“Аҕа саастаахтан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл” норуот муудараһынан сиэттэрэн

Хаптаҕай нэһилиэгэ ‒ өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска гражданскай сэрии Дьоруойа Кеша Алексеевынан, икки үлэ Дьоруойдара Гаврил Семенович Самсоновынан, Екатерина Иннокентьевна Новгородованан, дириҥ устуоруйатынан киэҥник биллэр нэһилиэк. Нэһилиэк турар сирэ аныгылыы эттэххэ, логистика өттүнэн, айылҕата кэрэтинэн, сирэ ньүөлүнэн ураты баай. Дьоно сэргэтэ үлэни өрө туппут, үлэнэн олохторун тупсарыммыт, сытыы-хотуу, талааннаах, туруору үлэһит дьон.

Нэһилиэккэ аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт дэкээдэ буолан ааста. Дэкээдэни Хаптаҕайдааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Кривошапкина ‒  нэһилиэк дьокутаата, иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта. Кини: “Урут үлэлии сылдьыбыт буолан, билэр үлэм. Онон үлэлээ диэбиттэригэр, төһө да доруобуйам туругунан ыарырҕаттарбын, дьонум, нэһилиэгим туһа диэн сөбүлэстим. Нэһилиэккэ 257 биэнсийэлээх, олор истэригэр үлэ бэтэрээнэ – 106, тыыл бэтэрээнэ – 8, 90 сааһын ааспыт 6 киһи баар. Кэлиҥҥи икки сылга пандемиянан сибээстээн уопсастыбаннай үлэ бу көрүҥэ мөлтүү быһыытыйбытын, сөргүтэр, аҕам саастаах дьоммут олохторун сэргэхситэр, кыах баарынан чэпчэтэр санаалаахпыт. Онно сүрүн күүһүнэн, бу да дэкээдэни тэрийиигэ кыттыбыттарыттан көрдөххө, үлэлии сылдьар эдэр саастаах култуура киинин, бибилитиэкэ, дьаһалта, оскуола, оҕо саада, балыыһа үлэһиттэрэ, биирдиилээн нэһилиэк актыбыыстара буоллулар.

Бастатан туран, Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаан, Кыайыыбыт болуоссатын сэргэхситтибит. Болуоссаппыт отун-маһын ыраастаан, мас олордуллуохтаах дьаамаларын эрдэттэн хастаран, мастары, хара буору тиэйтэртээн тэриннибит. Субуотунньук күнүгэр 80-тахса маһы, кумаҕы, хара буору, уу хачайдыыр мотуору эдэр ыччаттарбыт буор-босхо трактордарынан тиэйэн аҕалан олордуһан биэрдилэр. Олордууга, болуоссат тутууларын сэргэхситэн кырааскалааһыҥҥа оскуола оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо, үлэһит дьоно актыыбынайдык кыттыстылар. Өрө күүрүүлээх үлэ оргуйа түстэ. Күнэ да анаабыт курдук, чаҕылыйан үтүөкэн күн турда. Бүтэһигэр, субуотунньук кыттыылаахтарын барыларын итии чээйинэн, минньигэс баҕайы, субу буһарыллыбыт пловунан тэрийээччилэр күндүлээтилэр. Көхтөөх үлэ түмүгэр болуоссаппыт биллэ сэргэхсийдэ.

Салгыы нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар Петр Васильевич Ларионовка, Татьяна Ивановна Федороваҕа, Егор Николаевич Афанасьевка, Павел Николаевич Афанасьевка, Марина Макаровна Назароваҕа, Николай Николаевич Романовка, олорор сирдэринэн массыынанан кэрийэ сылдьан, отон, сип сибиэьэй бэйэ олордуу куулламмыт хаппыыстатын бэтэрээн сэбиэтэ, култуура киинин үлэһиттэрэ бэлэх ууннулар. Онно ытык дьоммутугар дьиэлэригэр киирэн, истиҥник сэһэргэһэн, бэлэҕи туттаран, нэһилиэк мелодиһа, байаньыыс ырыаһыт Константин Ефимов сылдьыһан, дьоммутугар ырыа бэлэхтээн, сүрдээх сэргэх сырыы буолла. Ытык дьоммут барахсаттар, уруккута үлэ үөһүгэр сылдьыбыт, нэһилиэктэрин сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын дьоһуннаахтык киллэрбит дьоммут, олуһун үөрдүлэр, уйадыйан да ыллылар.

“Уруккуну умнумуох, саҥаны сэһэргэһиэх” сонун тэрээһин Арчы дьиэтигэр буолла. Тэрээһин “Уруккуну умнумуох” чааһын чэрчитинэн, “Хаптаҕай нэһилиэгэ” кинигэ 1, 2 туомнарын тула кэпсэтии буолла. 1 туомҥа киирбит архыып докумуоннарын, Хаптаҕай туһунан үһүйээннэри, Хаптаҕайга таҥара дьиэтэ, чочуобуналар, Хаптаҕайдааҕы тимири уһаарар собуот тустарынан, 2-с туомҥа киирбит Алаас (Розалия Захарова), Тыараһа (Антонина Суходольская), Дьору (Майя Самсонова), Харыйалаах, Огдороон (Евдокия Федорова), Тииттээх (Мария Слободчикова), Бэс Күөлэ (Анна Аммосова), Буонай (Октябрина Трофимова) түөлбэлэрин, түөлбэлэргэ киирэр сирдэр ааттарын, түөлбэлэргэ олорбут дьон испииһэктэрин, ол дьон төрүччүлэрин кэлэр күлүөнэлэргэ анаан, олохтоох ааптардар кыһаллан-мүһэллэн оҥорбуттарын кинигэ эрэдээктэоэ сырдатта. Салгыы тэрээһин “Билиҥҥи олох туһунан” сэһэргэһиитин ыытта олохтоох Екатерина Копырина. Кини билиҥҥи кэм чэрчитинэн уустук боппуруостарга, чуолаан сир боппуруоһугар, болҕомтону уурарга ыҥырда.

Дэкээдэ түмүк күнүгэр И.И.Егоров аатынан успуорт комплекс дьиэтигэр улахан тэрээһин  буолан ааста. Тэрээһин саҕаланыытыгар “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” оҕуруот астарын сэдэх, улахан, сөҕүмэр астарын быыстапката буолла. Манна саамай улахан тыква (Александра Кларова), кабачок (Валентина Соломонова), күһүҥҥү хартыына (Виктория Захарова) көрөөччүлэр кэрэхсэбиллэрин ыллылар.  Сатабыллаах, минньигэс астаах хаһаайкалар (Яна Николаева, Людмила Павлова), минньигэс астары астаан аҕалан, дьүүлгэ таһааран, бэйэлэрин сатабылларыттан үллэстэн, ас хайдах астанарын дьоҥҥо кэпсээтилэр, астарын амсаттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Екатерина Гаврильева уонна Валентина Петрова сырыттылар. Тэрээһин иккис чааһыгар уруккуттан олохтоммут үгэс быһыытынан, тэрээһин хас биирдии кыттыылааҕа аҕалбыт бүлүүдэлэринэн сиэдэрэй астаах остуоллары тардан, олор тула олорон, араас көрүҥнэргэ көрдөөх күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыттылар. Байаан доҕуһуоллаах үҥкүүгэ, ырыаҕа дьон олус көхтөөхтүк, көнньүөрэ кыттан, дуоһуйа сынньаннылар.

Түмүгэр Анастасия Кривошапкина нэһилиэк баһылыгар Иван Зыковка, тыраахтарынан көмөлөспүт Иван Давыдовка, Дмитрий Васильевка, Владимир Степановка, Евсей Тордуиҥҥа, тэрээһини ыытарга өйөспүт култуура киинин үлэһиттэригэр Анастасия Яковлеваҕа, Валентина Петроваҕа, Егор Ефремовка, бибилитиэкэ үлэһитигэр Марина Васильеваҕа ис сүрэҕиттэн махтанна, эдэрдиин, саастаахтыын мэлдьи  көхтөөх буоллахха, хайдах да уустук кэми этэҥҥэ аһарарбытыгар эрэллээҕин эттэ.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Зинаида Игнатьева,

Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.