Үүнэр көлүөнэни ускуустуба кэрэ эйгэтигэр уһуйа туруоҕа

Национальнай бырайыак: «Култуура»

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр улууспутугар биир кэрэ-бэлиэ күн үүннэ. Бүгүн Майаҕа М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын дьиэтэ хапытаалынай өрөмүөн кэннэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Бу дьиэҕэ муусука оскуолата 1999 сылтан көһөн кэлбитэ. Ити кэмтэн ылата тиһигин быспакка өрөмүөннэр ыытыллан кэлбиттэрэ. Ол эрэн маннык улуахан өрөмүөн бара илигэ. Быйыл ыытыллыбыт хапытаалынай өрөмүөн үбүлээһинэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит  хас да национальнай бырайыактарыттан биирдэстэриттэн ‒ «Култуура» бырайыагынан көрүллүбүтэ. Өрөмүөн үлэтэ быйыл саас муус устар ыйтан саҕаланан атырдьах ыйынан  түмүктэннэ.

Оскуола иһэ-таһа саҥардыллан аныгы тупсаҕай көстүүлэннэ. Бэйэбит олохтоох тутааччыларбыт, оҥорон таһаарааччыларбыт – “Мэҥэ тутуу” оҥорон таһаарар кэпэрэтиип,  Никифор Дмитриев “Бачыым”, Сергей Холмогоров “Пластмастер”, Павел Цыпандин “Дабаан” чааһынай тэрилтэлэрэ кылгас кэм иһигэр улахан кээмэйдээх үлэни толордулар. Онон оҕолор саҥа үөрэх дьылын аһыллыытыгар саҥардыллыбыт оскуолаларыгар үөрэнэр кыахтаннылар.

Быйыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр төрүттэммитэ 65 сылын бэлиэтиир Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата баай устуоруйалаах. Оскуола бастакы үөрэнээччилэринэн Галина Шахурдина,  Виталий Андросов, Сергей Попов, Анатолий Стручков, Галина Варламова о.д.а. курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр киэҥник биллэр муусукааннар, мелодистар, учууталлар буолаллар. Бу үөрэх кыһатыгар араас сылларга Владимир, Лидия Степановтар, Виктор Жирков, Надежда Левина, Зоя Степанова, Дария Винокурова, Николай Охлопков курдук муусука эйгэтигэр оҕолору уһуйууга бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт улахан уопуттаах учууталлар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Үөһэ ахтан аһарбыппыт курдук, хапытаалынай өрөмүөн “Култуура” национальнай бырайыагынан ыытылынна. Манна даҕатан эттэххэ, биэс сыллааҕыта оскуола 60 сылын көрсө эмиэ бу национальнай бырайыагынан, сүрүннээн федеральнай уонна эбии өрөспүүбүлүкэтээҕи үбүлээһин көрүллэн, уопсайа 6 мөл. 241 тыһ. солк. суумаҕа муусука инструменнара, тэриллэрэ уонна литературата атыылаһыллыбыттара.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Анна Исакова, оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Василий Захаров эҕэрдэ тыл эттилэр, наҕараадалары туттардылар. Кинилэр 1958 сылтан үлэлиир өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх оскуола үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар туйгун үөрэҕи, үлэҕэ-хамнаска үрдүк ситиһиилэри баҕаран үтүө тылларын тиэртилэр.

‒ Оскуолаҕа олус тупсаҕай өрөмүөн ыытыллыбыт, онон, бастатан туран, тутууну ыыппыт үлэһиттэргэ, биригээдэлэргэ, тэрилтэлэргэ бэйэлэрин дууһаларын ууран туран үлэлээбиттэригэр махталбын тиэрдиэхпин уонна кинилэри хайҕыахпын баҕарабын, ‒ диэн эҕэрдэ тылыгар СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов эттэ. ‒ Улахана суох үпкэ саҥалыы тутуу ыытыллыбыт.  Аҕыйах хонуктааҕыта дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Муусука Үрдүкү оскуолатын 2026 сылга диэри тутан үлэҕэ киллэрэргэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрбитин бары үөрэ иһиттибит. Саха сиригэр баар хас биирдии муусука, ускуустуба оскуолатын ис хоһооно, салалтата, үлэтин туһаайыыта ‒ оҕолору инникигэ, үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыннаран өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа тэриллибит үөрэх тэрилтэлэригэр иитээччилэри, үөрэтээччилэри иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарыы. Бу оскуола иитиллээччилэрин биһиги барыгытын култуура эйгэтигэр кэтэһэбит. Култуура эйгэтигэр инникитин да Мэҥэ Хаҥалас улууһун ааттатар ыччаттар үүнэн-сайдан тахсалларыгар баҕарабыт.

Миниистир оскуолаҕа 2024 сылга муусука инструменнарын атыылаһарыгар 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти оскуола дириэктэригэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр  Василий Захаровка, оҕону иитиигэ өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин оскуола байаан кылааһын преподавателигэр Ньургуйаана Поповаҕа СӨ култууратын туйгуна ааты сүкпүтүн дастабырыанньаны, бэлиэни туттарда. Өрөмүөн үлэтигэр кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык ыытыыга үлэлэспит дьон министиэристибэ Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.

Улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Анна Исакова оскуолаҕа саҥа миэбэл атыылаһалларыгар 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти бэлэх уунна.

Улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов өрөмүөн үлэтин тупсаҕайдык уонна  хаачыстыбалаахтык ыыппыттарыгар  тутааччыларга истиҥ тыллары этэн туран  улуус баһылыгын Махтал суруктарын туттарда. Василий Валерьевич Култуура министиэристибэтин салалтатыгар тыа сиригэр култуура эбийиэктэрэ тутуллалларыгар, саҥардыллан, тупсарыллан өрөмүөннэнэллэригэр федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ үбүлээһиннэри туруорсууга былааннаах үлэни-хамнаһы ыыталларыгар махтанна.

Быйылгы үөрэх дьылыгар ускуустуба оскуолатыгар 294 үөрэнээччи аҕыс отделениенан үөрэнэ киирдэ. Кинилэри 25 үрдүк таһымнаах идэтийбит преподаватель, ол иһигэр 2 СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, 13 култуура туйгуннара кэрэ эйгэтигэр уһуйаллар. Аллараа Бэстээххэ уонна Хаптаҕайга художественнай кылаастарга филиаллардаах. Оскуола дириэктэрэ Василий Захаров үлэлиир, үөрэнэр усулуобуйа лаппа тупсарыллыбыта кэлэктииби, үөрэнээччилэр   инникитин өссө айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлииргэ эбээһинэстиирин бэлиэтиир.

Кырдьыга да оннук, маннык киэҥ-куоҥ, сырдык, ыраас оскуолаҕа ускуустуба кэрэ абылаҥнарыгар ылларан оҕолор үөрэ-көтө кэлэн үөрэниэхтэрэ. Юрий Розум аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүү куонкуруһун дипломана, 2014 с. Арассыыйа култуураҕа бастыҥ тэрилтэтэ, 2022 с. түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ “Бастыҥ оскуолата” ааты чиэстээхтик сүгэр М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын кэлэктиибэ саҥардыллыбыт дьиэҕэ-уокка кэнчээри ыччаты кэрэ эйгэтигэр уһуйууга ситиһиилээхтик айа-тута турарыгар бүк эрэнэбит.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһин оскуола үөрэнээччилэрин эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.

 

Алена ДОКТОРОВА.