Бэлиэ күн
Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, дойду үрдүнэн Арассыыйа былааҕын күнэ бэлиэтэнэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бу кэрэ-бэлиэ күн үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар. Улууспут саамай элбэх нэһилиэнньэлээх пуунугар — Майа сэлиэнньэтигэр оҕолор «Мин дойдум былааҕа» диэн велопробегка кытыннылар.
Тэрээһини улуустааҕы дьиэ кэргэн бэлиитикэҕэ управлениета уонна Майа олохтоох дьаһалта көҕүлээтилэр.
@gazetaerkeii