Ааҕааччы ахтар-саныыр: Туруу үлэһиттэр этилэр

Аҕам Иринарх Михайлович Захаров 1902 с. ахсынньы 11 күнүгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон төрөөбүт. Айанньыт аҕабыт таҥара халандаарыгар сөп түбэһиннэрэн «Иринарх» диэн ааты биэрбит. Кыстыга II Наахара нэһилиэгэр Бүөр халдьаайыта Чомооро Өтөҕө, сайылыга Синньигэс диэн этилэр.

Кини ыраахтааҕы былааһын саҕана төрөөн үөрэх диэни билбэтэх. 1930 с. «Бэлбэрэ» холкуоска чилиэнинэн киирбит. Ити кэмҥэ холкуос бэрэссэдээтэлинэн Иннокентий Дмитриевич Платонов үлэлээбит. Холкуос киинэ Чараҥҥа турбут. Үөлээннээҕэ Илья Иванович Керемясов кэпсээбитинэн, аҕам Иринарх Михайлович бэрт олохтоох тыллаах, сытыары сымнаҕас, холку майгылаах эбит. Холкуос ыарахан үлэтин эҥкилэ суох толорбут. От үлэтигэр охсооччунан, кыдамаһытынан таһаарыылаахтык үлэлээбит. Ат косилкатынан оҕустарары үчүгэйдик баһылаабыт, сухаһытынан сураҕырбыт. Былыргы дьон барахсаттар сүрэхтэрэ-бэлэстэрэ, кыайыгастара, үлэҕэ дьоҕурдара, сатабыллара, олорон турбакка үлэлииллэрэ, кинилэргэ ама ким тэҥнэһиэй?

1931 с. Куталаахха кыстык пиэрмэ үлэҕэ киирэн аҕам кыһынын үс оҕуһунан от тиэйэн, пиэрмэ сүөһүтүгэр ойбон тэһэн солбуллубат үлэһит буолбут. «Ыстахаанабыс», «удаарынньык» диэн ааттар арахсыспат аргыс буолбуттар. Холкуос кэҥээн «Күөдүй» диэн саҥа ааттаммыт. Кэлин сэрии саҕана «Коммуна» диэн уларытыллан ааттаммыт.

Аҕам 1942 с. Арҕааҥы фроҥҥа танковай сэриилэргэ сулууспалаабыт. Сэриилэһэ сылдьан атаҕар улаханнык бааһыран, госпитальга уһуннук эмтэнэн, салгыы тыылга сулууспалаан баран 1945 с. этэҥҥэ эргиллэн кэлбит. Хорсуннук сэриилэспитин туоһулуур икки бойобуой мэтээллээх. Сэрииттэн кэлээт холкуос үлэтигэр, этэргэ дылы, төбөтүн оройунан түспүт. Биир дойдулаахтара кэпсииллэринэн, ханнык да ыарахан үлэттэн толлон турбатах, салалта ханна ыытарынан, биир тылы утары эппэккэ баран иһэр истигэн идэлээх эбит. Үлэҕэ кыайыгаһа, сатабыла, дьоҕура бэрт, ону тэҥэ майгыта үчүгэй буолан дьон сөбүлүүллэр.

1949 с. ийэбиниин Варвара Егоровна Прокопьевалыын холбоһон ыал буолбуттар. Ити сылларга аҕам Алдаҥҥа холкуос сыыппаратыгар таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Арыгыны олох испэтэх, табаҕы тардыбатах буолан ыарахан үлэни кыайар буолуохтаах. Холобур, Алдаҥҥа барыыга биирдии киһиэхэ түөрт-биэс аты туттараллара үһү. Аттарын бэйэтэ көрөн-истэн, аһатан, сөпкө сойутан, уулатан, ыарахан, сыаналаах таһаҕаһы бачча ыраах энчирэппэккэ тиэрдэн кэлии эппиэтинэстээх уонна сыаралаах үлэттэн тахсара өйдөнөр. Аҕабын чугастык билэр Еремей Прокопьевич Платонов, Евдокия Михайловна Платонова уонна Гаврил Гаврильевич Матвеев миэхэ ити курдук кэпсээбиттэрэ.

Аҕам Иринарх Михайлович 1965 с. муус устарга өлбүтэ. Онон кини сэрии бэтэрээнин быһыытынан хайҕанар, чиэстэнэр диэни билбэтэҕэ. Кинни олоҕун уола мин, биэс сиэннэрэ, биэс хос сиэннэрэ салгыыбыт.

 

***

Ийэм Варвара Егоровна Захарова (Прокопьева) 1910 с. II Наахара нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүт. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ төрөөн үөрэммэтэх. Эдэр сааһыттан үлэҕэ сыстан сүөһү иитиитигэр ‒ ыанньыксытынан үлэлиир. Холкуос биир тутаах үлэһитэ буолар.

Ийэбин сэрии саҕаламмыт сайыныгар кэргэнин Баһылай Уйбаныабы, 15 саастаах уолун Дьуонаны кытары хоту Быков Мыска балык үлэтигэр ыыталлар. Ийэм кыайыылаах үлэтин иһин И.В.Сталин мэтээлинэн наҕараадаланар. Сэрии бүтэрин кытта 1945 с. дойдуларыгар төннөн кэлэллэр. Ити сыл эдьиийим Аанчык төрүүр. Сотору кэргэнэ Баһылай ыалдьан өлөр. 1949 с. ийэм аҕабар Иринарх Михайловичка кэргэн тахсар. 1951 с. мин төрөөбүппүн.

Хотуттан кэлээт ийэм «Коммуна» холкуоска ыанньыксытынан үлэлиир. Мин билэрбинэн, кыстык ферма Куталаахха, сайылык Синньигэскэ этилэр, олус кэрэ айылҕалаах сирдэр. Ийэбин кытары уһуннук ыанньыксытынан Варвара Гаврильевна Никанорова (Баартыйалаах Балбаара), Гаврил Гаврильевич Матвеев (Гаанньа), Акулина Ивановна Григорьева (Өкүлүүн), Ольга Петровна Григорьева (Уокка), Иннокентий Иванович Никаноров (Лэгэнтэй) үлэлээбиттэрэ. Ыанньыксыт ‒ ыарахан илии үлэтэ, өрөбүлэ, уоппуската суох кыһынын кыраһыын лаампатынан сырдатынан 15‒17 ынаҕы күҥҥэ үстэ илиинэн ыаһын, ньирэйдэри көрүү-аһатыы, сүөһү ноһуомун ыраастааһын, түннүгүнэн таһырдьа быраҕыы, көөнньөрбөнү оҥоруу уо.д.а. иппэй-туппай үлэ элбэҕэ. Сайынын былаан түһэрэн ыанньыксыттары оттотор этилэр. Пиэрмэ үлэһиттэрэ олус иллээхтик-эйэлээхтик биир дьиэҕэ үс-түөрт ыал дькуаахтаһан олорбуппут. Ийэм ааҕы ааҕарга-суруйарга үөрэтэ сатаабыттара да, нэһиилэ илии баттыыр эрэ буолбуттара. Билигин өйдүүрбүнэн, биэстээхпэр-алталаахпар Куталаахха олорон кыһын улаханнык ыалдьыбыппын. Ийэбин солбуйар суох буоллаҕа. Арай таһырдьаттан арыыһыт Мотуруона Никанорова киирэн көрөн, сатыы Хочоҕо биэлсэргэ сүүрбүт. Биэлсэр атынан миигин балыыһаҕа илдьибит. Майаҕа киирэн өр эмтэнэн үтүөрбүтүм, өлө сыспыппын. Бэс ыйын саҥата сайылыкка көһүү биир умнуллубат кэрэ түгэн буолара. Синньигэс сайылык ньаассын отунан тэлгэммит, араас дьэрэкээн сибэккилэринэн киэргэммит буолара. Күөрэгэй чыычаах күөх халлаантан түспэккэ ыллаан дьырылатара, ынах маҕырыыра, ньирэй мэҥириирэ, оҕус мөҥүрүүрэ, үөр сылгы таныытын тыаһатара, оҕо-аймах айдаана мин ойор-тэбэр оҕо сааһым алыптаах муусуката буолан сүрэхпэр сөҥмүт.

Ийэбэр Варвара Егоровнаҕа «Коммунистическай үлэ удаарынньыга», «Оройуон бастыҥ ыанньыксыта» ааттар ол кэмҥэ кини үлэтигэр үрдүк ситиһиилэрин кэрэһиттэрэ буолаллар. Биир туспа сыанабылынан Майаҕа бастыҥ үлэһиттэри сынньатар пансионакка сынньаммыта. Ийэбин батыһан Куоаһаҕаска лааппыга сайынын биирдэ-иккитэ барсарым. Халдьаайыга хайаан да Евдокия Михайловна Ларионовалаахха (Ааҕардарга) сырытыннарарым, Бүөккэлээх Ганяны кытта оонньуу-хоно хааларым. Мин оннубар ийэбин кытта доҕор уонна көмө буолаары кыра Шура барсара. Хас да хонон баран мин Бүөккэлиин сайылыкка төннөрүм. Ийэм кыра Шураны дьонугар илдьэн биэрэрэ. Аны Бүөккэ хас да хоно-оонньуу биһиэхэ сайылыкка хаалара.

Ийэм Варвара Егоровна эдэр сааһыгар холкуос ыарахан үлэтигэр буһан-хатан, доруобуйатын айгыратан, ыарахан ыарыыга ылларан, 1963 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр Орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Кини олоҕун кыыһа, уола, 16 сиэннэрэ, 18 хос сиэннэрэ салгыыллар.

 

Виктор Захаров, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина.