Балыктаахха үс сыллаах ититиигэ холбонор үлэ түмүгэ көстөн «Сайдыс» уонна «Аартык» түөлбэлэргэ сылааһы биэрэннэр түөлбэлэр олохтоохторо үөрүүлэрэ үксээтэ.
Быйыл сайын устата Балыктаахтааҕы ОДьКХ үлэһит уолаттара (сал.Ноговицын И.Н) магистральнай турбалартан саҕалаан тохтобула суох үлэлээн ититиини ыыттылар. Хас биирдии дьиэни көрөн-истэн холбоотулар. Насоснай чааһа оҥоһуллан биир баһаарынай, биир подпиточнай емкость туруоруллан ыаллар итии уунан туһаныахтара. Бу ыытыллыбыт үлэлэргэ сүрүннээн олохтоох ОДьКХ үлэһиттэрэ уонна АДС икки биригээдэтэ кэлэн көмөлөстүлэр.
Ититиигэ холбоммут бар дьоммут: «Тыа ыалын биир сыралаах үлэтэ оһох оттуута көҕүрээн оһох оттуутуттан сынньанабыт, сарсыарда сылаас дьиэҕэ уһуктар үчүгэйин», ‒ диэн бүгүн сарсыардаттан үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Бу курдук, кэтэспит-күүппүт ититиигэ холбонуубут элбэх үлэттэн, кыһамньыттан тахсыбытын биир улахан үлэ түмүгэ көстүбүтүттэн нэһилиэк олохтоохторо баһылыкпытыгар Куприянов Александр Валерьевичка, ОДьКХ салайааччытыгар Ноговицын Иван Николаевичка, сварщик Андрей Гоголевка махтанабыт. Олохтоох ОДьКХ үлэһиттэригэр дьаныардаахтык үлэлээн кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ ситэриллэн барыта этэҥҥэ туоруургутугар диэн баҕа санааларын тиэртилэр. Инникитин улуус дьаһалтатын,улуус ОДьКХ-тын кытта толкуйдаан-үлэлэһэн хаалбыт икки «Лесной»уонна «Нагорнай» түөлбэлэрбитигэр эмиэ ититии холбоноругар эрэллэрин эттилэр.
Мария Захарова. Балыктаах