Майаҕа алтынньы 11 күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах 10-с төгүлүн ыытыллыбыт “Сулустаах эстафета” улуустааҕы аҕам саастаах дьон дэкээдэтин чэрчитинэн уус-уран көрүү бэстибээл кыайыылаахтарын гала-кэнсиэрэ буолла. Дэкээдэ устата улууспут 24 нэһилиэгэ кыттан, 168 нүөмэр көрдөрүллүбүт. Дьүүллүүр сүбэҕэ ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Сулустаах эстафета” бырайыак ааптара Мария Скрябина, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин ырыаҕа исписэлииһэ Сардаана Осипова, СӨ култууратын туйгуна, РФ уонна СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова, СӨ култууратын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управление исписэлииһэ Прокопий Федоров, СӨ култууратын туйгуна, “Кыталык” ОЫЭК уһуйааччыта Илья Крылов, СӨ култууратын туйгуна, Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин фольклорга исписэлииһэ Мария Иванова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга мэтэдииһэ, Саха сирин Дархан оһуохайдьыта Станислав Иванов, Н.Н. Васильева аатынан Майатааҕы норуодунай хор салайааччыта Саргылана Павлова үлэлээтилэр. Бу туһунан тэрээһин кыттыылаахтарыгар Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин исписэлииһэ Галина Эверстова билиһиннэрдэ итиэннэ тэрээһин үөрүүлээх чааһын иилээн ыытта.
Манна Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева кыттыыны ылла. Кини: “Бэстибээл биһиги көлүөнэ дьон өктөбүрүөнэктэн саҕалаан хомуньуус баартыйаҕа иитиллэммит сулуһу эппитигэр-хааммытыгар чугас тутан кэлбит дьоҥҥо “Сулустаах эстафета” диэн ааттанан ыытыллара кэрэхсэбиллээх. Бу тэрээһин ыччаты көҕүлүүр, көлүөнэни ситимниир күүстээх” диэн бэлиэтээн эттэ уонна аҕам саастаахтар бэйэлэрин холобурдарынан ыччакка мэлдьи инники күөҥҥэ буолалларыгар, уопсастыбаннай үлэлэргэ, тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыларын иһин махтанан туран улуус баһылыгын Грамотатын бырайыак ааптарыгар Мария Скрябинаҕа туттарда. Мэҥэ Хаҥалас улууһун харысхаллаах буолуу управлениетын салайааччыта Иван Шестаков олохтоох дьаһалталарга, тэрийэр хамыыһыйаҕа, улууспут аатын-суолун үрдүк чыпчаалга таһаарбыт аҕам саастаахтарга махтанна. Кини улууспут нэһилиэнньэтэ хас да сыл туруорсан Ил Дархан, министиэристибэ өйөбүллэрин ылан национальнай бырайыагынан Маттаҕа аҕам саастаах дьоҥҥо интэринээт дьиэ тутуута саҕаланан 2025 с. үлэҕэ киириэхтээҕин иһитиннэрдэ. Билигин 40-тан тахса кырдьаҕастарбыт өрөспүүбүлүкэ атын интэринээттэригэр олороллорун, кинилэр бэйэлэрин улуустарыгар кэлэн олорор ыра санаалара туолан эрэриттэн үөрэрин биллэрдэ итиэннэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын Махтал суругун Александр Андреевка, Роман Романовка, Хара нэһилиэгин “Сайаана” фольклор бөлөҕөр туттарда. Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Исакова “Сулустаах эстафета” аҕам саастаахтар 10 сыллаах үбүлүөйдээх бэстибээллэрэ түмүктэнэр чааһа кэлбитинэн көрөөччүлэри, кыттааччылары эҕэрдэлээтэ. Кинилэр бэйэлэрин холбурдарынан ыччаты иитэ сылдьалларыгар махтанна. Олоххо, кэрэҕэ тардыһыыгыт хаһан да уҕараабатын, ыччаккытыгар үтүө холобур буолан уһуннук, дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын диэтэ уонна салалта Махтал Суруктарын бырайыак ааптара Мария Скрябинаҕа, Валентина Козловаҕа, Маргарита Максимоваҕа, Спиридон Григорьевка, Михаил Назаровка туттарда. Мэҥэ Хаҥаластааҕы социальнай бэлиитикэ салалтатын исписэлииһэ Светлана Маркова салалта аатыттан эҕэрдэлээн көхтөөх дьиэ кэргэттэргэ Антонина, Иван Прибылыхтарга, Ирина, Егор Даниловтарга, Александра, Андрей Поповтарга итиэннэ Маргарита Максимоваҕа Грамоталары туттарда. Улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Михайловна бэстибээл үөрүүлээх чааһыгар кыттыыны ыла кэлбит салайааччылары, бэстибээл кыттыылаахтарын, ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ. Нэдиэлэ устата ыытыллыбыт бэстибээлгэ быйыл 50 саастарыттан үөһээ 469 бэтэрээн кыттыыны ылбыт. Бу улахан көрдөрүү диэн кыттыбыт дьоҥҥо махтанна. Манна дьиэ кэргэнинэн кыттар дьону тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бэйэ бэйэлэриттэн холобур ылан өссө түмсүүлээх, көхтөөх буолалларыгар, ыччаттарыгар мэлдьи холобур буола сылдьалларыгар ыҥыран туран улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин уопсастыбаннай түмсүүтүн Грамотатын Сардана, Дмитрий Стручковтарга, Надежда, Роман Осиповтарга туттарда. Бэлиэ күнүнэн “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников эҕэрдэлээтэ. Кини аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэри сырдатта. Сэлиэнньэҕэ бу күҥҥэ 23 тыыл бэтэрээннэрэ, о.и. 1 сэрии бэтэрээнин огдообото, 127 сэрии сылларын оҕолоро, 1172 үлэ бэтэрээннэрэ олороллор. Бэтэрээннэр субуотунньуктарга, аахсыйаларга куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллар, сүрдээх көхтөөхтөр. Биир саамай кэрэхсэбиллээҕэ, бэтэрээннэр көҕүлээһиннэринэн сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт “Оонньоммотох оҕо саас” ахтыы кинигэ сүрэхтэниитигэр кэнчээри ыччат кыттан көлүөнэлэр ситимнэрэ үөскээбитэ буоларын ыйда. Кинигэҕэ бары киирбэтилэр, манна 88 сэрии сылларын оҕолорун ахтыылара киллэриллэн, иккис кинигэ тахсарыгар үлэлэһиэхпит диэтэ. Кини бэтэрээннэргэ туһаайан ыччаттарын тапталыгар угуттанан уһуннук олороллоругар баҕатын тиэртэ.
Улахан кэнсиэри олохтоохтор Анна Павлова, Степан Копырин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу күн олохтоохторго, ыалдьыттарга Хочо нэһилиэгиттэн трио “Үлэ күүрдэ”, Аллараа Бэстээхтэн “Рябинушка” трио “Русь златоглавая” ырыаларынан, “Ай-тыын” үҥкүү бөлөҕө “Туос тойуга”, “Марусенька” көрдөөх үҥкүүлэринэн, Майаттан Степан Копырин “Ыллаа, ыллаа гитарам”, Хараттан Спиридон Григорьев “Илбис курдук имнэнэн” ырыаларынан, “Дьулуур” үҥкүү бөлөҕө “Саха үҥкүүтэ”, Лоомтукаттан “Тыыллымаана” үҥкүү бөлөҕө “Хатыҥнар кэпсииллэр” үҥкүүлэринэн, Нуораҕанаттан Дьулустан Брызгалов “Өбүгэм алааһа”, “Нуоралдьыма” үҥкүү ансаамбыла “Оһуор” үҥкүүнэн, Балыктаахтан “Мүчүк” фольклор бөлөҕө “Диэхтэрэ, диэхтиибин” чабырҕаҕынан, Иван Прибылых “Аҕам алааһа” ырыанан, Оросолуодаттан Афанасий Владимиров “Төрөөбүт дойдум” хоһоонунан, Төхтүртэн “Арчы” үҥкүү бөлөҕө «Чороонноох үҥкүү”-нэн, Алексей Эверстов “Туймаада уоттара”, хоһоонньуттар бөлөхтөрө “Төннө туруоҕум Төхтүрбэр”, Табаҕаттан эр дьон уус уран ааҕыы кэлэктиибэ “Туругур үлэ дьоно” хоһооннорунан, “Ухажер” көрдөөх үҥкүүнэн, Хорообуттан Петр Сергучев “Хорообутум”, “Сандаара” ырыа ансаамбыла “Айхал үлэ дьонугар” ырыаларынан, Александр Андреев Сергей Зверев тойугунан, Мэлдьэхситтэн Роман Романов “Сүрэҕим тэптэҕиэн” ырыанан, Павловскайтан “Күбэйэ” үҥкүү бөлөҕө “Хомус дорҕооно” үҥкүүнэн, “Туналы” трио “Саха үҥкүүтэ”, Төҥүлүттэн Галина Стручкова “Ырыаларбын ыалдьыттатабын” ырыаларынан, о.д.а. кыттыылаах чаҕылхай кэнсиэри бэлэхтээтилэр.
Күндү дьоммут, кырдьар, ыалдьар диэни билинимэҥ.
Марелла Баишева.