Балыктаахха «Истиҥ көрсүһүү»

Балыктаахха олохтоох дьаһалта уонна култуура дьиэтин үлэһиттэрин тэрийиилэринэн Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах «Истиҥ көрсүһүү» диэн ааттаах итии чэйдээх-астаах тэрээһин тэрилиннэ.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Иван Мохначевскай бөһүөлэк ытык-мааны аҕам саастаах дьонун эҕэрдэ тылынан бэлиэтээтэ, үбүлүөйдээх саастарын туолбут үлэ бэтэрээннэригэр 80 сааһын томточчу туолбут Анна Христофоровна Винокуроваҕа, 75 саастарын туолбут  Мария Иннокентьевна Гоголеваҕа, Мария Дмитриевна Олесоваҕа, Василий Дмитриевич Стручковка, 70 саастарыгар үктэммит Валентина Андреевна Мохначевскаяҕа, Василий Васильевич Скрябиҥҥэ, 65 саастарын туолбут Александр Гаврильевич Говоровка, Афанасий Алексеевич Цыпандиҥҥа, 60 саастаах Геннадий Гаврильевич Говоровка, Валентина Дмитриевна Заровняеваҕа, Мария Иннокентьевна Никитинаҕа Эҕэрдэ суруктары, өйдөбүнньүк бэлиэлэри туттартаата.

«Лесной» түөлбэ олохтоохторун аатыттан кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит  Татьяна Васильевна Дьяконова уонна Роман Иннокентьевич Гоголев, Анисия Даниловна, Иннокентий Дмитриевич Скрябиннэр дьиэ кэргэннэригэр Эҕэрдэ суруктары, анал сэртипикээттэри, «Аартык», «Сайдыс» түөлбэ салайааччылара үбүлүөйдээхтэргэ, «Сүрэх тыа» түөлбэ эдэр эбээ буолбут олохтоохторугар Лилия Долгуноваҕа, Парасковья Мохначевскаяҕа истиҥ эҕэрдэлэрин, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Балыктаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлэрин, оҥорбут аккырыыккаларын үөрэ-көтө бэлэх ууннулар.

Олохтоох култуура дьиэтин кэлэктиибин аатыттан нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттааччыларга анал ааттары иҥэрэн бириистэрин туттардылар. «Төрүт үгэһи илдьэ сылдьар уһуйааччы» анал ааты Афанасий Протодьяконовка, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан сыллата ыытыллар «Булчут кутаата» үйэлээх бырайыак» Егор Мохначевскайга, «Бастыҥ настаабынньык» Анисия Скрябинаҕа, «Тыа ыалын тиэргэнэ» ‒ бастыҥ бырайыак» Алексадра, Павел Габышевтарга, «Тэрээһин аайы бастыҥ муусукаалынай эҕэрдэ» Вера Фадееваҕа, «Төрүт үгэскэ олоҕуран элбэх тэрээһини тэрийсибит» Надежда Рожинаҕа ананнылар.

Дьоро күнү эҕэрдэ нүөмэрдэринэн «Үрүйэ» үҥкүү кэлэктиибэ, «Сайдыына» вокальнай ансаамбыл, Вера Фадеева, Дария Андросова, Рима Фадеева киэргэттилэр. Кэлбит ыалдьыттар ыытыллыбыт араас оонньууларга көхтөөхтүк кыттан сэргэхсийдилэр, үөлээннээхтэрин көрсөн ирэ-хоро кэпсэттилэр, алгыс тылларын, эҕэрдэ ырыаларын анаатылар. Урукку кэмнэрдээҕи муусуканан доҕуһуоллатан үҥкүүлээн ыллылар. «Истиҥ көрсүһүү» тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытыллан астынан, истиҥник махтанан тарҕастылар. Куруук буоларын курдук, аҕам саастаах дьоммутун дьаһалта массыынатынан суоппар Валерий Кычкин дьиэлэриттэн аҕалан-илдьэн биэрдэ.

Мария Захарова.

Балыктаах