Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха сиригэр аан бастакытын Бүтүн Арассыыйатааҕы сырдатар бырайыак чэрчитинэн «Кыайыы буойаһа» Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар айаннаан кэлэн үс күн устата үлэлээтэ.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананан 2020 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыт рельсэ үрдүгэр турар «Кыайыы буойаһын» көһө сылдьар түмэлэ Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын саамай сүрүн суолталаах кэрчиктэрин бэрт сиһилии сырдатан көрдөрөр, билиһиннэрэр. Ордук үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга тапталга, бэринилээх буолууга улахан иитэр-үөрэтэр суолталааҕын түмэлгэ сылдьыбыт дьон барыта бэлиэтиир.
Үс сыл устата дойдубут 89 эрэгийиэниттэн 40-гар сылдьыбыт «Кыайыы буойаһа» ‒ айанныыр буойас иһигэр оҥоһуллубут, аныгылыы тылынан эттэххэ ‒ аан дойдуга суох соҕотох иммерсивнай инсталляция туһаныллыбыт сэдэх бырайыага. Буойас уон богуонун устата тэнитиллибит түмэл-быыстапка устуоруйа кырдьыктаах чахчыларыгар олоҕуран киһи дууһатын кылын таарыйан долгутар, харааһыннарар, уйадытар, ону сэргэ сүргэтин көтөҕөр, үөрдэр, киэн тутуннарар. Бырайыак ааптардара сэрии ыар сылларын үрүҥ, хараҥа өрүттэрин бииргэ түмэн итэҕэтиилээхтик көрдөрөргө скульптуранан оҥоһуллубут элбэх композициялары таһынан аныгы мультимедия өҥөлөрүн кыайа-хото туһаммыттар. Манна 50 видео-бырайыактар, 18 видео-истиэнэ, 12 тач-остуол көмөлөрүнэн уот-күөс, тыас-уус барыта ситэрэн-хоторон биэрэр. Хас биирдии богуон Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын кэрчик кэмин көрдөрөр бэйэтэ тус-туспа тиэмэлээх. Сэрии саҕаланыан аҕыйах чаас иннинэ буойаһынан айаннаан иһэр дьонтон саҕалаан Кыайыы кэннэ дьиэлэригэр төннөөччү байыастарга тиийэ кэрчик кэм көрдөрүллэр. Ол иһигэр санитарнай, байыаннай ыстаап богуоннара, концлааҕыры, баанньыгы ойуулаан көрдөрүү киллэриллибиттэрэ быыстапка ис хоһоонун тэнитэн, дириҥэтэн биэрэр.
Тимир суолунан көһө сылдьан үлэлиир аан дойду үрдүнэн суох түмэл-быыстапкалаах «Кыайыы буойаһын» көрсүү үөрүүлээх чааһыгар СӨ Тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, «Саха сирин тимир суоллара» ААУо генеральнай дириэктэрин стратегическай сайдыыга солбуйааччы Александр Местников кытыннылар. Кинилэр эҕэрдэ тылларыгар бу улахан суолталаах бырайыагы Саха сирин олохтоохторо көрөн үрдүк сыанабылы биэрэллэригэр эрэнэллэрин биллэрдилэр итиэннэ маннык бырайыактар хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Аҕа дойду сэриитигэр сэрии толоонугар, тыылга Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьон албан ааттарыгар дириҥ ытыктабылы, сүгүрүйүүнү иҥэрэллэрин бэлиэтээтилэр.
‒ Кылааһым оҕолорун кытта бүгүн «Кыайыы буойаһын» быыстапкатын кэлэн көрөн олус астынныбыт, оҕолор элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, интэриэһиргээтилэр. Тэрийээччилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит, үүнэр көлүөнэ эйэлээх халлаан иһин Аҕа дойду Улуу сэриитигэр эһэлэрин, хос эһэлэрин көрдөрбүт хорсун быһыыларын хаһан да умнуо суохтаахтар, ‒ диэтэ бастакынан экскурсияҕа оҕолорун аҕалбыт 2 №-дээх Аллараа Бэстээх орто оскуолатын 6 «а» кылааһын салайааччыта Елена Щляцина.
«Кыайыы буойаһа» Аллараа Бэстээх кэннэ Алдаҥҥа тиийэн биир күн үлэлиэҕэ. Сыл-хонук аастаҕын да иһин, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ситиһиллибит Улуу Кыайыы суолтата үйэлэртэн-үйэлэргэ симэлийбэтигэр маннык дьоһун бырайыактар төһүү күүс буола туруохтара. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Алена ДОКТОРОВА.