Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгэр биэлсэр-акушер пууна үлэҕэ киирэр үөрүүлээх күнэ буолла.
Доруобуйа харыстабылын алын сүһүөх тэрилтэлэрин сайыннарыыга туһуламмыт «Доруобуйа» национальнай тосхол иитинэн аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир эбийиэги «СахаУниверсал» ХЭУо тутан үлэҕэ киллэрбит.
Кэнники сылларга федеральнай национальнай тосхол чэрчитинэн улууска 10 маннык модульнай тииптээх пуун тутуллан үлэлии турар. Ол курдук, бастакы маннык эбийиэк үлэҕэ киириэҕиттэн номнуо уонча сыл ааһа оҕуста. Дьиэлэр чэпчэки, бөҕө-таҕа матырыйаалтан тутуллубут буолан хамсаабакка, этэҥҥэ тураллар, сылаастар, үйэлээхтэр.
Саҥа эбийиэк дьоҥҥо-сэргэҕэ өр сыл туһалаатын, манна кэлбит дьон доруобуйатын туруга тубустун, үйэтэ уһаатын диэн аал уоту оттон алгыс көтөхтүлэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут Өлөчөй сэлиэнньэтин олохтоохторун, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлээн кэлбит ытыктабыллаах бэтэрээннэри, күн бүгүн түбүгүрэ сылдьар үрүҥ халааттаах аанньаллары улуус дьаһалтатын аатыттан баһылыгы бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитов, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Павлов эҕэрдэлээтилэр, нэһилиэнньэ бу сылаас, сырдык дьиэҕэ кэлэн эмп үлэһиттэриттэн наадалаах сүбэ-ама, көмө ылан, чэгиэн, нус-хас олохтоннун диэн баҕа санааларын тиэртилэр.
Өлөчөйгө бастакы медпуун 1952 с. аһыллыбыта. Манна бастакы биэлсэринэн Мотрена Афанасьевна Сидорова үлэлээбитэ. Онтон ыла пуун 71 сыл устата тиһигин быспакка үлэлээн кэллэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга араас сылларга нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөн-истэн кэлбит эмчиттэргэ өрөспүүбүлүкэ, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, улуус дьаһалтатын, улуустааҕы киин балыыһа наҕараадаларын туттардылар.
Алтан нэһилиэгэр быйыл эдэр исписэлиистэр – биэлсэр, акушерка ананан кэлбиттэр. Эдэр дьон үлэлэрин таһаарыылаахтык саҕалаабыттара хайҕаллаах, өссө аныгы тэрилинэн толору хааччыллыылаах саҥа пуун үлэҕэ киирэн, ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр бары усулуобуйа баар буолбут.
Улуус кылаабынай бырааһа Алексей Павлов дьон-сэргэ чөл доруобуйалаах буоларын туһугар кыһаллар-мүһэллэр доруобуйа харыстабылын эйгэтин исписэлиистэрин үлэлиир усулуобуйаларын бу курдук тупсарыыга ахсаабат болҕомтотун иһин өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махталын биллэрдэ.