Биһиги, мэҥэ хаҥаластар, ханна да сырыттарбыт дойдубутугар күүстээх тапталбытын туохтааҕар да истиҥник тиэрдэр «Майа сайына» ырыабыт айыллыбыта, айыллаат тута норуокка сөбүлэтэн, ылланан барбыта эһиил, 2024 сылга, 60 сылын туолар. Хас да көлүөнэ дьон бу кырдьыбат ырыаны ыллаан кэллэхтэрэ, ол тухары «Майабыт сайына» эргэрбэт, барыбытыгар чугас, күндү…
– Мин Майабын туохха да биэрбэппин! Майа – мин үөрэммит, маҥнай үлэһит буолбут дойдум, — диэн суруйбута Алексей Леонтьевич Попов бу ырыата хайдах айыллыбытын туһунан. – Бу дойдубуттан 14 сыл устата атын сирдэргэ үлэлии бара сылдьыбытым. Ол сылдьан билбитим Майа ахтылҕанын, төрөөбүт оройуонум ахтылҕанын. Дьэ ол иэйиибин бу ырыаҕа биэрэ сатаабытым. Ырыа матыыбын маҥнайгы оҥкула 1957-1958 сс. ууруллубута. Ол гынан баран сөптөөх тыл суоҕа. Ол иһин 1964 с. дойдубар кэлэн баран Василий Гаврильевич Ивановка – Бэрт Хараҕа этэммин суруйтарбытым. Кини 3 варианы суруйбута. Онтон бүтэһик вариана бу.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх режиссер, артыыс, ырыаһыт, мелодист, тойуксут, саха фольклорун ырытааччы, тарҕаатааччы, быһата, дэгиттэр талааннаах биһиги ытык киһибит Алексей Леонтьевич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Эйиэхэ тэҥнээх дойду суох, мин төрөөбүт дойдум” диэн бэйэтэ суруйбут ырыатын тылынан ааттаммыт бэртээхэй ахтыы киэһэтэ алтынньы 12 күнүгэр Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр буолла.
Киэһэни Д.Ф.Ходулов аатынан Майа норуодунай тыйаатырын режиссера Данил Осипов мэҥэлэр эрэ буолбакка, саха куттаах дьон-сэргэ бары сүгүрүйэр, ытыктыыр киһибит уобараһын арыйар монолуогунан аста.
Өр сылларга оройуон култуураҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Тихонов Алексей Леонтьевич туһунан иһирэх ахтыытын видеоустуута экраҥҥа көрдөрүлүннэ. Дмитрий Дмитриевич бэйэтин аҕа сүбэһитин Мэҥэ Хаҥалас култууратын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит киһи быһыытынан ылынарын эттэ. Өссө Төҥүлү оскуолатыгар үөрэнэр сылларыттан билэрин, олус талааннаах буолан дьону тардар, түмэр ураты дьоҕурдааҕын, нэһилиэккэ 200-кэ тиийэр киһилээх хуору тэрийбитэ кэпсээҥҥэ сылдьарын, эдэри-кырдьаҕаһы барытын кытта уопсай тылы буларын, киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах, сүбэтинэн-аматынан, дьону-сэргэни билэринэн кини үлэтигэр-хамнаһыгар улахан көмөнү оҥорбут киһи буоларын бэлиэтээтэ. Култуура эстэпиэтэтигэр дьүүллүүр сүбэҕэ сылдьан, уопутун үллэстэн, исписэлиистэргэ үтүөнэн эрэ сабыдыаллаабыта саарбаҕа суох диэтэ. Элбэх көлүөнэ култуура үлэһиттэрэ киниэхэ иитиллэн үөскээбит дьоммут, «Алексей Леонтьевич – Мэҥэ Хаҥалас култууратын таҥарата» диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ, бука, үйэлэр тухары этиллиэн сөптөөх этии, диэн түмүктээтэ.
«Алексей Леонтьевич Попов, Прасковья Павловна Адамова, Валерий Власьевич Ноев курдук саха култууратыгар бэлиэ суолларын-иистэрин хааларбыт дьону кытта үлэлээбиппинэн киэн туттабын», — диэн аҕынна 70-80-с сылларга оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр бииргэ үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна Раиса Винокурова. «Сайдыы» диэн агитбиригээдэ тэринэннэр ити састаабынан Ангарскай куоракка Арассыыйа таһымнаах куонкуруска лауреат буолан кэлбиттэрин, Реас Кулаковскай айымньытынан Прасковья Адамова туруорбут «Аан аһылынна» диэн испэктээккэ Алексей Леонтьевичтыын кылаабынай оруоллары хайдах толорбуттарын, онуоха бэйэтэ режиссер дьоҕурдаах буолан сүбэлээн, ыйан-кэрдэн биэрэрин, онон кинини кытта оонньуур олус интэриэһинэйин, чэпчэкитин, Реас Алексеевич бэйэтэ кэлэн, көрсүһүү тэрийбиттэрин, испэктээги хайҕаабытын кэпсээтэ. Раиса Иннокентьевна музыкальнай үөрэхтээх буолан бэйэтэ салайар «Далбар» норуодунай ансаамбылын, «Арчы» норуодунай хуорун репертуардарыгар Алексей Попов ырыаларын киллэрэн араас сиринэн-дойдунан гастролларга, куонкурустарга ситиһиилээхтик толороллорун, бэл, килиип оҥорбуттарын кэпсээтэ. Ол кэмнээҕи түһэрии хаартыскалары аҕалбытын көрдөрөн, сороҕо эмиэ да көрдөөх да түгэннэри ахтан-санаан, көрөөччүлэрдиин үллэһиннэ.
Алексей Леонтьевич үөрэнээччитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Лукина 20-чэлээх сылдьан норуодунай тыйаатырга кини ыҥырыытынан кэлэн, тута оруолга ылыллан оонньоон барбытын, Николай Якутскай айымньытынан туруорбут испэктээгэр маҥнайгы сүрэхтэниитин ааспытын бу баардыы аҕынна, тыл күүһүн сөпкө туһанарга туһуланар тугунан да кэмнэммэт сыаналаах сүбэлэрин умнубаппыт диэтэ. Алексей Леонтьевич уонна Прасковья Павловна үлэлиир кэмнэригэр тыйаатырбытыгар 200-кэ тиийэр артыыс баар этэ, бэл, оруолга тиксэр ылбычча буолбатаҕа, гриминэн туттуу кистэлэҥнэригэр эмиэ үөрэппитэ диэн аҕынна. Аҕа сүбэһитэ кинини 1970 с. сиэтэн киллэрэн: «Бу кыыһы автокулууп сэбиэдиссэйинэн ылыахха», — диэн үлэҕэ ылларбытын, онтон ыла ол дьиэттэн тахсыбакка 50-тан тахса сыл үлэлээн кэлбитин эттэ. Бииргэ үлэлиир дьонум ортотугар ыал буолбут уруубутун тэрийбиппит, онуоха Алексей Леонтьевич алҕаан, 50-тан тахса сыл бииргэ олорон кэллибит диэн махталынан ахтан-санаан ылла.
А.Л.Поповка уһуйуллубут, сахалыы ырыаны толору баһылаабыт талааннаах тойуксут, элбэхтик бииргэ алтыспыт доҕоро Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Афанасий Протодьяконов Алексей Леонтьевиһы Төҥүлү оскуолатыгар үөрэнэр кэмнэриттэн билэрин туһунан кэпсээтэ. Кини сценаҕа хайдах тахсартан саҕалаан, ыллыырга-туойарга, сатаан тыынарга, ырыаны тардарга барытыгар үөрэппитэ диэтэ. «Миигин кини тойуксут оҥорбут үтүөлээх. Кини курдук талааннаах киһиэхэ эрчиллибэтэҕим буоллар, Улуу Москва, Магадан курдук киэҥ сирдэринэн ыллыы-туойа сылдьыам суоҕа этэ, кини куруук алҕаан ыытара уонна кэллэхпинэ отчуоттатар этэ», — диэн элбэх тойуксут дьон баарыттан кинини чорботон такайбытын иһин улаханнык махтанарын эттэ. Ахтыы киэһэ ыытааччытын көрдөһүүтүнэн аатырбыт тойуксут Афанасий Никифорович Протодьяконов ыллаан доллоһутта – билигин да куолаһа чуорун, тыына уһунун, тойуга кэрэтин көрөөччүлэр сэргии иһиттилэр.
«Иоаким Дмитриевич Избеков-Уустаах уонна Алексей Леонтьевич Попов курдук Мэҥэ Хаҥалас сүдү дьоннорун бэйэм айар үлэм аартыгар көрсөн ааспыт дьоллоохпун», — диэн видеонан ахтыытыгар Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кыталык» үҥкүү норуодунай ансаамбылын төрүттээччитэ, «Душа России» бириэмийэ лауреата Василий Винокуров эттэ. Алексей Леонтьевич ансаамбылга «Кыталык» диэн ааты иҥэрэн, сүрэхтээбит аҕалара буоларын, кэлэктиип иннигэр үрдүк таһымҥа кэрдиис туруоран, үлэлээбиттэрин тухары үрдүккэ, кэрэҕэ тардыһалларыгар олук уурбут киһилэринэн ааҕалларын бэлиэтээтэ. Бу аҕам сүбэһиттэрэ иккиэн идэтийбит сценаҕа үлэлээбит буоланнар, Мэҥэ Хаҥалас култуурата үрдүк таһымҥа тахсарыгар, «Мэҥэлэр хайа үрдүгэр» дэтэллэригэр улахан оруоллаахтар, кинилэр култуура, ускуустуба эйгэтигэр таһым туруорбут дьоннорунан буолаллар. Алексей Леонтьевич «Кыталыкка» аат биэрэригэр Майа дьонун-сэргэтин ортотугар «Аат аат буолуохтун, аат сыалын ситиэхтин» диэн алҕаабыт тыллара кэлэктиип архыыбыгар кэриэс буолан сурулла сылдьар диэтэ. Нина Васильеваны кытта тэҥҥэ үлэһит буолан дойдуларыгар кэлбиттэригэр Алексей Леонтьевич үлэлэригэр сүбэлээн-амалаан мэлдьи өйүүрүн, ыытыллыбыт тэрээһин сценарийын, хайдах барбытын барытын суруйан, орун-оннугар тиһэн хаалларар үгэстээҕин, киэҥ билиилээх, дойду таһымыгар култуура, ускуустуба эйгэтигэр туох буола турарын, биллиилээх дьонун туһунан элбэҕи аахпыт, билбит буолан уһуну-киэҥи анааран кэпсэтэллэрин туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан ааста. Барыбыт сүрэҕэр-быарыгар баар «Майа сайына» ырыа үйэ-саас тухары ыллана турдун, ырыаҕа этиллэрин курдук, майалар, биһиги, сайда-үүнэ туруоҕуҥ диэн Василий Павлович бар дьонугар туһаайан түмүктээтэ.
Култуура министиэристибэтин Геокултуурунай сайдыыга институтун мэтэдьииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ биир дойдулаахпыт Саргылаана Адамова Майаҕа олорор эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ – биллиилээх артыыстар Прасковья Павловна, Савва Алексеевич Адамовтары кытта А.Л.Попов бииргэ үлэлээбит кэмнэриттэн ахтан-санаан ааста итиэннэ оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ култуура сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит киһи аатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, үйэтитиигэ үлэ суолтатын туһунан иһитиннэрдэ. Тыа сирин култууратын идэтийбит таһымҥа таһаарсыбыт дьонтон биирдэстэрин дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар сыаллаах түһүлгэлэри былаанныылларын эттэ. Алексей Леонтьевич кыраайы үөрэтээччи, норуот ырыатын-тойугун, тылынан уус-уран айымньытын үөрэтээччи, тарҕатааччы буолар, кини мунньубут ырыата-тойуга Америкаҕа Гарвард университетын бибилэтиэкэтигэр харалла сытарынан мэҥэлэр киэн туттуох тустаахпыт диэтэ. Алексей Попову үгүс саха дьоно айар аартыктарын арыйан биэрбит аҕа сүбэһит быһыытынан ылыналларын, быйылгы үйэлээх үбүлүөйүн итиэннэ Аҕа сүбэһит, настаабынньык сылын чэрчитинэн «Саха» НКИХ ханаалыгар дьоһуннаах биэрии бэлэмнээн таһаарарга үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.
Алексей Леонтьевич доҕорун, Саха АССР норуодунай артыыһын, киэҥник биллэр мелодист, норуот кутун туппут сцена маастарын, дэгэрэҥ ырыа төрүттээччитин Христофор Трофимович Максимов уола Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна Иннокентий Максимов бэйэтин ахтыытыгар кини төрөппүттэрэ уонна Поповтар ыал бэрт истиҥ, чугас сыһыаннаахтарын аҕынна. «Аҕам Христофор Максимов Ньурбанан, Үөһээ Бүлүүнэн, Дьокуускайынан хас тыйаатыр аһыллыбыт сиригэр үлэлээбитэ, Майаҕа колхознай тыйаатырга эмиэ үлэлээбитэ. Аҕам артыыс буолан, мин элбэх артыыстары көрөн улааппыт дьоллоохпун. Алексей Леонтьевиһы Үөһээ Бүлүүгэ олорор эрдэҕиттэн билэбин. Байааҥҥа оонньууллара, ыллыыллара, аҕам Алексей Попов ырыатын тута нотаҕа суруйара. Дьоммут доҕордуу этилэр, ийэм Алексей Леонтьевич кэргэнин кытта тыйаатырга көстүүм сыаҕар бииргэ үлэлииллэрэ, дьүөгэлии этилэр», — диэн итиэннэ, кини Майаҕа төрөөбүт буолан, биһиги дойдубутун бэрт истиҥник саныырын кэпсээтэ.
Ахтыы киэһэтин Алексей Леонтьевич бииргэ алтыспыт айар-тутар дьонун салайар кэлэктииптэрэ, биирдиилээн толорооччулар кини ырыаларын толорон киэргэттилэр. Истиҥ түһүлгэ сөбүлүүр ырыаһыппыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Осипова толоруутугар бары таптыыр «Майабыт сайынынан» саҕаланна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Нина Николаевна Васильева Алексей Леонтьевиһы олоҕун тухары бэйэтин учууталынан, настаабынньыгынан ытыктаан ааттыыр этэ. Бу күн Нина Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хуор (салайааччы Саргылаана Павлова) толоруутугар сахалыы матыыптары иһиттибит, аар-саарга аатырбыт «Кыталык» ансаамбыл үҥкүүлэринэн, М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын норуодунай үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра (салайааччы Василий Захаров), «Добун дорҕоон» уус-уран ааҕыы бөлөҕө (салайааччы Галина Эверстова) ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
А.Л.Попов 1957 с. Москва куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын көрүүтүгэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон Сорук Боллур ырыатын толорон хомоҕой тылынан, кэрэ чуор куолаһынан көрөөччүлэри сөхтөрбүтэ. Саха тыйаатырыгар бу олоҥхону туруорууга Алексей Леонтьевич артыыһынан үлэҕэ ылыллыбыта, Үрүҥ Уолан, Сорук Боллур уобарастарын умсугутуулаахтык оонньообута. Бу ахтыы киэһэҕэ Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан Үрүҥ Уолан бухатыыр ырыатын талааннаах ыччаппыт, олоҥхону толорооччу, үгүс күөн күрэс муҥутуур кыайыылааҕа, Дархан этээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Виталий Никифоров ыллаан иһитиннэрдэ.
Биир дойдулаахпыт сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыт Ф.К.Попов сырдык кэриэһигэр анаабыт Илья Винокуров-Чаҕылҕан тылыгар «Герой туһунан ырыатын» Тараҕай нэһилиэгиттэн кэлбит квартет (салайааччы Елена Александрова) таһаарыытыгар саалаҕа олорор дьон күргүөмүнэн ыллаатылар. «Эйиэхэ тэҥнээх дойду суох, мин төрөөбүт дойдум» диэн ахтыы киэһэ аатыгар киирбит тыллардаах олус сырдык тыыннаах, киһи эрэ өрө көтөҕүллэн ыллыыр ырыатын – Илья Винокуров-Чаҕылҕан тылларыгар «Төрөөбүт кыраай туһунан ырыаны» бэтэрээннэр «Сыккыс» ансаамбыллара (салайааччы Сардаана Осипова) толордо. Култуура уонна успуорт эстэтиэтэтин, өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэр хас да төгүллээх лауреаттара, кыайыылаахтара Бүтэйдээх нэһилиэгинттэн «Дьүөгэлиилэр» чабырҕахсыттар, Майаттан «Дьиэрэй» хомусчуттар бөлөхтөрө дьон болҕомтотун тартылар. Иннокентий Сосин тылыгар, Алексей Попов мелодиятыгар «Хара харах» диэн ырыаны көрөөччүлэр биир дойдулаахпыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэхтэрин хас да төгүллээх лауреата Михаил Санников толоруутугар иһиттилэр. Алексей Леонтьевич матыыбыгар «ЧОН командира» ырыаны Данил Алексеев байааҥҥа доҕуһуолунан «Кыталык» ансаамбыл үҥкүүтүн астына көрдүлэр. Алексей Леонтьевич сиэн кыыһа, М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын үөрэнээччитэ, көрүүлэр, куонкурустар кыайыылаахтара Марфа Попова (салайааччы Светлана Маркова) фортепианоҕа И.С.Бах айымньытын толоруутун мустубут дьон сэргээн иһиттилэр.
А.Л.Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтин режиссер Галина Эверстова туруорда, хомоҕой тылынан ыпсаран «Саха» тэлэбиидэнньэтин ыытааччыта Георгий Белоусов бэрт истиҥ быһыыга-майгыга ыытта. Улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Исакова ахтыы кэнсиэр кыттыылаахтарыгар махтал суруктары туттарда.
Түмүккэ А.Л.Попов төрөппүт уола Борис Алексеевич Попов биир дойдулаахтарыгар, сааланы толору мустубут дьоҥҥо, аҕатын туһунан иһирэх тылынан ахтыбыт кини биир идэлээхтэригэр, ыҥырыылаах ыалдьыттарга бэйэтин уонна дьиэ кэргэнин, оҕолорун, бары аймах-билэ дьонун аатыттан дириҥ махтал тылларын тиэртэ, аҕата саҕалаабыт дьыалата – Мэҥэ Хаҥалас култуурата өрүү сайда, чэчирии турарыгар баҕарарын эттэ.
“Олоҕун барытын Мэҥэ Хаҥалас эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ култуурата, уус-уран самодеятельноһа сайдарыгар анаабыт, билиитин-уопутун эдэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдибит норуот уус-уран айымньытын, төрүт култууратын төрдүттэн билэр ытыктыыр киһибит Алексей Леонтьевич Попов албан аата махталынан ааттаныаҕа, үйэлэргэ эҥсиллэн иһиллиэ, дуораһыйа туойуллуо”, — диэн тылларынан ахтыы киэһэтэ түмүктэннэ.
Февронья ОХЛОПКОВА.