Алтан нэһилиэгэр долгутуулаах, кэтэһиилээх дьоро күн үүннэ. Сэтинньи 29 күнүгэр “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө дьыала” хамсааһын 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө норуот күүһүнэн тутуллубут толору хааччыллыылаах элбэх хайысхалаах, тупсаҕай оҥоһуулаах баараҕай култуура киинэ үөрүүлээхтик аһылынна.
Олохтоохтор үөрүүлэрин үллэстээри Дьокуускайтан, Амматтан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Эдьигээнтэн тиийэ кэлбиттэр. Тэрээһин чэрчитинэн, улууспутугар үтүө дьыаланан тутуллубут эбийиэктэр хаартыскаларынан быыстапката туруоруллубут. Дьон-сэргэ санаата кэлэн, үөрэ-көтө көрсүһэн, бөлөҕүнэн хаартыскаҕа түһэн сабыытыйаны үйэтиттилэр.
Өбүгэ үгэһин тарҕатааччы, алгысчыт Спиридон Григорьев‒Илгэлээх Испирдиэн аал уотун күлүбүрэччи оттон, анаан астаммыт арыылаах алаадьынан айах тутан, саҥа тутуу үгүс сылларга бар-дьону түмэн сомоҕолуур тыыннаах буоллун, кирдээх санаалаах киирбэтин, ыраас санаалаах уйата буоллун, оҕо-ыччат саҥатынан туоллун, ытык өбүгэлэрбит аҕалбыт дьоллоох олохторо уһуу-тэнийэ турдун диэн алҕаан, тэрээһин сиэрин-туомун ыытта.
“Стройкомплектсервис” бэдэрээтчитэ Руслан Трофимов Алтан нэһилиэгин баһылыгар Николай Матчитовка саҥа дьиэ символическай күлүүһүн туттарда.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитов, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Петров, “Стройкомплектсервис” бэдэрээтчитэ Руслан Трофимов, Өлөчөйдөөҕү култуура киинин дириэктэрэ Поликарп Билюкин кыһыл лиэнтэни быһан саҥа киин аанын арыйдылар. Киирбит дьону нэһилиэк далбар хотуттара алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээтилэр.
Саҥа култуура киинин ис өттүгэр экскурсияны нэһилиэк баһылыга Николай Егорович ыытта. Култуура киинин биир кынатыгар дьахталларга, эр дьоҥҥо тус-туспа гримернайдар, костюмернай, куруһуоктарга аналлаах, дириэктэр, исписэлиистэр хосторо, ортотугар 10 миэтэрэ усталаах, 5,80 миэтэрэ үрдүктээх сыана, 150 миэстэлээх кэнсиэртиир саала, уҥа өттүгэр үс хоһунан олохтоох дьаһалта хонтуората уонна бибилэтиэкэ үлэлиэхтэрэ. Тас күрүөтүн, миэбэлин улуус дьаһалтата, тутуутун дизайнын “Үтүө дьыала” үбүлээбиттэр, биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр аахсыйа оҥорон кыттыспыттар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар үөһээ ааттаммыт салайааччылары таһынан, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын маассабай иһитиннэрии ньымаларын уонна култуура кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев, тутууга, дьиэ-уот коммунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Афанасьев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин муниципальнай тэриллиилэрин уонна социокултуурунай үлэҕэ салаатын салайааччыта Вера Моисеева, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Анна Исакова кыттыыны ыллылар.
Ыраахтан-чугастан кэлбит ытык-мааны ыалдьыттары улуус баһылыга Дмитрий Тихонов эҕэрдэлээтэ. Кини: Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн, норуот “Үтүө дьыала” хамсааһына 25 сылыгар анаммыт улахан тэрээһиннэрбититтэн биирдэстэрэ – элбэх хайысхалаах култуура дьиэтэ арыллар күнэ тосхойбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Быйыл биһиги ытык Алтан сиригэр маннык улахан тэрээһини иккис төгүлүн ыытан эрэбит. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэлэн, нэһилиэккэ гаас киирбитин бэлиэтээбиппит. Алтан нэһилиэгэ былыргаттан үгүс үлэһит дьоннорунан, инникигэ эрэллээх ыччаттарынан бэйэтин сопхуос саҕаттан көрдөрбүт нэһилиэгинэн биллэр. Өр сыллаах туруорсуу биир сылга түмүллэн киирбитэ үчүгэй. Алтан нэһилиэгэ улууспут инники сайдыытыгар биир улахан тирэх буолуоҕа. Онон, үрдүкү салалтаҕа махталбын тиэрдэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиҥнээх норуот хамсааһынын таһаарбыт, хаһан да умнуллубат гына үлэлээн-хамсаан ааспыт Георгий Михайлович Артемьевы ахтан ааһар тоҕоостоох. Кини саҕалаабыт үтүө дьыалата күн бүгүн салҕанан бара турарыттан үөрэбит, долгуйабыт. Бүгүн манна кинини кытта бииргэ үлэлэспит дьонуттан Федор Куличкин, Иннокентий Бочкарев, Иннокентий Амбросов, саҥа тыыннаан салгыы ыыта сылдьар Алексей Петров кэлэн олороллор. 2005 с. ыам ыйын 30 күнүгэр миигин, оччолорго 23 саастаах киһини Владимир Птицын Алтан нэһилиэгэр баһылыгынан анаан улахан эппиэтинэһи сүктэрбитэ. Ону бар-дьонум өйөөн, бэркэ үлэлээбиппит. Ону ханна да сырыттарбын, махталынан ахтабын. Бу иккис дойду оҥостубут дьонум-сэргэм кулууптара 10-тан тахса сыллааҕыта сабыллан, успуорт киинигэр кыттыһан үлэлээбиттэрэ. Бу дьиэҕэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатын, бар дьоммут көмөлөрүнэн 2022 с. тэҥҥэ үлэлэһэммин, бүгүн үлэҕэ киирбититтэн улаханнык үөрэбин. Алтаммыт дьоно-сэргэтэ бу дьиэҕэ айыахтара-тутуохтара, өрөспүүбүлүкэбитигэр, улууспутугар, дойдубут үрдүнэн аат ааттатар ыччаттар тахсалларыгар эрэллээхпин — диэн туран Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитовка харчынан Туоһу суругу туттарда.
Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска социальнай-экэнэмиичэскэй тутууга, култуура сайдыытыгар биллэр-көстөр өҥөлөөх, өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит, саҥа эбийиэк тутуутугар кылааттарын киллэрбит дьон бу күн салайааччылар наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга туттулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын, өр сыллаах сыралаах үлэлэрин иһин СӨ бырабыыталыстыбатын Грамотатынан СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бочуоттаах тутааччыта Федор Куличкин, СӨ Бырабыыталыстыбатын Махтал суругунан “Стройкомплектсервис” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Руслан Трофимов, “Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө дьыала” хамсааһын бастакы салайааччыта Иннокентий Бочкарев, “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө дьыала” хамсааһын салайааччыта Алексей Петров, улуус баһылыгын Махтал суругунан “Стройкомплектсервис” ХЭУо исписэлииһэ Константин Попов, “Стройкомплектсервис” ХЭУо сварщига Федор Попов, “Стройкомплектсервис” ХЭУо плотнига Сергей Попов наҕараадаланнылар.
“Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Петров тэрилтэ 25 сыллаах үбүлүөйүнэн “Кыттыс, үтүө дьыалаҕа” диэн кинигэ оҥоһуллубутун, бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үлэһиттэрин барытын илдьэ кэлбитин, бу элбэх хайысхалаах култуура киинэ үлэҕэ киирэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, култуура министиэристибэтэ улахан көмөнү оҥорбуттарын, норуот хамсааһынынан тахсыбыт үтүө дьыалаҕа норуот дьокутааттарын өйөөһүннэрэ улаханын бэлиэтээтэ. Кини “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн олохтоох култуура киинин дириэктэрин Поликарп Куличкины, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын ОДЬКХ уонна уот ситимин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякины, нэһилиэк баһылыга Николай Матчитовы, олохтоох култуура киинин үлэһитэ Прокопий Негнюровы, олохтоох дьаһалта сүрүн исписэлииһэ Владимир Сидоровы наҕараадалаата. Салайааччы Алексей Петров “Кыттыс, үтүө дьыалаҕа” оһуокай матыыптаах ырыа тылларын ааптара буоларын иһитиннэрдэ, ол ырыа бүгүн ылламмытыттан долгуйан үөрүүтүн үллэһиннэ.
Ил Түмэн дьокутааттара Виктор Губарев, Александр Корякин, Андрей Находкин эҕэрдэлээтилэр. Ил Түмэн дьиэ-уот коммунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин Бочуоттаах грамотатынан улуустааҕы тутуу управлениетын начаалынньыга Илья Григорьев, Алтан нэһилиэгин дьаһалтатын үп-харчы салаатын сүрүн исписэлииһэ Февронья Попова, Ил Түмэн айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Бочуоттаах грамотатынан Алтан нэһилиэгин землеустроителэ Иннокентий Попов наҕараадаланнылар, бэлэхтэри туттулар.
СӨ тутууга миниистирин 1-кы солбуйааччыта Евгений Афанасьев бу күн кыттыылаахтарын бырабыыталыстыба, тутуу министиэристибэтин ааттарыттан эҕэрдэлээтэ. Кини “Тыа сиригэр саамай тутууну ыытар “Үтүө дьыала” хамсааһын буолар. Бу хамсааһын нөҥүө элбэх тутуу үлэҕэ киллэрилиннэ. Онон үтүө хамсааһын саҕаламмыт сиригэр “Үтүө дьыала” үбүлүөйдээх сылынан култуура киинин тутан киллэрэргэ улуус салалтатын кытта эрдэ кэпсэтии ыытан, олоххо киллэрдибит. Ил Түмэн өйөбүлүнэн үбүлээһин эбиллэн, элбэх тутуу ыытылла турар. “Үтүө дьыала” инникилээх, тыа дьоно баарын тухары сайдан, тэнийэн иһиэҕэ” диэтэ. СӨ тутуу министиэристибэтин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн тэрилтэ бэтэрээнэ Иннокентий Бочкарев, сүрүн исписэлииһэ Розалия Евсеева, үтүө дьыаланы көҕүлээччи Александр Миронов, сүрүн эксперт Станислав Степанов, “Стройкомплектсервис” ХЭУо дириэктэрэ Руслан Трофимов, Бочуоттаах грамотатынан кылаабынай инженер Олег Матчитов, сүрүн экспертэр Лилия Легусина, Анна Осипова, Владимир Румянцев, Махтал суругунан Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгин баһылыгынан 2001-2006 сс. үлэлээбит Александр Неустроев наҕараадаланнылар.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин муниципальнай тэриллиилэрин уонна социокултуурунай үлэҕэ салаатын салайааччыта Вера Моисеева эҕэрдэлээтэ. Кини бу сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөлүйүөн солк. суумалаах көмө оҥоһуллубутун, хааччыллыы салгыы өссө барыаҕын, 2025 сылга саҥа эбийиэккэ 3 үлэ миэстэтэ эбии көрүллэрин эттэ уонна култуура миниистирин Афанасий Ноев харчынан Туоһу суругун саҥа үлэҕэ киирбит култуура дьиэтин дириэктэригэр Поликарп Билюкиҥҥа туттарда. Култуура миниистирин Бочуоттаах грамотатын звукооператор Станислав Поповка, баянист, сыана бэтэрээнэ Захар Сидоровка, культорганизатор Ньургуйаана Сидороваҕа туттарда.
Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитов култуура киинин тутуутугар үлэлээбит, көмөлөспүт, өйөбүл, сүбэ-ама буолбут дьонугар, бүгүн кыайан кэлбэтэх Мария Турантаеваҕа, Ил Түмэн дьокутаата Захар Никитиҥҥа махталын тиэртэ. Алтан нэһилиэгин баһылыгын Махтал суругунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, “Үтүө дьыала” салайааччыта Алексей Петров, тутуу управлениетын начаалынньыга Илья Григорьев, урбаанньыт Николай Тимофеев, улуус тутууга сүрүн исписэлииһэ Александр Беляев, “Стройкомплектсервис” ХЭУо сварщига Власий Петров бэлиэтэннилэр. Улуус култууратын салалтатын начаалынньыга Анна Исакова култуура киинигэр көмөлөспүт Алексей Петровка махтанан туран, салалтатын аатыттан култуура киинин дириэктэригэр Поликарп Билюкиҥҥа сэмэй бэлэх, Прокопий Негнюровка, Октябрина Семеноваҕа, Евгений Петровка, Гаврил Гаврильевка, Любовь Поповаҕа Махтал суруктары туттарда. И.М.Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ аатыттан нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр Эҕэрдэ сурук туттарылынна.
Олохтоохтор талба талааннаахтарын күүстэринэн кэнсиэр буолла. Манна биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин үллэстэ Дьокуускайтан Дмитрий Барабанов уонна кини салайар нуучча норуотун ырыаларын толорор “Коробейники” ансаамбыл ырыаһыттара, Святослав Барабанов ыалдьыттаан, ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр.
Саҥа дьиэ малааһыныгар анаан олохтоох кондитер Саргылана Попова оҥорбут 35 киилэлээх, остуол сирэйин толору сабардыыр минньигэс тордун амсайыы сылдьыбыты барытын кэрэхсэттэ.
Култуура киинин тутуллуутун устуоруйатыттан сырдаттахха, Мэҥэ Хаҥаласка улуус олохтоохторун уонна дьаһалтатын көҕүлээһиннэринэн 1999 с. “Үтүө дьыала” хамсааһын саҕаламмыта. Бу чэрчитинэн, “Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрүттэммитэ 70 сылын көрсө 70 социальнай эбийиэги тутарга” дэбииһинэн үлэ-хамнас күүскэ баран, оҕоҕо-ыччакка аналлаах тутуулар тутуллубуттара. Биһиги улууспутуттан саҕаламмыт үтүө дьыала хамсааһынын өрөспүүбүлүкэ атын улуустара иилэ хабан ыланнар, элбэх тутуу баран, дьон-сэргэ махтала үгүс. Нэһилиэнньэ бу көҕүлээһинин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев өйөөбүтэ уонна “2000 сылы көрсө 2000 үтүө дьыаланы” диэн Ыйааҕы таһаарбыта.
Улууска нэһилиэктэр күүстэринэн биир сыл иһигэр эрэ 40 успуорт, 19 култуурунай-успуорт саалалара, 65 успуор былаһааккалара, 4 стадион, 4 тренажернай саала, 4 тустуу саалата, 1 сылгы спорткомплекса, 1 үрдэ сабыылаах хайыһар манеһа, 6 экологическай-туристическай бааза тутуллан үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. 38 саҥа уонна саҥалыы уларытыллан оскуолалар, 16 оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ, 23 оҕо былаһааккалара, 11 балыыһа, 7 биэлсэр-акушер пууннара, 2 поликлиника, 16 баанньык, 43 тыа сирин кулууптара, 6 култуурунай-эстетичэскэй ккииннэр, 35 мусуой, 7 Айыы дьиэтин балаҕаннара, 1 бибилэтиэкэ, 14 Кыайыы пааматынньыктара оҥоһуллубуттара. Маны таһынан, үрэхтэри туоруур 33 мас муосталар, 20-тэн тахса искибиэрдэр, аллеялар оҥоһуллубуттара, нэһилиэктэр истэригэр сайыҥҥы уу турбалара тардыллыбыттара.
Бу норуот “Үтүө дьыала” хамсааһына көдьүүстээҕин, наадалааҕын көрдөрбүтэ. Итинэн сибээстээн, Бэрэсидьиэн Михаил Николаев 2000 с. ахсынньы 28 күнүгэр “Үтүө дьыала” хамсааһынын “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” дэбииһинэн салгыы ыытарга Ыйааҕа тахсыбыта. 2020 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын “Комплексное освоение сельских территорий” бырагырааматыгар киирсэн, бырабыыталыстыба, муниципальнай тэриллиилэр уонна нэһилиэнньэ өйөбүлүнэн тутуулар былааннаахтык ыытыллаллар.
2000-2024 сс. “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн барыта 1158 эбийиэк үлэҕэ киллэриллибит: ол иһигэр, 129 оҕо уһуйааннара, 42 оскуола, 15 оскуола-саад, 109 үөрэх эбийиэктэрэ, 189 успуорт эбийиэктэрэ, 274 култуура эбийиэктэрэ, о.и. 42 элбэх хайысхалаах култуура эбийиэктэрэ, 81 доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ, 142 эдэр исписэлиистэри олорор сиринэн хааччыйыыга кыбартыыралар. Өлөчөйгө култуура киинэ 2006 с. хаарбах туруктанан өрөмүөҥҥэ ыытыллан акылаатын уларыппыттар. Ол эрээри, сатаан чөлүгэр түһэриллибэккэ көтүрүллэн, саҥа кулуубу тутарга былааннаабыттар. 2015 с. саҥа кулууп бырайыага оҥоһуллубут. 2018 с. нэһилиэнньэ күүһүнэн мас кэрдиллэн фундамена бэлэмнэммитэ. 2019 с. экспертизаны ааһан “Үтүө дьыала” хамсааһын бырагыраамаҕа киирбитэ, турбанан акылаат түһэн тутуута саҕаланан, күн бүгүн аанын тэлэччи аста.
Киэһэтин шоумен, ырыаһыт Александр Луценко “Сэргэхсий, саҥа кулуупка” шоу бырагыраама ыытта. Манна олохтоохтор оонньоон, ырыа-тойук истэн, үҥкүүлээн дуоһуйа сынньаннылар. Саҥа култуура кииниттэн кынаттанан төрөөбүт дойдуларын аатын дорҕоонноохтук ааттатар үгүс талааннаах ыччат үүнэн-сайдан таҕыстын.
Марелла Баишева.