Саха сирин Ийэлэрин күнүгэр анаан Балыктаахха култуура дьиэтигэр «Ийэ баар ‒ Аан дойду аанньала» күн-күбэй ийэлэргэ аналлаах сэргэх тэрээһини тэрийдилэр. Бу дьоро киэһэҕэ ийэлэрин эҕэрдэлии ыраахтан-чугастан төрөппүт оҕолоро кэлбиттэрэ олус долгутуулаах буолла. Ийэлэри түөлбэлэринэн ыҥыртаан сыанаҕа эдэр ыччаттар Ньургун Габышев, Игорь Дьяконов, Павел Винокуров, Гаврил Дьяконов, Вадим Шепелев истиҥ эҕэрдэ тылларын анаан эппиттэрин кэннэ оҕолоро ийэлэригэр сибэкки дьөрбөлөрүн бэлэхтээтилэр. Бары хаартыскаҕа түстүлэр.
Бу дьоро тэрээһини элбэх эҕэрдэ нүөмэрдэринэн ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Кулууп саалатын толору мустубут дьон-сэргэ сэргэхсийэн-сэгэйэн олорон Балыктаах орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас кыргыттарын толоруутугар «Биһиги маамабыт» ырыаны, кырачаан Оливия Постникова эбээ туһунан хоһоонун, кыргыттар ийэлэрин кытта «Ийэбэр» үҥкүүнү, «Ай Тыас» фольклор бөлөҕүн толоруутугар норуот ырыаларынан попуррины, «Мичээр» үҥкүү бөлөх толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтүн», «Үрүйэ» үҥкүү кэлэктиибин «Алаас кыргыттара» үҥкүүтүн, Татьяна Цыденжапова хомуска сахалыы матыыптарын,Татьяна Иванова уонна Яна Васильева көрдөөх сыаҥкаларын, «Эркин» уолаттар бөлөхтөрүн толоруутугар «Ыллыыбын эһиэхэ анаан» ырыаларын, «Сайдыына» ырыа бөлөҕө «Ийэбэр», Вера Фадеева «Кэрэ Куо», дуэт толоруутугар «Дьол ырыата», трио «Чэмэлиинэ», Гаврил Дьяконов «Ийэбэр» ырыаларын иһиттилэр, ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан сэҥээрбиттэрин биллэрдилэр.
Нэһилиэккэ бу күн олус долгутуулаах күн буолла. Ол курдук, бу тэрээһиҥҥэ төһө да кэлэн кыттыыны ылбатахтарын иһин элбэх ыччаппыт аныгы үйэ сиэринэн ыраахтан олорон эрэ «тиэрдэн биэрии өҥөтүнэн» күн-күбэй ийэлэригэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунан ийэлэрин долгуттулар-уйадыттылар, дьоллоох түгэни бэлэхтээтилэр. Бу курдук, оҕолоргут, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан этэҥҥэ буолуҥ, сылаас хомултаннаах дьиэҕитигэр таптал уйаланнын, дьоллоох олох аргыс буоллун.
Мария Захарова.
Балыктаах