Саха ыала
Атырдьах ыйын 12 күнүгэр Балыктаахха нэһилиэк ытыктанар дьоһун ыала Александра Николаевна, Павел Васильевич Габышевтар дьиэ кэргэн бэйэлэрэ толкуйдаан «Тыа ыалын тиэргэнэ» бырайыактарын саҕалааһын үлэтин билиһиннэрэр сыаллаах нэһилиэк олохтоохторугар уонна ыалдьыттарга сэминээр тэрийэн ыыттылар.
Майаттан, Хорообуттан, Павловскайтан, Дьокуускайтан кэлбит аймахтарын, үөрэнээччилэрин, нэһилиэк олохтоохторун сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Дьиэ хаһаайыттара аал уоту оттон, кымыһынан-алаадьынан аһатан алгыстаатылар. Сиэн кыргыттара 11 саастаах Нарыйаана фортепианоҕа оонньоон, 7 саастаах Сахайаана хоһоон ааҕан эҕэрдэлэрин кэлбит дьоҥҥо анаатылар. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Свинобоева Габышевтар дьиэ кэргэн, кинилэр үлэлэрин, ситиһиилэрин тустарынан киэҥник сырдатан кэпсээтэ.
Александра Николаевна сэминээр кыттыылаахтарыгар дьиэ кэргэнинэн олоххо киллэрбит бырайыактарын туһунан сиһилии кэпсээтэ уонна тэлгэһэтин ыалдьыттары кэритэн көрдөрдө. Тэлгэһэ иһигэр 3 тэпилииссэҕэ, 10 парникка оҕурсу, помидор, дыня, арбуз, минньигэс уонна аһыы биэрэс, луук-батун, сүбүөкүлэ, моркуоп, кабачок, хаппыыста, салаат, петрушка, укроп, ревень, топинамбур, клубника, хортуоппуй үүнэ тураллар. Ону таһынан хас да көрүҥ моонньоҕон, хаптаҕас икки, жимолость үс, уохта икки көрүҥнэрэ, ирга, сибирскэй яблоня, малина, альпийскай моонньоҕон, рябинокизильник, вишня лесной, барбарис, боярышник, рябина, облепиха, акация, черемуха, бузина, икки суол көрүҥ хатыҥ, бэс, харыйа мастарын сэргээтибит. Бэйэлэрэ оҥорбут беседкаларын, араас мас оҥоһуктарын чуолаан Павел Васильевич быйылгы Андрей Чикачев хартыынатын матыыбынан «Баҕа санаа», «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» оҥоһуктарын уонна Александра Николаевна үөрэппит үөрэнээччилэрэ бэлэхтээбит мастан оҥоһуктарын кэлбит дьон интэриэһиргээн көрдүлэр-сөхтүлэр, оҥоһуктар аттыларыгар хаартыскаҕа түстүлэр. Тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр сорох үүммэт да үүнээйи сөптөөх көрүү-харайыы түмүгэр соҕуруу дойдуттан итэҕэһэ суох үүнэн силигилиэн сөбүн илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.
Габышевтар тэлгэһэлэрин, үлэлэрин-хамнастарын көрөн-истэн баран «Мэҥэ нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Александр Куприянов, Павловскайтан эдьиийэ Наталья Кириллина, Хорообуттан СӨ норуотун маастара Федор Скрябин, мас ууһа, Павел Васильевич балтын уола Петр Андреев, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Парасковья Габышева, Александра Дохунаева, Татьяна Свинобоева, Марфа Харитонова, уус, норуот маастара Роман Гоголев, «Лесной» түөлбэ салайааччыта Антонина Мордискина, «Аартык» түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан Елизавета Трифонова, М.П.Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын кэлэктиибин аатыттан боропсойуус бэрэссэдээтэлэ Сардаана Молукова, Александра Николаевна үөрэппит оҕолорун төрөппүттэрин аатыттан Любовь Винокурова, олохтоох култуура дьиэтин аатыттан дириэктэр Любовь Кычкина бэйэлэрин санааларын, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Тэрээһини Светлана Габышева иилээн-саҕалаан ыытта. Кэлбит ыалдьыттар дэлэй астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, санааларын атастаһан, элбэҕи билэн тарҕастылар.
Александра Николаевна бөһүөлэкпит ис көстүүтэ тупсарыгар бэйэтин баҕа санаатын-сүбэтин куруук үөрэ-көтө үллэстэр, сүбэ-ама хаһан баҕарар биэрэр үтүө үгэстээх. Саҕалаабыт бырайыагын кэҥэтэн кэлэр өттүгэр өссө сиэттэригэр анаан оонньуур былаһаакка былаанныыллар эбит.
Сэминээр кэнниттэн салгыы тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэннээх ыалларга экскурсияҕа сырыттыбыт. Ол курдук Ньургун, Яна Габышевтар дьиэ кэргэн агропааркаларыгар, мас ууһа Роман Гоголев, Татьяна Дьяконова сибэккинэн симэммит тэлгэһэлэригэр Роман Иннокентьевич уһанар мастарыскыайын, оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Антонина, Николай Мордискиннар дьиэ кэргэн тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэннэрин эмиэ сэргээн көрдүбүт. Кинилэр үтүө холобурдарынан нэһилиэкпитигэр маннык тиэргэннэр элбии-үксүү турдуннар.
Мария Захарова.
ГогоГоголевтарга
Мордискиннарга
Гоголевтарга
Агропааркаҕа