Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ананар кыһамньыбыт уҕараабат

Хорообуттар сэтинньи 16 күнүгэр харысхал бэлэхтэрбитин улууска илдьэн туттарбыппыт.
Сэтинньи 20 күнүттэн саҕалаан оскуола кэлэктиибэ үөрэх быыһыгар, «Этэннэ эргиллээриҥ уолаттарбыт!» аахсыйаны салгыыллар. Уолаттарбытыгар сылаас буоллун диэн илиилэрин сылааһын иҥэрэн бэргэһэ, кээнчэ, саа уоһугар 140 устуука чехол, ону таһынан повязкалары тигэ сылдьаллар. Ыксаллаах дьыалаҕа көмөлөһөллөрүн өйдөөн үлэһиттэр уонна интэринээккэ олорор үөрэнээччилэр ким да туора турбакка кыһаллан туран кыттыһаллар.
Итини таһынан Алина Шестакова, Люба Прибылых былырыыҥҥыттан салайааччылара Анна Шестакованы, Мария Бугаеваны кытта бырайыак суруйан хатарыллыбыт борщ, моонньоҕонтон пастила, быйылгыттан собону хатаран чинчийэр үлэни ыыталлар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытарга бэлэмнииллэр. Сотору кэминэн түмэн илдьэ туттарыахпыт.
Норуот күүһэ ‒ көмүөл күүһэ!

Октябрина Васильева.