Александр Кулешов: «Саха дьоно киһилии хаачыстыбаны көрдөрөннөр ытыктабылы ылаллар»

Александр Кулешов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу:

‒ Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан сахалар кытта, сулууспалыы сылдьаллар. Саха дьоно, эдэрдэр, саастаахтар да, сэбилэниилээх утарыта турсуу сиригэр тиийэннэр, бэйэлэрин киһилии хаачыстыбаларын көрдөрөннөр ытыктабылы ылалларын истэ-билэ сылдьабыт. Уопсайынан, саха дьонугар, олорор олохпутугар, майгыбытыгар-сигилибитигэр, хааммытыгар олох тыйыс усулуобуйатын, тымныыны, куйааһы да тулуйуу баар буоллаҕа. Билбэт сирдэригэр-уоттарыгар хайдах сылдьаллара, аччыктаатахтарына, хайдах айылҕаттан булан-талан бултаан-алтаан аһыыллара, кутааны ардах анныгар да сатаан оттоллоро ‒ ити барыта куорат олоҕор улааппыт ыччаттартан кинилэри уратылыыр, чорботор. Чахчыта да, нуучча уолаттара биһиги уолаттарбыт аттыгар буола сатыыллара баар суол. Табаарыстарын харыстаһаллара, бааһырбыт байыаһы бырахпакка, хаалларбакка, өстөөх уотун анныттан таһаара сатыыллара ытыктабылы үөскэтэр. Бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит салалтата, олохтоохторо, Ил Дархаммыт тус бэйэтэ кыһаллан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччыларга, кинилэр чугас дьонноругар улахан көмөнү оҥороллоро да биһигини хайдахпытын көрдөрөр. Сотору-сотору ас-үөл, мал-сал Саха сириттэн бара турар. Квадроцикллары эмиэ оҥорон ыытар буоллубут. Коптердары, дроннары утары саалары атыылаһан хомуйан ыытабыт. Хас биирдии улууска волонтердар ыстааптара тэриллэннэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, нэһилиэктэр олохтоохторо, араас эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон бары уолаттарбыт этэҥҥэ сулууспалаан кыайан-хотон кэллэллэригэр кыһаллаллар. Ити эҥэр Саха сирэ эрэ тирэх пууннааҕа биллэр. Онно кэлбит малы-салы, сэби-сэбиргэли кииннээн тиийиэхтээх сирдэригэр тиксэрэ тураллар.

Саха сирэ сэрии таарыйбыт куораттарыгар элбэх көмөнү оҥоро олороллор. Алдьаммыт-кээһэммит элбэх дьиэҕэ өрөмүөн ыытыллар, эмчиттэрбит, психологтарбыт тиийэннэр үлэлииллэр. Ити барыта саха дьоно түмсүүлээхпитин, аһыныгаспытын, иэдээҥҥэ түбэспиккэ көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм майгылаахпытын, айылгылаахпытын көрдөрөр. Култуура үлэһиттэрэ туора турбаттар. Биллэр ырыаһыттарбыт, артыыстарбыт тиийэннэр сэбилэниилээх утарыта турсууга сылдьар биир дойдулаахтарбыт санааларын көтөҕөн кэнсиэртэрин биэрэллэр.

Биһиги, сахалар, омук быһыытынан, судургу, көнө майгылаах дьоммут. Үлэҕэ, сэриигэ да түргэнник үөрэнэр, ыарахаттары тулуйар омукпут. Аармыйаҕа, болдьохтоох сулууспаҕа сылдьан бэйэлэрин сирдэрбэттэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан конфликт буола турар сиригэр сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар элбэх көмө оҥоһуллар уонна оҥоһулла да туруоҕа. Элбэх аахсыйа ыытылынна. Олохтоохтор туора турбакка кыттыһаллар. Улууспут салалтата, баһылыкпыт Дмитрий Тихонов тус бэйэтэ, нэһилиэктэрбит салалталара, баһылыктара малы, антах наадалааҕы, төрөппүттэрэ, дьонноро ыыппыттарын хомуйан тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэллэр, онтон уолаттар үөрэллэр, махтаналлар. Аска-үөлгэ, собоҕо тиийэ бэлэмнээтибит. Кыра да буоллар, сиэн-аһаан улааппыт астара тиийдэҕинэ санаалара көтөҕүллэр, бөҕөргүүр, күүс-уох ылар буоллахтара.

Чуолаан, Елена Лебедкина туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох. Кини Хабаровскайга госпитальга киирбит саха уолаттарыгар, атын да омук ыччаттара буоллун, ис сүрэҕиттэн дьиэтигэр ас астаан илдьэн аһатарын, сүргэлэрин көтөҕөрүн истэбит, билэбит. Бэйэтин үтүө баҕатынан, аһыныгас сүрэҕинэн. Мээнэ киһи итинник балаһыанньаҕа баҕа өртүнэн кыттыспат. Дойдуларын сырдык аанньала курдук буолар.

Түгэнинэн туһанан, Арассыыйа Дьоруойа буолбут боотурдарбытын ‒ Алексей Неустроевы уонна Филипп Евсеевы, кинилэр улуустарын дьонун-сэргэтин үрдүкү наҕарааданан Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрин ааттарыттан эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ. Кинилэр саха киһитэ киһи быһыытынан хайдах хаачыстыбалааҕын мүччүргэннээх түгэҥҥэ көрдөрбүт дьонунан буолаллар. Байыаннай эпэрээссийэ саха норуотун устуоруйатыгар омукпут кэккэтиттэн үс Дьоруойу таһаарда диэн бэлиэтиибит. Олохпут оннун-олоҕун булан, экэниэмикэбит салгыы сайдан, култуурабыт барҕаран, иннибит диэки баран иһиэҕиҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.