Ханнык баҕарар тэрилтэ устуоруйатын үлэһиттэр — бэйэлэрин хампаанньалара сайдарыгар маастарыстыбаларын уонна дууһаларын уурар үөрэхтээх, үлэһит уонна талааннаах дьон суруйаллар. Онуоха бигэ тирэҕинэн үлэһит династиялар буолаллар, кинилэр уопуттара уонна маастарыстыбалара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр. АЛРОСА-ҕа хампаанньа киэн туттар дьиэ кэргэн династиялара эмиэ үлэлииллэр. Бүгүн кинилэртэн биир дьиэ кэргэн туһунан кэпсиэхпит.
Үлэһит династияны төрүттээччи Екатерина Максимова Сунтаар улууһугар, Бүлүү өрүс кэрэ кытылыгар сытар Кириэстээх сэлиэнньэтин таһыгар учаастакка төрөөбүтэ. Манна 1949 сыллаахха бастакы алмаастаах бытархай боруоданы булбуттара. Чуолаан бу сиртэн Саха сирин алмаастаах эпопеята саҕаламмыта. Онон сыаналаах алмааһы хостуурга Кириэстээх эрэ буолбакка, Саха сирин арҕаа өттүн олохтоох нэһилиэнньэтэ кыттыбытыттан соһуйбаккын. 1950–1951 сылларга Екатерина Петровна Амакинскай эспэдииссийэ 127-с партиятын “Счастливай” учаастагар үлэлээбитэ.
Оччолорго барыта илиинэн үлэ этэ. Сэрии кэннинээҕи сылларга сэлиэнньэлэргэ эр киһи илиитэ тиийбэтэ, онон ыал ийэлэрэ сарсыарда күн тахсыаҕыттан күн киириэр диэри үлэлииллэрэ.
СУОППАР — ОҔО СААС ЫРА САНААТА
Екатерина Петровна уола Игорь оҕо эрдэҕиттэн суоппар буолуон баҕарара. Эдэр киһи массыына ыытар быраабы 17 саастааҕар хайыы үйэ ылбыта, онтон ыла илиитин уруултан араарбат. “Кириэстээх” сопхуоска суоппарынан 18 сыл үлэлээбитэ, 1990-с сылларга баһаарынай чааска, онтон сельпоҕа үлэлээн баран, үлэ миэстэтин сарбыйыыга түбэспитэ.
2001 сыллаахха Мииринэй — Ньурба хайа-байытар кэмбинээккэ үлэ көрдүүргэ быһаарыммыта. Ол эрээри, үлэҕэ ылыахтарыгар саарбахтыыр буолан, эдэр киһи толлубута. Тыа сирин эрэ үлэтинэн муҥурдаммыт киһи аан дойдуга биллэр бырамыысыланнас бөдөҥ хампаанньатыгар үлэҕэ ылыахтарыгар саарбахтаабыта буолуо. Ол да буоллар, ыстаастаах, куһаҕан дьаллыга суох суоппар олус наадалаах буолан биэрбитэ…
45 СЫЛ УСТАТА — УРУУЛГА
— Ол сылларга өссө 16 №-дээх фабрика суоҕа, баахта эрэ бөһүөлэгэ үлэлиирэ. Аҕыйах мас дьиэ баара, оттон билигин бүтүн бөһүөлэк буолан таҕыста, — диэн кини киэн тутта кэпсиир. Игорь Кириллович быйыл 45 сыл суоппарынан үлэлээбит үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээтэ.
— Үлэбин олус сөбүлүүбүн, олоҕум тухары уруулу сылайбакка эргитэбин. Улахан суоллары, Улахан Неверы, Золотинканы, Иенграны, Нерюнгрины, Дьокуускайы сөбүлүүбүн. Амма улууһуттан бурдук да таһарым, массыыналары да аҕаларым. Толкуйдаан көрдөххө, сири тула хаста да эргийбитим буолуо, — диир бүгүҥҥү дьоруойбут.
Игорь Кириллович билигин баахта үлэһиттэрин оробуочай бөһүөлэктэн Ньурба, Ботуобуйа,Майскай карьердарга тириэрдэр уонна төттөрү аҕалтыыр. Үлэтин күнэ сарсыарда 5 чаастан саҕаланар уонна 6 чаастан баахтаҕа үлэлиир.
— Икки буоламмыт уочаратынан икки симиэнэҕэ үлэлиибит. Бииргэ үлэлэһэр киһим бэйэм быраатым Кирилл. Манна биһиги үһүс бырааппыт Геннадий эмиэ суоппарынан үлэлиир. Манна даҕатан эттэххэ, балтыбыт Розалия эмиэ хампаанньаҕа өр сылларга үлэлээбитэ. Маршрут төһө да чопчу курдук буолбутун иһин, суоппар үлэтэ куруук кутталлаах, рейс кэмигэр туох барыта буолуон сөп. Массыына алдьаныан, ардахтаах күн-дьыл туруон сөп — ыксаллаах балаһыанньаларга суоппар сөптөөх дьайыылары чопчутук уонна түргэнник оҥоруон наада. Уолуйан хаалбакка, тиэйэниһэр дьонугар уонна тиэхиньикэ саахалламматыгар эппиэтинэстээҕин куруук өйдүөхтээх.
— Бу сыллар тухары үчүгэй массыыналарга үлэлээн кэллим, билиҥҥи “вахтовкам” эмиэ бэрт тырааныспар, — диир Игорь Кириллович. Күн аайы биир хайысханан айанныыр суоппар биир тэҥ суолтан хал буолуо суохтаах. Бу хаачыстыбалар уонна үөрүйэхтэр Игорь Кирилловичка бааллар.
— Үчүгэй суоппар буолар туһугар баҕа санаа баар буолуохтаах. Таһаҕаһы алдьаппакка, дьону үлэлиир сирдэригэр этэҥҥэ тириэрдии уонна аҕалыы — мин соругум. Суоппар буолар баҕа санаам туолбута, үчүгэй хампаанньаҕа үлэлиирбин, аймах уонна чугас дьонум, улахан дьиэ кэргэним, олоҕум аргыһа, оҕолорум, сиэннэрим аттыбар бааллар, онон бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Киһиэхэ итинтэн ордук туох нааданый?
Биһиэхэ, дэриэбинэҕэ, маннык үрдүк хамнастаах үлэни булбаккын. Манна үлэлээбитим 22-с сылыгар барда. Биир ый — Накыыҥҥа, биир ый дьиэбэр баар буолабын. Бастакы сылларбытыгар сибээс суох этэ, дьиэбин-уоппун ахтарым. Оттон билигин сибээс ханна баҕарар туруктаах, күн аайы кэргэммин кытары видеосибээһинэн кэпсэтэбин, онон дьиэтээҕи сонуннары билэ-көрө сылдьабын, — диэн Игорь Кириллович мичээрдиир.
АҔАЛАРЫН ТУЙАҔЫН ХАТАРАН
Аҕа киһи этэринэн, үчүгэйдик үлэлииргэ уонна сынньанарга усулуобуйа барыта баар. Эдэрдэр тренажер саалатыгар дьарыктаналлар, быйыл өссө биир успуорт саалатын туттулар.
Игорь Кириллович түөрт уолуттан үһэ аҕаларын туйаҕын хатаран, АЛРОСА араас тэрилтэтигэр үлэлиир: улаханнара Петр — НОГК АОН автобазатын суоппара, аҕатыттан чугас үлэлиир; иккис уоллара Сергей — «Алмазтехмонтаж» монтажнига; кыралара Артем –«Алмаздортранс» ХЭУо суоппара. Аҕаларын аатын ылбыт үһүс уол эрэ атын идэни талан, РФ ИДьМ систиэмэтигэр үлэлээбитэ, быйыл биэнсийэҕэ таҕыста. Ким билиэй, баҕар, эдэр киһи эмиэ АЛРОСА-ҕа үлэлии кэлиэ.
— Мин санаабар, уолаттарбыт идэлэрин аҕалара үлэтин олус сөбүлүүрүн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын көрө сылдьан таллылар. Аҕабыт хаһан да таах олорбот, оҕолор эмиэ оннук үлэһит, сатабыллаах буола улааттылар. Мин, биллэн турар, кэргэммин ахтабын, баахтаттан кэлэрин күүтэбин. Кини үлэтин, кэлэктиибин сөбүлүүрүттэн, сатыыр, билэр дьыалатынан дьарыктана сылдьарыттан үөрэбин, — диэн бүгүҥҥү дьоруойбут кэргэнэ Елена Прокопьевна кэпсиир.
Степановтар — олус үлэһит дьон, таах олоро үөрэммэтэхтэр. Уолаттара бары дьиэ кэргэннээхтэр, хас биирдиилэрэ туруктаах хаһаайыстыбалаахтар, нус-хас, быр-бааччы олороллор. Төрөппүттэрэ кинилэри бэйэлэрин холобурдарынан ииппиттэр, онон оҕолор ханнык да үлэттэн толлон турбаттар. Соҕотох кыыстара Дарина учуутал идэлээх, билигин дьиэ кэргэнин кытары Дьокуускай куоракка олорор. Игорь Кириллович уонна Елена Прокопьевна уон сиэннээхтэр.
Үлэ киһитин үтүө аатын биирдэ талбыт идэлэринэн үтүө суобастаахтык үлэлиир Игорь Кириллович курдук дьон үрдэтэр. Степановтар уолаттара уонна сиэннэрэ үлэ суолтатын билэллэр-көрөллөр, өйдүүллэр уонна аҕаларын туйаҕын хатараллар.
Матрена КОНДРАТЬЕВА.