолар. Кинилэргэ барыларыгар үтүө санааҕыт, көмөҕүт иһин саллааттарбыт чугас дьоно, биир дойдулаахтаргыт махталларын тиэрдэллэр.
Мария Захарова.