Нэһилиэккэ бааһынай хамсааһынын төрүттээбиттэртэн биирдэстэрэ

 

Петр Семенович Гаврильев оччолорго «Хара» бааһынай хаһаайыстыбатыгар үлэлээн МТЗ-82 тыраахтары ылбыта. Хатыҥнаахха 2 га сири ылан база туттубута.

Кирэдьиит ылан, үлэлэһэр дьону аймахтарын Дмитриевтэри кэпсэтэн, дэлээнэ ылбыта. Онно мас кэрдэн, бары тыраахтардары туһанан, маһын түрүлүөпкэлээн, тиэйэн киллэрбиттэрэ. Тутуу биригээдэтигэр кирэдьиит харчытыгар хотон туттарбыта. Ол эрээри үлэлиир кэмнэригэр кыттыгастара тохтообуттар эбит. Онон кирэдьиитин бэйэтэ төлөөн иэһиттэн босхоломмут.

Инньэ гынан базаларыгар табаарыһынаан Николай Павловтыын бур-бур буруо таһааран үлэлээн барбыттар.

Кэлин сааһыран, бааһынайдаан бүтэригэр базатын күтүөтүгэр Егор Дмитриевич Дмитриевкэ биэрбит. Биир харчыта суох. Егор Дмитриевич базаҕа сүөһү-ас тутан эмиэ үлэлээн барбыт. Салгыы хаһаайыстыбатын уолугар Алик Дмитриевкэ хаалларбыт. Онон таайын П.С.Гаврильев базата эргийэн-эргийэн, эдэр киһиэхэ, сиэн быраатыгар тиксибит. Эдэр пиэрмэр олохтоохтук оҥостон, эти-үүтү оҥорор нэһилиэккэ биир бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыба буолар.

Нэһилиэк таһыгар агрокластерга эмиэ хотон туттан үчүгэйдик үлэлиир, бааһынай хаһаайыстыбалаах аймаҕар Николай Гаврильевка оттуур ходуһатын туран биэрэн өйүү сылдьар.

Онон Бүөтүрүҥ дьонугар эргиччи туһалыы сылдьар. Оттон икки бырааттара кини бачыымынан эти-аһы дэлэтэр нэһилиэк биир сүрүн бааһынайдара буолаллар.

Билигин Гаврильев аймах ытык киһитэ, ырааҕы өтө көрөр, кэскиллээҕи толкуйдуур Петр Семенович доруобуйата кыралаан атахтыыр да буоллар, уолун Дьуона сылгытын көрөр-истэр.

 

Федот Харитонов.