“Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэстэрэ

Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр олунньу 2-4 күннэригэр 7-с өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэстэрэ ыытылла турар. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр норуодунай тыйаатырдар Сунтаартан, Ньурбаттан, Кэбээйиттэн, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн,  Намтан, Алдантан, Хаҥаластан, Уус Алдантан, Амматтан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Хатастан кэлбиттэр. Ону сэргэ Мэҥэ Хаҥалас Майатааҕы норуодунай тыйаатыра кыттар.

Бэстибээл үөрүүлээх арыллыытынан Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин дириэктэрэ Екатерина Ефремова эҕэрдэлээтэ:

— Ыраахтан-чугастан кэлбит күндү ыалдьыттарбытын, 7-с өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэс кыттыылаахтарын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин сайдам санаалаах дьонун-сэргэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Тыйаатыр киһиэхэ санааны уһугуннарар-сайыннарар, күннээҕи кыһалҕатын умуннарар, сүрэҕин-быарын сымнатар, киһи хараҕар көстүбэт олох-дьаһах кистэлэҥин арыйар, көрдөрөр, өйү-санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр. Киһи олоххо кыайан көрбөтүн тыйаатырга көрөр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, режиссер Юрий Очесов ааптардаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл 7-с төгүлүн тэриллэр. Бэстибээл норуот тыйаатырдарын өйүүр, түмэр, айымньыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр сыаллаах ыытыллар. Бүгүн манна Саха Сирин араас муннуктарыттан норуот тыйаатырдара кэлэн ускуустуба эйгэтигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтииллэр. Кинилэр норуот биһирэбилин ылыахтара диэн эрэнэбит. Норуоттан тахсар талааннар култуура сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр, көрөөччүнү кэрэ эйгэтигэр сыһыараллар.

1983 сыл олунньу 4 күнүгэр Майабыт тыйаатыра айымньылаах үлэтинэн норуодунай тыйаатыр аатын ылбыта. Тыйаатырбыт сайдыытыгар улуус баһылыга Василий Васильевич Скрябин 1992 сыл балаҕан ыйыгар 420 нүөмэрдээх дьаһалынан  Саха АССР, ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Федорович Ходулов аатын иҥэриитэ улахан суолталаах буолбута. 2023 сылга тыйаатыр норуодунай ааты ылбыта 60 сылынан бары тыйаатыр сүгүрүйээччилэрин, артыыстары, режиссердары, бары үлэһиттэри итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу кэннэ тыйаатыр 6-с көлүөнэ артыыстарын толоруутугар биир дойдулаахпыт Софья Баранова-Сергучева “Уол Куолакал” пьесатыгар олоҕуран туруоруллубут испиктээкилтэн быһа тардыыны көрдөрдүлэр.

Салгыы “Майа сэлиэнньэтэ” ТСТ баһылыга Алексей Неустроев эҕэрдэлээтэ:

  • Үтүө күнүнэн күндү биир дойдулаахтарбыт, ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт! Бүгүн биһиэхэ олус долгутуулаах уонна үөрүүлээх күн буолла. Ол курдук, 7-с өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэстэригэр 15 улуустан кэлэн илин-кэлин түсүһэн, бэйэлэрин хайдах курдук айылҕаттан айдарыылаахтарын, талааннаахтарын көрдөрө сылдьаллар.

Бэстибээл үбүлүөйдээх сылбытыгар ыытылла турара өссө үрдүк эппиэтинэһи сүктэрэр. 60 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Бу сыллар тухары норуот тыйаатыра аатын сүгэ сылдьарга, салгыы үлэлииригэр дьоммут-сэргэбит олохтоохтук ылсаннар айымньылаахтык үлэлииллэр. Сахабыт сирин  араас муннуктарыттан кэлбит ыалдьыттарбыт айылҕаттан айдарыылаах дьоҕурдарын көрдөрөр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Саха өрөспүүбүлүкэтин тыйаатырдарын кураатара, СӨ култууратын туйгуна,  өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын  дьиэтин уус-уран салайааччыта Алексей Захаров Д.Ф. Ходулов аатынан тыйаатыр кэлэктиибигэр махталын биллэрдэ итэннэ ыытылла турар бэстибээлинэн эҕэрдэлээтэ. Кини кэтэхтэн кыттааччылардыын 20 норуодунай тыйаатыр кытта сылдьарыттан астынарын эттэ. Алексей Константинович режиссер Данил Осиповка Эҕэрдэ сурук, култуура Министиэристибэтин саха халандаардаах значогун туттарда.

Ааспыт сылга “Килбиэннээх Үлэ  куората”  аатын ылбыт, быйыл 100 сааһын туолбут  Алдан куорат  “Эдэр көрөөччү  тыйаатырын” режиссера  Елена Воронкова эҕэрдэ тылын кэннэ оҕолор Алдан куорат туһунан уруһуйдарынан оҥоһуллубут аккырыыккаларын, дьүүллүүр сүбэ кэрэ аҥардарыгар сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

“Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэстэрин ааптара, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Партизан нэһилиэгэр норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Юрий Очесов:

— 2021 с. Сунтаарга ахсынньыга 6-с төгүлүн ыытыллыбыт “Алыптаах мааскаҕа” Майа норуодунай тыйаатыра Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов  төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Ытык иэс” диэн испэктээкилинэн Гран При буолбута. Онно олоҕуран уонна бу күрэс балаһыанньатынан манна 20 норуодунай тыйаатыр 20 араас испэктээкиллэри көрдөрүөхтэрэ, олохтоохтору үөрдүөхтэрэ-көтүтүөхтэрэ, баҕар ытатыахтара, баҕар хомотуохтара, ардыгар соһутуохтара, — диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр эттэ.

Олохтоохтор сарсыардаттан саҕалаан испэктээктэри  көрдүлэр. Олортон быһа тардан сырдаттахха, “Образ” Алданнааҕы норуодунай тыйаатыр В.Сологуб  айымньытынан “Беда от нежного сердца” водевиль испэктээкилэ аһары уйан, чараас сүрэхтээх дьоруойа тапталын таба тайанан биэрбэккэ көрөөччүлэри ууга-хаарга киллэрдэ.

Сунтаардааҕы В.Николаев аатынан норуодунай тыйаатыр Тойбохойтон төрүттээх, Санкт-Петербурга үөрэнэ сылдьар Динислам Тууйас режиссердаан туруорбут “Таптал” драматыгар Сунтаар улууһун тыйаатырыгар киирсэн саха көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа дойдутун сонуннарын биэрэр саха тыла үөрэхтээх Ньургуйаана Харчасова сүрүн оруолу толордо. Бу испэктээкил Магадааҥҥа көмүс хостуур эрэгийиэннэр ортолоругар ыытыллыбыт бэстибээлгэ идэлээх тыйаатырдар күрэхтэһиилэригэр кэтэхтэн видеонан кыттан норуодунай тыйаатырдар ортолоругар 1-кы миэстэ буолбут улахан ситиһиилээх.

Ньургуйаана Харчасова  ааспыт сылтан тыйаатыр эйгэтигэр сыстан икки испиктээкилгэ кыттыбытыттан бастакытын сүрүн оруолу оонньообут. “Урукку да, билиҥҥи да олоххо дьахтар баттабылга олоруо суохтаах диэни мин дьоруойум Кэтириис көрдөрөр. Тыйаатыр эйгэтэ туспа умсугутуулаах, киһи үлэтиттэн сылайан кэлэн баран эрэпэтииссийэҕэ саҥалыы тыыннанан үлэлиигин. Тыйаатыр сезона кэллэҕинэ гастролларга үөрүүнэн бараҕын”, —  диэн санаатын үллэһиннэ.

Ньурба оройуонун Антоновка нэһилиэгэр “Түһүлгэ” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн тэриллибит Ньургуйаана Матвеева уус-уран салайааччылаах “Айуу, чэ” норуодунай тыйаатыр Д.Наумов “Таптал хампаанньата” испэктээккэ сүрүн оруолу Тэриэс оҕонньору толорбут Петр Белолюбскайдыын көрүстүм. Кини «Билигин киһи санаатын баттыыр кэмҥэ дьону үөрдэр-көтүтэр, кыратык туох эрэ сырдыгы, үөрүүлээҕи биэрээри уонна олох хамсааһынын кытта тэҥҥэ хаамсан,  билигин демографическай балаһыанньаҕа дьон өйүн-санаатын уһугуннарыа диэн маны талбыппыт. Испэктээккэ элбэх киһи кэлбитин көрөн, саала ытыс тыаһынан айхаллыырыттан үөрдүбүт, астынныбыт, олохтоохтор ыалдьыттары олус үчүгэйдик көрүстүлэр”, — диэтэ.

Бу 7-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээл-күрэстэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылла турар. Манна араас улуустартан кэлэн талааннарын көрдөрөн сэргэх күннэри бэлэхтии сылдьар үтүө дьоммутугар сүгүрүйэ махтанабыт.

Марелла Баишева.