Аллараа Бэстээххэ «IT-куб» сыыппара эйгэтин киинэ үөрүүлээхтик арылынна 

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Аллараа Бэстээххэ Оҕо-ыччат техническэй киинин иһинэн РФ Үөрэҕин министиэристибэтин, СӨ бырабыыталыстыбатын, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын өйөбүллэринэн, «IT-куб” сыыппара эйгэтин киинэ тэриллэн үөрүүлээхтик арылынна. Бу үөрэхтээһин национальнай бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн тэриллибит оҕолорго эбии үөрэхтээһин инновационнай былаһаакката уонна информационнай технологиялар эйгэлэригэр компетенциялары сайыннарарга туһаайыллыбыт киин буолар.

Бэстээхпит томтойор туонатыгар, килбэйэр киинигэр арыллыбыт сырдык уораҕай алгыстаах аар аартыгын арыйар дьоро күнэ үүммүтүнэн Виталий Очиров алгыстаан амалыйда, оҕолор өй-билии аартыгар аныгылыы тэтимнээх үтүө, сырдык эйгэни күн ахсын сомсон ылан иҥэринэллэригэр, иэримэ дьиэбит күрүөтэ-хаһаата бөҕө буоллун диэн үтүө баҕа санаааларын Үрдүк Айыыларга туһаайда, аал уотун алаадьынан айах тутта, бар дьонун буруонан арчылаата.

Мустубут ыалдьыттары В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна учууталларын ансаамбыла “Бастыҥ үөрэх кыһата” ырыанан эҕэрдэлээтэ.

Бэлиэ күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова эҕэрдэлээн туран үөрүүлээх быһыыга-майгыга «IT-куб” сыыппара эйгэтин киинигэр сыаналаах бэлэхтэри туттардылар итиэннэ бастыҥ үлэһиттэри наҕараадалаатылар.

Нюргуна Соколова Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин сайдыытыгар кылаатын, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Педагог-наставник” бэлиэтин Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын физикаҕа учууталыгар Антонина Скрябинаҕа туттарда.

Үөрэх уонна иитэр үлэ эйгэтин тэрийиигэ ситиһиилэрин иһин “РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Елена Кузнецова, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Махтал суругунан Оҕо-ыччат техническэй киинин дириэктэрэ Николай Попов, Оҕо-ыччат техническэй киинин дириэктэрин солбуйааччы Марфа Мохначевская наҕараадаланнылар.

“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” МО баһылыга Дмитрий Тихонов: «Бүгүн биһиэхэ долгутуулаах күн үүннэ. Биһиги оҕолорбут сайдалларыгар дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалталарын өттүттэн улахан болҕомто ууруллан Илин Эҥэргэ соҕотох бастакы «IT-куб” киин арылынна. Сотору кэминэн Ил Дархаммыт быһаччы сорудаҕынан оҕолорбут кыра саастарыттан дэгиттэр сайдыылаах уонна хамнастаах буолалларыгар анаан бу дьиэ иккис этээһигэр саҥа үлэ баазата тэриллиэҕэ», — диэн үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов Үөрэх уонна иитэр үлэ эйгэтин тэрийиигэ ситиһиилэрин иһин “Оройуон иннигэр өҥөлөрүн иһин” остуолга ууруллар бэлиэлээх грамотатынан Оҕо-ыччат техническэй киинин үлэһитэ Галина Скрябинаны, Оҕону эбии үөрэхтээһин эйгэтэ сайдыытыгар өҥөлөрүн иһин Махтал суругунан Оҕо-ыччат техническэй киинин педагога Ирина Говорованы наҕараадалаата.

Улуус үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Гаврил Толстяков:

Үөрэҕирии федеральнай бырайыак чэрчитинэн Аллараа Бэстээххэ Алданскай уулусса 13-с нүөмэрдээх дьиэтигэр 1500 кв м иэннээх миэстэҕэ «IT-куб” тэрилиннэ. Биһиэхэ Төхтүр техническай киинэ юридическай сирэй быһыытынан үлэлээри көһөн кэллэ. Манна бааллар биар-лабораториялар, оҕолор мобильнай ырытыыларга үөрэниэхтэрэ. Бу техническай үөрэхтээһин эйгэтигэр оҕолору угуйуу буолар. Биһиги оҕолорбут техническэй үөрэхтээһиҥҥэ, математика, физика предметтэригэр, бырагырааманы оҥорууга уһуйуллуохтара, ону тэҥэ инженердэр иитиллэн тахсыахтара диэн эрэллээх бу дьиэни арыйдыбыт. Түгэнинэн туһанан, биһиги Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, Үөрэҕирии министиэристибэтигэр, улууспут салалтатыгар оҕолорго анаан сөптөөх эйгэни тэрийбиттэригэр махталбытын биллэрэбит. Бу тэрилтэ улуус бары оҕолоругар анаан тэрилиннэ. Билиҥҥитэ түөрт сиргэ баар буолла: Дьокуускай куоракка, Ньурбаҕа, Мирнэйгэ уонна манна биһиэхэ. Биһиги Мэҥэ Хаҥалас улууһунан эрэ муҥурдаммаппыт, өскөтүн оннук сыал-сорук баар буоллаҕына Илин Эҥэр улуустарыгар үлэлииргэ бэлэммит.

Үлэһит илиинэн толору хааччыллыылаахпыт, манна үөрэтэр учууталларбыт хас хайысха аайы бааллар, математика, физика, информатика учууталларынан үлэлээбит уопуттаахтар, эдэр, эрчимнээх кэлэктиип. Сарсыҥҥыттан үөрэх саҕаламмытынан барыаҕа, — диэтэ.

«IT-куб” сыыппара эйгэтин киинин үөрүүлээхтик арыйыы кыһыл лиэнтэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова, оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов, Оҕо-ыччат техническэй киинин дириэктэрэ Николай Попов уонна Төхтүр орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Оҕо-ыччат техническэй киинин иитиллээччитэ Юрий Егоров быстылар.

Аныгы олох ирдэбилинэн арыллыбыт «IT-куб” көннөрү үөрэх тэрилтэтэ буолбакка, хас биирдии оҕо бэйэтин дьоҕурун арыйан, информационнай технология салаатыгар саҥа билиини, үөрүйэхтэри ылыахтаах. Манна оҕолор улахан ситиһиилэргэ бастакы хардыылара оҥоһуллуохтара диэн эрэнэбит.

«IT-куб» сыыппара эйгэтин киинин салайааччытынан Сандал Барашков үлэлиир.

Аныгы түргэн тэтимнээх үйэҕэ сыыппара технологиялара олохпут быстыспат сорҕото буолаллар. Оҕолор технологиялары туһанааччы эрэ буолбакка, кинилэр тэрийээччилэринэн буолалларыгар кыах үөскээтэ. «IT-куб”-ка бырагырааманы, робототехниканы, дизайны, онтон да атын хайысхалары үөрэтэннэр инники олохторугар туһалаах, ирдэнэр анал идэлээх, ситиһиилээх дьон буолуохтара. «IT-куб” саҥа саҕахтары арыйан элбэх идиэйэлээх, бырайыактардаах стартовай былаһаакка буоллун.

Марелла Баишева.