Арассыыйаҕа Култуура үлэһитин күнүгэр дьоһун ситиһии тосхойдо. Д.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Мария Иванова кэргэнинээн улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа Станислав Ивановтуун Санкт-Петербург куоракка кулун тутар 25 күнүгэр, култуура үлэһиттэрин идэлээх күннэригэр сыллата ыытыллар өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ – Бүтүн Арассыыйатааҕы култуура үлэһиттэрин сойууһун сүүмэрдээһинин ааһан, Арассыыйа Бастыҥ айымньылаах дьиэ кэргэнин ахсааннарыгар хапсан, «За выдающийся вклад в развитие отечественной культуры и в ознаменование Года Семьи и Дня работникам культуры» Бочуоттаах грамотанан наҕараадаланнылар. Наҕарааданы Арассыыйатааҕы култуура үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анатолий Николаевич Константинов туттарда.
Айымньылаах, эдэр, кэскиллээх дьиэ кэргэн: «Саха сиринээҕи култуура үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Захар Никитиҥҥэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгар Дмитрий Тихоновка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыгар Анна Исаковаҕа, «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгар Алексей Неустроевка, Д.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэригэр Екатерина Ефремоваҕа, бары доҕотторбутугар тирэхтээх эрэлгит, улахан өйөбүлгүт иһин барҕа махталбытын биллэрэбит! Үлэнэн уруйу туойан, Сахабыт сирин саргылаах сарсыҥҥытын салайса туруҥ», — диэн махтал тылларын тиэрдэллэр.
Мария Иванова 2015 с. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун фольклорга салаатын бүтэрэн, 2016 с. Д.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр фольклорга исписэлииһинэн үлэлии киирбитэ. Үлэтин маҥнайгы күннэриттэн Майатааҕы оһуокай түмсүүтүн, «Түһүлгэ» фольклорнай ансаамбылы дьарыктаан барбыта. 2017 с. доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр үлэлиир үрүҥ халааттаах аанньалларга «Талба» хомусчуттар ансаамбылларын тэрийэн, утумнаахтык дьарыктаан барбыта. 2018 с. аҕам саастаахтарга «Айыллыат» олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрүн тэрийбитэ. Оскуола оҕолоругар «Талбаана» уонна «Долун» фольклорнай ансаамбыллары тэрийэн кэккэ ситиһиилэммиттэрэ. Мария уол уонна кыыс оҕолонон, билигин айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Биир идэлээх, дьоҕурдаах ыччаты түмэн «Дьиэрэй» фольклорнай ансаамбыл үөскээбитэ. Кини салайар бары кэлэктииптэрэ утумнаахтык дьарыктаналлар, араас күрэхтэргэ, бэстибээллэргэ кыттан ситиһиилэнэллэр, тэрээһиннэргэ кытталлар. Мария 2024 сылга тус бэйэтин ситиһиитэ – быйыл «Муус устар» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл иһинэн ыытыллыбыт РФ үтүөлээх артыыһа, виртуоз-хомусчут П.Оготоев аатынан «Хомус тэтимэ» күрэххэ 26 кыттааччыттан сүүмэрдээһини ааһан, 10 финаалга ааспыт кыттааччыттан үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситиспитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун аатын киэҥник ааттаппыта.
Биллэр олоҥхону толорооччу Станислав Иванов Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ, бэйэтэ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Билигин Мэҥэ Хаҥалас култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһынан үлэлиир. Ааспыт сыл алтынньытыгар “Саха” НКИХ тэрийэн ыыппыт “Олоҥхо-баттл” бырайыагын кыайыылааҕынан тахсыбыта. «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхотун электроннай көрүҥүнэн таһаартарбыта.
Айар дьоҕурдаах эдэр дьиэ кэргэни дьоһун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит!