«Санаайа саһарҕалаах санаалара» уонна «Куйуур олоҥхото»

Кулун тутар 30-31 күннэригэр 1 Тыыллыма нэһилиэгэр биир дойдулаахпыт М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, тыл билимин хандьыдаата Галина Попова–Санаайа бырайыагынан, 75 сааһын туолбут үбүлүөйдээх сылынан ыччат олоҥхону толорооччуларга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Куйуур олоҥхото-2024» номнуо онус сылын ыытылынна.

Кулун тутар 30 күнүгэр «Куйуур олоҥхотун» үөрүүлээх аһыллыытыгар алгыс сиэрин-туомун ыччат олоҥхону толорооччу, сүрүн тэрийээччи Виталий Никифоров түһэрдэ. Марианна Аргунова үөрэтэр, олоҥхоҕо уһуйар «Сарыал» олоҥхону толорооччу оҕолор бөлөхтөрө Н.И.Степанов-Ноорой «Күн Эрили» олоҥхотун толорбуттарын астына иһиттибит, олус сэргээтибит. Кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары 1 Тыыллыма нэһилиэгин баһылыга Руслан Афанасьев, СӨ Олоҥхо Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина, Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванова эҕэрдэлээтилэр.

Күн иккис аҥарыгар «Санаайа саһарҕалаах санаалара» дьиэ кэргэн, оҕо саас сылларынан оҕону иитиигэ олоҥхо оруолун тула аһаҕас кэпсэтии өрө күүрүүлээхтик барда. Кыттааччы ыччаттар, олохтоохтор бука бары санааларын сайа этиннилэр, мөккүһүү да баар буолла, кыайтарбат кыһалҕалары быһаарарга сүбэлэстилэр, бары да уран тыллаах-өстөөх ыччаттар мустубут буолан этэн-тыынан, элбэх саҥа толкуйдары үөскэттилэр.

Аһаҕас кэпсэтии кэннэ олоҥхону оллоонноон олорон истии буолла. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: бырайыак ааптара, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора Галина Семеновна Попова-Санаайа; СӨ Олоҥхо Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Васильевна Шишигина; Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова; СӨ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ Ульяна Михайловна Флегонтова; 1 Тыыллыма нэһилиэгин элбэх хайысхалаах сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, тэрийээччи Виталий Витальевич Никифоров.

«Куйуур олоҥхото» күрэх иккис күнүгэр, кулун тутар 31 күнүгэр, үгэс быһыытынан бука бары Лүкээрики эбэҕэ киирэн көмүс хатырыктааҕы үөрэ-көтө куйуурдаатыбыт. Быйылгы «Куйуур олоҥхотугар» бары 12 олоҥхону толорооччу ыччаттар: Мира Егорова, Бөтүҥ, Амма улууһа; Сайыына Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү улууһа; Айта Васильева, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһа; Прасковья Лебедева, Покровскай куорат, Хаҥалас улууһа; Нарыйаана Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү улууһа; Гаврил Менкяров, Дьокуускай куорат; Анатолий Захаров, Чурапчы; Арчыман Номоҕон, Ытык күөл, Таатта улууһа, Егор Никифоров, Бөтүҥ, Амма улууһа; Зинаида Бураева, Амма; Марфа Аммосова, Дьанхаады, Мэҥэ Хаҥалас улууһа кытыннылар. Быйылгы күөн күрэскэ бары да ааттаах-суоллаах, улахан күрэстэр кылаан кыайыылаахтара илин-кэлин түсүһэн бэрт тыҥааһыннаах олоҥхону толоруу буолла.

Түмүккэ: «Кэскиллээх олоҥхоһут” анал ааты саамай эдэр кыттааччы Нарыйаана Шамаева, (Тааһаҕар, Бүлүү), 1 Тыыллыма нэһилиэгин Аркадий Алексеев аатынан элбэх хайысхалаах култуура дьиэтин анал бирииһин ылла; «Түөлбэ олоҥхотун утумнааччы» анал ааты Егор Никифоров (Бөтүҥ, Амма) уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын анал бирииһин ылла (баһылык Р.В.Афанасьев); «Удьуор утумун тутар олоҥхоһут» анал ааты Сайыына Шамаева (Тааһаҕар, Бүлүү) уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин «Улуу Тоҕой» түмсүү, «Күнчээн» оҕо уһуйаанын (салайааччы Н.В.Дайбаннырова) анал бириистэрин ылла; «Хомоҕой тыллаах олоҥхоһут» Анатолий Захаров (Чурапчы) уонна Мария, Станислав Ивановтар С.З.Борисов аатынан 1 Тыыллыма орто оскуолатын салайааччы К.А.Захаров анал бириистэрин ылла; «Уһун тыыннаах олонхоһут» анал аат Мира Егорова (Бөтүҥ, Амма) уонна СӨ Олоҥхо Ассоциациятын анал бирииһин (салайааччы Ф.В.Шишигина); «Кылыһах ырыалаах олоҥхоһут» анал аат Айта Васильева (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас) 1 Тыыллыма нэһилиэгин учаастактааҕы балыыһатын (салайааччы А.В.Меркулова) анал бирииһин ылла; «Түһүлгэлээх олоҥхоһут» анал аат Станислав Иванов (Майа, Мэҥэ Хаҥалас) уонна «Альтернатива» ХЭТ, «Армон» ХЭТ (салайааччы М.В.Бродников) анал бириистэрин ылла; «Тэтими тутар олоҥхоһут» анал Марфа Аммосова (Дьаҥхаады, Мэҥэ Хаҥалас) уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин «Улуу Тоҕой» түмсүү, СӨ Олоҥхо Ассоциациятын анал бириистэрин ылла.

«Куйуур олоҥхото–2024» күрэххэ: Зинаида Бураева (Амма) 3-с добун суругу уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга методическай киин салайааччыта Галия Артемовна Герасимова уонна Олоҥхо Ассоцияцията туруорбут 15000 солкуобай суумалаах сэртипикээти тутта; Арчыман Номоҕон (Ытык Күөл, Таатта) 2-с добун суругу уонна Олоҥхо Ассоциациятын 20000 солкуобай суумалаах сэртипикээтин тутта; Прасковья Лебедева (Покровскай куорат, Хаҥалас) 1-кы добун суругу уонна Галина Семеновна Попова-Санаайа туруорбут үрүҥ көмүс бастыҥатын уонна Олоҥхо Ассоциациятын 25000 солкуобай суумалаах сэртипикээтин тутта.

Дьэ уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи онус төгүлүн ыытыллыбыт «Куйуур олоҥхото-2024» ыччат олоҥхону толорооччулар түһүлгэлэригэр муҥутуур Кылаан Чыпчаал кыайыылаах аатын Дьокуускай куораттан Гаврил Менкяров ылыан ылла. Киниэхэ «Монолит» тэрилтэ салайааччыта Захар Николаевич Яковлев 30000 солкуобайы уу харчынан, ону таһынан Олоҥхо Ассоцияцията туруорбут 50000 солкуобай суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.

«Куйуур олоҥхото-2024» онус төгүлүн ыытыллар күрэс киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста. Бука бары кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ барҕа махтал тыл буоллун!

 

Айта Васильева,

Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта.