Анастасия Адамова, үлэ бэтэрээнэ, «Майа – дойдум барахсан” бэлиэ хаһаайына:
‒ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биир дойдулаахтарбытыгар Филипп Евсеевкэ уонна Алексей Неустроевка Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрбитинэн биһиги Саха сирин олохтоохторо бүттүүн үөрдүбүт. Маннык ыччаттаахпытынан киэн тутуннубут.
Хорсун уолаттары иитэн таһаарбыт төрөппүттэригэр барҕа махтал буоллун. Үүнэр көлүөнэ ыччаты төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола улааталларыгар, дойдуларын ис сүрэхтэн таптыылларыгар кыра саастарыттан үлэ барыахтаах дии саныыбын. Киһи дойдутугар таптала, итэҕэлэ төрөөбүт алааһыттан, олорор алаһа дьиэтиттэн саҕаланар. Оччоҕо кини хаһан баҕарар, ханна баҕарар Аҕа дойдутун көмүскүүргэ бэлэм буолуохтаах.