Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө олунньу 21 күнүгэр «Кэнчээри» уһуйаан 3 улахан («Току-току-ньээм-ньээм», «Кустукчаан», «Туллуктар») бөлөхтөрүн иитиллээччилэрэ Ийэ дойдуну көмүскүүр кэмҥэ бэлэмнээх буолуутун, хорсун быһыытын көрдөрөн, 2022 сыл күһүнүгэр байыаннай дьайыыга баран кыттыыны ылбыт уһуйааммыт киэн туттар, саамай тутаах үлэһитин С.Василийы кытта көрүстүлэр.
«Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» кини уол оҕо кыра эрдэҕиттэн Ийэ дойдутун, төрөөбүт сирин-уотун, дьиэ кэргэнин туһугар дурда-хахха, эрэллээх көмүскээччи буола улаатыахтааҕын туһунан кырачааннарга быһааран өйдөттө. Салгыы презентация нөҥүө биһиги аармыйабыт араас байыаннай чаастарын, онно баар анал байыаннай тиэхиньикэ туһунан кэпсээн сырдатта.
Маны тэҥэ оҕолор аармыйаҕа сыһыаннаах таабырыннары таайдылар. Ырыа-хоһоон ааҕан доргуттулар.
Уолаттар: «Улааттахпытына Василий С. курдук бэрээдэктээх, успуордунан дьарыктанан, күннээҕи эрэсиими тутуһан, тулуурдаах, күүстээх-уохтаах, хорсун-хоодуот буола улаатыахпыт», — диэн эрэннэрдилэр.
Түмүккэ хас биирдии бөлөх дьоруойга ис сүрэхтэн кыһаллан оҥорбут аккырыыккаларын, араҥаччылыыр харысхалы бэлэх ууннулар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Сардана Аввакумова.