Бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр «Үүттээх чэй» ыччат бэстибээлэ ыытыллар.
Сарсыарда 11 чаастан Комсомольскай болуоссакка бэстибээли үөрүүлээхтик аһыы кэннэ ыччаттарга интэриэстэринэн былаһааккаларынан үлэ саҕаланна. Күн бастакы аҥаарыгар Дьокуускай куораттан кэлбит ыалдьыттарбыт биирдиилээн хайысхаларынан спикердер, чуолаан урбаан эйгэтигэр «Мой бизнес» менеджерэ Петр Чичигинаров, «Тус бренд» блогер Ольга Птицына‒Sofinewe, «НКО уонна граннар» СӨ ресурснай киинин менеджереэ Алена Иванова, «Көрдөрөр-иһитиннэрэ эйгэ» Саха тэлэбиидэнньэтин дириэктэрэ Олег Колесов, «Саха» НКИХ ыытааччыта Аскалон Семенов, « Эдэр пиэрмэр» «АПК ресурснай киинэ» өҥөнү оҥорууга салаатын экэнэмииһэ Константин Максимов, «Хомуска маастар кылаас» импрвоизатор-хомусчут Айсен Дьоллоохов, «Спорт-Блогер» «Body Line» киинин дириэктэрэ Гаврил Винокуров былаһааккаларга салайдылар.
Эбиэт кэннэ ити үөһэ ааттаммыт спикердэр эмиэ үлэлэрин салҕаатылар. Кинилэргэ «Уруһуйга маастар кылааһы» ыытааччы худуоһунньук Аграфена Пономарева кыттыста.
Киэһэ 5 чаастан «Гитаранан ырыа киэһэтэ» саҕаланыаҕа. Бэстибээли түмүктүүр тэрээһининэн киэһэ 7 чаастан «Rave» кэнсиэр буолуоҕа. Онно ыччат сөбүлээн истэр ырыаһыттара ‒ Kitjan, Snow Voice, Имана, Николай Никифоров, Арыйаан, Дайаана, Какитока, Розанна Зыкова, Kyn SoL, Максим Дмитриев, Василий Новоприезжай, Айса, Нарыйаана Куо, Диджей Далан кыттыыны ылыахтара.