Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Саха сиригэр аан бастакытын Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар бырайыак чэрчитинэн «Кыайыы буойаһа» түмэл Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар кэлэн барда. «Кыайыы буойаһын» көһө сылдьар түмэлэ Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын сүрүн суолталаах кэрчиктэрин 10 вагон устата бэрт сиһилии сырдатан көрдөрөр, билиһиннэрэр. Ордук үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга тапталга, бэринилээх буолууга улахан иитэр-үөрэтэр суолталаах. В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара сырыттылар, көрдүлэр. Салгыы түмэли илэ харахтарынан көрбүт үөрэнээччилэр санааларын ааҕыаҕыҥ.
Лепчикова Света, 7 «в» кылаас үөрэнээччитэ: -Балаҕан ыйын 27 күнүгэр кылааспын кытта «Кыайыы буойаһа” музейга сырыттым. Бу күн Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыбыннаһын күнэ буолан бары сахалыы таҥаспытын кэтэ сылдьыбыппыт. Тиийбиппитин кэннэ барыбытыгар кыһыл наушник биэрбиттэрэ. Олус ураты музей буолан биэрдэ. Онно бастакы вагоҥҥа дьоннор хайдах айаннаабыттарын көрдөрбүттэрэ. Воскаттан оҥоһуллубут фигуралар дьиҥнээх дьон курдуктар этэ. Иккис вагоҥҥа сэрии саҕаламмыта көрдөрүллэр. Ньиэмэстэр буомбалааһыннара…барыта киһи кутун-сүрүн долгутар. Үһүс вагоҥҥа сэрии саҕаланыаҕыттан төһөлөөх элбэх киһи өлбүтэ… Өлүү-сүтүү… Мин бэйэм историяны интириэһиргиир буоламмын бу музейы олус сөбүлээтим. Манна истибити-билбитим инникитин көмөлөһүө. Олус элбэҕи биллим, көрдүм.
Васильева Саша, 10 «а» кылаас үөрэнээччитэ: -Балаҕан ыйын 26 күнүгэр кылааспын кытта «Кыайыы буойаһа” музейга сырыппыппыт. Мин бастаан сэттис уруок кэнниттэн барыахпын баҕарбатаҕым. Онтон илэ харахпынан көрөн баран олус сөхтүм, астынным. Мин санаабар, маннык «Кыайыы буойаһа” музейа баара олус кэрэхсэбиллээх, элбэх киһи көрдүҥ, элбэҕи биллиҥ.
Осипова Виолетта, 7 «в» кылаас үөрэнээччитэ: — Мин кылааспын кытта Аллараа Бэстээх тимир суол ыстаансыйатыгар «Кыайыы буойаһа” музейы көрө сырыттыбыт. Манна сэрии туһунан кэпсээтилэр. Мин сэрии туһунан элбэҕи да билбэппин өйдөөтүм. Сэрии диэн олус кутталлаах, дьулаан, элбэх киһи тыына быстыбыт, суорума суолламмыт… ону барытын өссө төгүл өйдөөтүм. Маннык музейга оҕо барыта сырыттын, элбэҕи билиэхтэрэ, өйдүөхтэрэ.
«Мэҥэбил» пресс-киин