Мэҥэ Хаҥалас Хорообутугар бу күһүн балаҕан ыйыгар саҥа үүт собуота үлэҕэ киирбитэ.
Эбийиэк тутуута 4 сыл устата ыытыллан, «Алаас-ас» кэпэрэтиип Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматыгар киирсэн үлэтин саҕалаабыта.
200 кв миэтэрэ иэннээх саҥа үүт собуотугар күн бүгүн үлэ тигинэччи барар. 8 мөлүйүөн суумалаах граны ылан тутууну саҕалаабыттара. Онтон 10 мөлүйүөннээх тэрилинэн хааччыллыбыттара. 10 кубометр уйуктаах тиэллэн кэлэр гаас оттугунан сылы туоруур былааннаахтар. Эксперимент быһыытынан ититиллэр эбийиэги тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэтээн көрүөхтээх.
Собуот толору кыаҕынан үлэлээтэҕинэ, күҥҥэ икки аҥаар туонна үүтү астаан таһаарыахтаах. Кыһын үүт кэмчи буоларынан, икки күҥҥэ биир туонна үүтү соҕотуопкалаан, арыыны уонна чөчөгөйү оҥороллор.
Зоя Герасимова.