Александр Жирков: Итэҕэлгит иһин махтанабын

Атырдьах ыйын 2 уонна 11 күннэригэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар тахсан Доллу, Төҥүлү уонна Дьабыыл нэһилиэктэригэр сайыҥҥы үлэни — хамнаһы билистэ, нэһилиэк үлэһиттэрин, актыыбын кытары көрүстэ.  Доллу нэһилиэгэр Александр Николаевиһы кытта биир дойдулаахпыт, аатырбыт ыанньыксыт, «Полярная звезда» уордьан кавалера Павел Петрович Шарин бииргэ сылдьыста.

Доллу нэһилиэгэр  Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ  «Тумул» ТХПК «Хомус», «Дьаам» уонна «Эбэ түгэҕэ» сайылыктарыгар сырытта. Нэһилиэк баһылыга Николай Сивцев уонна «Тумул» кооператив салайааччыта Таисия Десяткина сайыҥҥы үлэни сиһилии кэпсээтилэр, оттооһуҥҥа, сүөһү көрүүтүгэр, ону таһынан нэһилиэк олоҕор бэйэлэрин санааларын, инники соруктарын билиһиннэрдилэр.   

Салгыы атырдьах ыйын 11 күнүгэр  Александр Жирков  Дьабыыл уонна Төҥүлү нэһилиэктэрин олохтоохторун, салалтатын, актыыбын кытта көрсүтэлээтэ. Иһирэх быһыыга-майгыга барбыт аһаҕас кэпсэтиигэ Александр Николаевич өрөспүүбүлүкэ салалтатын, Ил Түмэн үлэтин туһунан кэпсээтэ, олохтоохтор ыйытыыларыгар, мунаарар боппуруостарыгар сүбэ-ама биэрдэ, дойдуга буола турар быһыыны-майгыны, дойду экономикатын, инники соруктар тустарынан бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

Доллу сайылыктарыгар уонна Нуораҕана, Төҥүлү бөһүөлэктэригэр буолбут көрсүһүүлэр түмүктэригэр Александр Жирков бу үс нэһилиэк олохтоохторугар бэйэтин дириҥ махталын тириэртэ.

Биллэрин курдук, 2013 уонна 2018 сылларга Төҥүлү, Доллу, Дьабыыл нэһилиэктэрэ 29-с нүөмэрдээх Бороҕоннооҕу быыбардыыр уокурукка киирэллэрэ. Онтон бу күһүн  балаҕан ыйыгар буолуохтаах Ил Түмэн быыбарыгар бу үс нэһилиэк 25-с нүөмэрдээх Мэҥэ-Хаҥаластааҕы быыбардыыр уокурук састаабыгар киллэрилиннэ. Онон, Александр Николаевич  үс нэһилиэктэн талыллыбыт депутат быһыытынан түмүк көрсүһүүтэ буолла.

«Үлэлээбит кэммэр нэһилиэк, олохтоохтор эһиги итэҕэлгитин толорорго кыһалла сатаатым, — диэтэ Александр Николаевич – талыллыбыт нэһилиэктэрим уонна Мэҥэ-Хаҥалас кэскиллээх боппуруостарын быһаарыы, экономика, үп-харчы тыырсыыта, дьиэ-уот, суол-иис тутуута, дьон олорор эйгэтин тупсарыы, үөрэх, култуура, онтон да атын кэскиллээх дьаһаллартан, үлэттэн туора турбатым. Тыа сирин, олохтоох дьон олоҕун эйгэтин харыстаһа, тупсара, төрөөбүт норуотум инникитин, кэскилин туруулаһа сатаатым. Тылбын кэспэтим, санаабын уларыппатым.”

Көрсүһүүгэ кыттыбыт Доллу, Дьабыыл, Төҥүлү дьоно-сэргэтэ Александр Николаевичка хардары бэйэлэрин махталларын эттилэр. Ол курдук Төҥүлү 2002-2007 сс., 2012-2017 сыллардаах баһылыга Анатолий Плотников нэһилиэккэ гаас оттугун киллэрии тохтуур куттала киирбитигэр Александр Николаевич өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Геннадий Вадюхины, гаас турбатын тардар уонна ыалга киллэриини хааччыйар тэрилтэлэр салайааччыларын Төҥүлүгэ үс төгүл таһааран үлэни хамсаппытын, Төҥүлүгэ детсад, онтон да атын эмиэ бытаарбыт объектар тутууларын түргэтэппитигэр махтал тылларын эттэ. Мэлдьи болҕомтотун, көмөтүн иһин Александр Николаевичка махталларын  нэһилиэк ытык дьоно Надежда Николаевна Оконешникова, Николай Дмитриевич Слепцов, “Хоту” кооператив салайааччыта Иван Ильич Максимов, уо.д.а. эттилэр.

Доллулар Александр Николаевичка саҥа культурнай комплекс, кииннэммит ититии,  «Тумул» кооперативка хаһаайыстыбаннай тутуулар таһынан аатырбыт биир дойдулаахтарын, Социалистическай Үлэ Геройа

Т. Г. Десяткин аатын өрөспүүбүлүкэҕэ үйэтитиигэ быһаччы өйөбүлүн иһин махтаннылар. «Тыа сирин кыһалҕатын курдат билэр буолан Александр Николаевич биһиэхэ кыратыттан улаханыгар диэри бары кыһалҕабытыгар сүбэ-ама, көмө буолар,” — диэн «Тумул» кооператив үлэһиттэрэ эттилэр. Нуораҕаналар «эн көмөлөһөн туттарбыт саалаҕар көрсүһэ олоробут»,- диэн махтаннылар, бэйэлэрин депутаттарыгар чөл туругу, аны да ситиһиилээх үлэни баҕардылар. Олохтоохтор ааттарыттан үлэ ветерана, нэһилиэк ытык олохтооҕо Иннокентий Афанасьевич Киренскэй Александр Николаевич үлэтин кэтээн  көрө, билсэ олоробут, биһириибит диэн эттэ.

«Уон сыл устатыгар  итэҕэлгит иһин эһиэхэ барыгытыгар махтанабын. Махтал тылларын дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр барыларыгар тириэрдиҥ. Эһиги итэҕэлгитин үрдүктүк тутабын. Аны да кыаҕым тиийэринэн эһигини кытта бииргэ буолуоҕум, тэйиэм суоҕа», — диэтэ Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ. Александр Николаевич Жирков түмүк этиитин дьон-сэргэ чугастык, махтана ылынна .

С. Васильев